Икки киилэлээх собо — 600 солкуобай!
Бэҕэһээ «Сайсары» бааһынай ырыынагар таарыйан аастым. Сарсыарда эрдэ буолан, атыылааччы да, атыылаһааччы да аҕыйах.
Киирии аантан балык атыылааччылар тураллар. Соботтон саҕалаан уомулга тиийэ, балык арааһа элбэх. Эдьигээн собото диэн сүүнэ улахан балыгы биир дьахтар атыылыы турар. Биир устууката икки киилэттэн тахса диир. Сыаната — 600 солкуобай. Бачча улахан амтана, минньигэһэ суох буолуо диэбиппэр: «Аһара минньигэс, эмис бөҕө», — диир. Итиччэ улахан собону киһи туох иһиккэ буһарара эбитэ буолла?!
Кэбээйи, Уус Алдан собото кээмэйиттэн көрөн сыаната араастаһар. 200-тэн 380 солкуобайга диэри баар.
Ыраастаммыт бэлэм чыыры киилэтин 1300 солк. атыылыыллар. Улахан кээмэйдээҕэ — 1600 солк.
Эт атыылааччы аҕыйах. Убаһа этэ сыаната түстэ диэн биир атыыһыт этэр. Суруллубут сыанатыттан 1600 солк. диэри чэпчээтэ диир. Ынах этэ киилэтэ 700 солк. саҕаланар.
Убаһа хаана — 2000 солк., ынах хаана -700 солк., ынах иһэ киилэтэ — 500 солк. Тоҥ үүт — 150 солк.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: