Икки бастаахтар Саха сирин тумнубатахтара

Икки бастаахтар Саха сирин тумнубатахтара

06.10.2024, 15:00
Хаартыска: социальнай ситимнэртэн.
Бөлөххө киир:

Аныгы үйэҕэ икки бастаах кыыл дуу, ньирэй дуу төрөөбүт буоллаҕына, һуу-һаа буолан социальнай ситими толорон кэбиһэбит. Оттон былыр маннык төрүөх эн хотоҥҥор төрөөтүн эрэ, чиччик ньирэй,  абааһы буулаата диэн баран, били барахсаны сонно барыахтаах сиригэр утаара охсоллоро. Бука ойуун да кыыран дьигиһийэр буолуохтаах. Чугастааҕы алаас ыаллара куттанан таарыйбат да ыаллара буолуоххун сөптөөҕө.

Былыргы номохторго эмиэ бааллара

Дьиҥэр, элбэх төбөлөөх харамайдарынан аан дойду үһүйээннэрэ тобус-толорулар. Былыргы Эллада дьоруойа Геракл 12 хорсун быһыытыттан биирдэстэрэ хас да бас­таах Лернейскэй гидраны кытта охсуһуута буолар. Бу гидра баһа быһыннаҕын аайы саҥа бас үүнэн иһэр эбит. Ол иһин Геракл быраатын Иолайы ыҥырбыт. Итиэннэ быстыбыт бас оннун уотунан түүрэ сиэтэн испиттэр. Дьэ маннык элбэх бастаах гидра чахчы айылҕаҕа үөскүү сылдьыбыта буолуо дуо? Баар буолан, соһуйбут-уолуйбут дьон итинник үйэлэр тухары кэпсэл оҥостон хааллардахтара. Палеонтологтар мөлү­йүөнүнэн саастаах таастыйбыт иккилии бастаах эмбрионнары булаллара да ону кэрэһилиир.

Икки бастаах олох

Харамайдарга баар маннык икки эбэтэр онтон элбэх бастаах көстүү полицефалия диэн ааттанар. Холобур, икки бастаах эриэн кыыл хайдах олохтооҕун көрүөххэ? Биллэн туран, дьиикэй айылҕаҕа уһуннук олороро саарбах. Тоҕо диэтэххэ бастара тус-туспа мэ­­йиилээхтэр. Аһылык иһин улахан күрэстэһии барар эбэтэр биир баһа аһыан баҕарарын, иккиһэ тот соҕустук сананар буолуон сөп. Икки бастаах сылдьан, сиэмэхтэн куотар уустук. Дьэ манна “биир төбө үчүгэй, икки өссө ордук” диэн өйдөбүл өлөрөн түһэрэр. Хамсаныы бытаарар, биир бас уҥа диэки сыылыан баҕарыа, иккис бас диэки, оттон уопсай субурхай эттэрэ-сииннэрэ миэс­тэтигэр турар буоллаҕа. Аны уйаҕа да киирэрэ уустуктаах, хойутаа­быт бас мэһэй буоларыгар тиийэр. Киһи иитэр тот усулуобуйатыгар эрэ маннык үөн балачча уһуннук олоруон сөп.

Итии салгын эбэтэр мутация дьайыыта?

Билигин генетикаҕа би­­лии-көрүү элбээн, маннык көстүү төрүөтүнэн буолуон сөп мутациялары уонна клеточнай аномалиялары үөрэтии бара турар.

Холобур, 2013 с. Мекси­канскай хомоҕо оҕус акула икки бастаах эмбриона көстүбүтэ. Эһиилигэр Турция сөтүөлүүр сиригэр икки бас­­таах дельфин булуллубута. Бу икки түбэлтэни биир яйцекилиэккэттэн сайдыбыт эрээри, кэлин кыайан арахсыбакка хаалбыт “сиамскай игирэлэр” көстүүлэрэ диэн быһаарбыттара. Полицефалия үөскүүр иккис төрүөтүнэн, генети­ческэй мутация буолар. Үөскэх сайдан эрэр кэмигэр сабыдыаллаатаҕына, хас да бас­­таах харамай төрүүрүгэр тиэрдэр. Үһүс төрүөт, химическэй биэссэстибэлэр уонна сорох токсиннар дьайыылара. Холобур, пестицидтэр уонна ыарахан металлар дьайыыларыттан хастыы да төбөлөөх кууруссалар, көтөрдөр төрөөбүттэрэ биллэр.

Үөскэх сайдар кэмигэр туох мэһэйдэһэн, маннык төрүөх тахсан кэлэрин учуонайдар үөрэтэ-чинчийэ сатаабыттара ыраатта. Араас сабаҕа­лааһын барыта баар. Биология билимин учуонайа Архат Абжанов биир сабаҕалааһынынан, тулалыыр эйгэ температурата буолуон сөп диир. Кини лабаратыары­йатыгар пиэрмэттэн үөскэхтэммит куурусса сымыыттарын аҕалаллар эбит. Онно учуонайдар ип-итии күннэргэ дьиибэ быһыылар буолалларын бэлиэтии көрбүттэр.

“Салгын температурата 30 кыраадыстан тахсар кэмигэр араас аномалиялар, ол иһигэр икки бастаах үөскэхтэр тахсан кэлэллэр”, – диир эбит бу ­учуонай.

Дьиибэтэ диэн, бу дьа­йыыны атыттар эмиэ бэлиэтии көрбүттэр. Холобур, биир биолог уулаах сирдэргэ температура үрдүүр кэмигэр да­­нио-рерио балыктарга икки бас­­таах эмбрионнар элбии түһэл­лэрин булбут. Билигин учуо­найдар итии салгын уонна аномалия үөскүүр төрүөттэрин холбуу тутан чинчийэл­лэр. Полицефалия үөскүүр төрүөтүн, ону хайдах тохтотору үөрэтии туохтан генетическэй аномалиялар үөскүүллэрин билиигэ, ону эмтииргэ наадалаах.

Саха сирин дьиктилэрэ

Биһиги Сахабыт сирэ онтон хаалсыбат. ХХ үйэ 70-с сылларыгар бэтэринээр Потап Иванов икки бастаах ньирэй төрөөбүтүн Сунтаар улууһу­нааҕы Элгээйи түмэлигэр туттарбыта. Былыргыта буоллар, ыал олоҕун огдолутуохтаах ньирэй сэбиэскэй кэмҥэ төрөөн хаалан, түмэл биир сэдэх эспэнээтэ буолан турдаҕа.

Соторутааҕыта Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа сэлиэнньэтигэр икки бастаах таба көһүннэ диэн аан дойду ситимин хайа тардыбыппыт. Өскөтө ньирэй төрүүрэ уруккуттан баар көстүү эбит буол­лаҕына, икки бастаах тугут өссө төрүү илигэ, бу бастакы түбэлтэ буолар. Аны күһүҥҥү вакцинация кэмигэр булбуттар, ол саҕана биэс ыйын туол­бут тыһы таба эбит, сайыны быһа иккис баһын салыбыраппытынан сырыттаҕа дии. Хата,  сытыйбатаҕар баһыыба. “Таба иккис баһа ситэ сайдыбатах, айах­таах. Көҥүлгэ сылдьан төрөөбүт буолан, бу саҥа көрдүбүт. Урут үстүү туйахтаах табалар төрүүллэр этэ”, – диэн СИА-ҕа табаһыт Роман Туприн кэпсээбит.

Николай Винокуров, бэтэринээринэй билим дуоктара:

– Урут да Саха сиригэр полицефалия түбэлтэлэрэ тахсаллара. Бу ордук ньирэйдэргэ баар көстүү. Кэлиҥҥи 25 сылга иккилии бастаах ньирэйдэр Таатта уонна Ньурба улуустарыгар төрөөбүттэрэ. Ол төрүөтүнэн генетическэй мутация уонна килиэккэлэр сыҕарыйсыылара буолуон сөп. Ол аата үөскээн баран кыайан арахсыбакка хаалбыт игирэлэр. Игирэлэр тэҥҥэ буоһатыллыбыт икки тус-туспа үөскэхтээх яйце-килиэккэлэртэн төрөөн тахсаллар. Оттон хайа эрэ түбэлтэҕэ бу  яйцекилиэккэ сорҕото эрэ биир эттээх-сииннээх эрээри, икки ситэ сайдыбатах үөскэхтэргэ арахсан хаалыан сөп. Итинник икки бастаах харамайдар киһи аймах баарын тухары бааллара.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: