Икки киһи өлүүлээх суол быһылаана таҕыста (ВИДЕО)
Бүгүн, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, күнүс эбиэт диэки Дьокуускай куорат Бүлүүлүүр суолун 5 км икки киһи өлүүлээх суол быһылаана тахсыбыта.
Эбиэт кэнниттэн Саха сирин ИДьМ ГИБДД управлениетын начаалынньыга Александр Архипов иһитиннэрбитинэн, 1989 с.т. «Тойота» мааркалаах массыына суоппара утары суолга тахсан, ЗИЛ массыынаны кытары харсыспыт. Кыра массыына суоппара уонна инники олорон испит киһи миэстэтигэр тута өлбүттэр. Оттон кэнники олбоххо олорсон испит кыыс эт-хаан эчэйиитин ылан, ыарахан туруктаах балыыһаҕа киирбит.
Барыллаан быһаарыынан, суоппар эрдэ итирик туруктаах сылдьан, массыына уруулугар олорон уонна итирик туруктаах хаста даҕаны тутуллан административнай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт.
Салгыы Саха сирин ИДьМ ГИБДД управлениетын начаалынньыга Александр Архипов быһаарыытын истиҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: