Икки игирэ ньирэйдээх Масаха Мэхээс
Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга үлэлэһэр блогер Масаха Мэхээс соторутааҕыта хотон туттан киирбитин туһунан социальнай ситимнэринэн видеоҕа устан кэпсиирин, бары истэ-билэ сылдьабыт.
“Саха сирэ” хаһыакка үлэ-хамнас хайдах баран иһэрин туһунан Масаха Мэхээстиин анаан кэпсэттибит.
Инвесторга таба тайаныы
– Хотон туттан, сүөһү ииттэр санаа эйиэхэ хаһан киирбитэй?
– Бастаан уопсай симиэтэ оҥорбутум. Быһа холуйан, 500 тыһыынча солкуобай курдук тахсыбыта. Ол иһин “бу суумаҕа хотон тутуохха сөп эбит” диэн эрэх-турах санаммытым. Ордук харчым суоҕунан, инвестор көрдүүргэ санаммытым. Хотон баар буолла да, ынах-сүөһү көстөн иһиэҕэ диэн санааҕа кэлбитим. Ити быйыл балаҕан ыйын саҕаланыытыгар этэ. Араас тэрилтэлэргэ сылдьан этии киллэрбитим. Тутуу тэрилтэлэрин эмиэ “өҥөйбүтүм”. Бастатан туран, ”Россельхоз” баан өйөөбүтүгэр махтанабын. Ол эрээри ”быйыл буолбакка, эһиил” диэбиттэрэ. Онтон салгыы “Туймаада” агрохолдиҥҥа таба тайаммытым. “Биһиги маннык киһини көрдүү сылдьабыт, онон бииргэ үлэлэһиэххэ” диэн салайааччы Петр Ефремов бырайыакпын тута өйөөбүтэ. Онон хотон тутуута саҕаламмыта. Каркааһын күтүөттэрбин кытта бэйэм туппутум. Сүрүн үлэтин кинилэр оҥорбуттара. Ол тимир каркааска ”Туймаада“ ФАПК сэндвич уонна минбаата курдук тутуу матырыйаалларын атыылаһан биэрбитэ. Истиэнэтин халыҥа – 15-20 см. Сотору кэминэн бэйэм дьиэбинээҕэр халыҥ истиэнэлэрдээх хотон дьэндэйэ түспүтэ. 6х7 кв. м иэннээх оттуллубат хотону ынах бэйэтин сылааһынан ититэр. Кууруссаларым сабыылаах хоско тураллар. Кыраадыһын эрэсиимэ 20-тэн тахса сылаас буолуохтаах эбит. Ынахтарга 5-10 кыраадыс сөп. Сүөһүм уута сылыйыан наада буолан, куурусса тутар хоспохпор турар.
Чопчу ааҕыы-суот
– Биллэн турар, төһө от, уу, эбии аһылык барара эмиэ суоттаннаҕа?
– «АгроЭксперт» ХЭУо тэрилтэни салайсар Михаил Мироновы кытта барытын олорон аахпыппыт: бачча от, эбии аһылык, уу ороскуоттанар диэн. “Оччотугар бачча үүтү ыаххын сөп уонна бу ирдэбили тутустаххына, ороскуоккун аа-дьуо сабаҕын” диэн эппиттэрэ. Ол эбэтэр аҕыйах ый иһигэр үчүгэй үүттээх ынаҕынан дохуоккар мөлүйүөнү куоһарыахха сөп эбит. Аһылыга ол мөлүйүөнтэн үс гыммыт биирэ буолар. Уопсайынан, мин аҕыс төбөнү тутардыы толкуйдаабытым. Онно бэйэм оттообокко, атыылаһан эрэ, 300 тыһыынча солк. ороскуот тахсыбыта. Онон икки ыанар ынахпын олох үчүгэйдик көрдөхпүнэ, ити былаан туолуон сөп. Үүт туттаран буолбакка, үүтү атыылаан.
Уустуктары анаан көрсүү
– Туох уустуктары көрүстүҥ?
– Миэхэ, хаһан да сүөһү көрбөтөх киһиэхэ, биллэн турар, бастаан саҕалыырбар уустук этэ. Урут эдьиийбэр Төхтүргэ Дуунньа Холмогороваҕа оттоһор эрэ этим. Ынаҕы ыраахтан эрэ көрөр киһи этим буоллаҕа. Сатаан балбаах да оҥорбот эбиппин. Уустуктары көрсүү миэхэ эгэ эрэ. Ол кыаллыбат өрүтү быһаара эрэ сылдьан, үгүскэ үөрэнэр буоллаҕым. Онон уустуктары анаан көрсө сатыыбын.
Ийэтигэр-аҕатыгар тиийэ үөрэтии
– Ханнык боруода ынаҕы тутаҕын?
– Агрохолдины кытта ньирэйдээх ынахтары уларсарга кэпсэппитим. Өссө эспиэр уолаттары биэрэн, Хаҥалас Нөмүгүтүгэр тиийэн агрохолдинг хотонуттан анаан талан ылбыппыт. Эбиитин ол ылар ынахтарым ханнык ыйга сиэмэлэммиттэрин, ийэлэрин-аҕаларын үөрэппиппит. Быһата, барытын учуоттаан, ааҕан-суоттаан, саҥа хотоммутугар икки ынаҕы аҕалбыппыт. Ынахтарбын иккиэннэрин бэйэм оҕолоон төрөттүм. Биирэ икки игирэ ньирэйдэннэ. Ийэлэрэ – австрийскай сэмэнтээл. Бу үүттээх боруодалар. Үчүгэйдик көрдөххө-иһиттэххэ, 5 туонна үүтү аа-дьуо биэрэллэр.
Батыһыннарыылаах холобур
– Масаха, эн блогер буоллаҕыҥ. Публичнай киһи буоларыҥ үлэҕэр-хамнаскар төһө көмөлөһөрүй?
– Син туох эрэ оруолу оонньообута буолуо. Ол эрээри блогерыттан, биллиилээҕиттэн тутулуга суох, ким баҕарар сорук туруоран, ону олоххо киллэрэригэр хайдах баҕарар хамсаныан сөп. Мин блогер буолан төрөөбөтөҕүм. Хаһаайыстыба тэриммитим кэннэ 100-тэн тахса ыччат “эн холобургун батыһыахпын баҕардым” диэн суруйда. Ол иһин ”Туймаада“ ФАПК исписэлиистэрин кытта саҥа саҕалааччыларга анал куурус бэлэмнии сылдьабыт. Толкуйданан эрэр ыччаттарга көмө, өйөбүл, сүбэ наада.
Батарыы кыаллар
– Үүккүн киилэтин 200 солкуобайга сыаналаабытыҥ батарыыта кыаллар дуо?
– Дьон өссө чэпчэки диир ээ. Бороһуок үүт, аччаабыта 150 солкуобай буоллаҕына, мин оҥорон таһаарар сибиэһэй үүтүм 50 солкуобайынан эрэ араастаһар. Тохсунньу уонна олунньу ыйдарга үүт суох кэмэ. Онон сыанам сөптөөх, хамаҕатык атыыга барар. Сүөһүм билигин 7 төбө: 5 ньирэй 2 ынах. Саас өссө уулаах саха ынаҕын ылан төрөтүөхтээхпин. Үүтүн ыан боруобалаан көрүөхпүт. Бу икки ынаҕым үүттэрэ атыылаһыллыбыт отум ороскуотун биир-икки ый иһигэр сабыахтаах. Ынахтарбын Эбэ уһуктан, сырыы олохтонноҕуна, төннөрөбүн.
Бэйэ аһа
– Сүрэҕэлдьиигин дуо? Үөрэнэ илик киһиэхэ уустук буолуо?
– Оо, сүрэҕэлдьиирим ханна барыай? Олоҕум укулаата уларыйан, этим-сииним эрдэ турарга-олорорго “стресстиир”. Ол эрээри кэлин үөрэнним. Эппиэтинэс күүһэ бэрт – тыынар тыыннааҕы кэмигэр аһатыахха-сиэтиэххэ наада. Иккис ыйбын ураты эрэсииминэн үлэлиибин. Бу күннэргэ оҕолорбор бэйэм ыабыт үүппүттэн мип-минньигэс суорат оҥорон сиэттим. Дьонум үөрэн бөҕө. Ол буоллаҕа дии, саамай кылаабынайа!
Эппиэтинэһи сүктэрии
Кэпсэтиибит түмүгэр Масаха Мэхээс бэркэ да бэлиэтээтэ: “Орто Азияҕа икки сиргэ олоро сырыттым. Саха киһитэбин диибин да, төрөөбүт дойдубар отуппар диэри тус ааппар биир бас билэр учаастагым да, дьиэм да, хотонум да суоҕа. Ити мин көлүөнэбэр үксүгэр оннук буолуо. Дьиҥэр, төрөппүт оҕото сокуоннай сааһын ситтэ да, дьиэтин-уотун өлүүлээн киниэхэ суруттаран баран, “мантан инньэ хаһаайыстыба эн эппиэккэр, болҕомтоҕор киирэр. Хайдах сатанарынан дьаһан” диэтэҕинэ, эппиэтинэһин өйдөөн, дьонун бэйэтин кынатыгар ылан, олоҕун атыннык дьаһаныа этэ. Итинник санаа миэхэ да соторутааҕыта үөскээбитэ. Аҕам тыыннааҕар миэхэ бэйэтин тиэргэнин бас билиигэ хаалларбыта. Ол эрэ кэнниттэн “бу мин учаастагым, бас билэр сирим” диэн харыстыыр, сайыннарар толкуй үөскээбитэ. Онон оҕону борбуйун көтөҕөөтүн кытта “бу эн бааһынаҥ, хотонуҥ, сүөһүҥ” диэн санаалаах иитэр уолдьаста”. Манна киһи тугу эбэн этиэй?…
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: