Икки куолаһынан ыллыыр ураты талааннаах Светлана Гоголева-Сергеева (ВИДЕО)
Бу күннэргэ Саҥа дьыллааҕы сыанаҕа тайахтаах эмээхсин дьахтардаах эр киһи куолаһынан ыллыыр ураты видеота тарҕанан, Саха сирин олохтоохторун сөхтөрдө.
Сорохтор итэҕэйбэккэ “сымыйа, таҥан оҥоруу” дииллэр, атыттар “дьиҥнээхтик ыллыыр” дэһэллэр. Чахчытын билээри дьонтон ыйыталаһан ырыаны толорооччу, Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтооҕо Светлана Гоголева-Сергееваны кытта сибээстэһэ сырыттыбыт. Светлана Гоголева-Сергеева култуураҕа сыһыаннааҕа, анал үөрэхтээҕэ бу кылгас биир ырыаттан тута көстөр. Аҕыйах мүнүүтэ кэпсэтиибит кэмигэр дьахтардаах эр киһи куолаһынан саҥаран миигин улаханнык сөхтөрдө.
— Светлана Георгиевна, ити курдук икки куолаһынан хаһааҥҥыттан ыллыыгын?
— Маҥнай дьээбэлэнэн аҕам суруйбут хоһооннорун ырыа гынан ыллыыр этим. Сыанаҕа көрдөөх кэпсээннэрим, соһо сылдьар сонуннарым, көрүдьүөстээх түгэннэрим быыһыгар икки эр киһи кэпсэтиитин икки куолаһынан ыллааччым.
— Баҕар, төрүттэргэр ити курдук уратытык ыллыыр дьон баара буолаарай?
— Аҕам Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Георгий Георгиевич Сергеев хоһоонньут бэрдэ этэ. Бэйэтин кэмигэр Иван Арбиталааҕы, Саха сирин суруйааччыларын кытта элбэхтик алтыспыта. Бэйэтин уонна дьахтар куолаһынан синньэтэн ыллааччы. Аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Николай Сергеев “Тугун бэрдэй кэрэтэй” диэн өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллибит ырыаны айбытын таһынан, бэйиэт быһыытынан киэҥник биллэр. Онон айар үлэҕэ кырабыттан сыстаҕаспын диэххэ сөп.
— Икки куолаһынан ыллыыр төһө уустугуй?
— Маҥнай 1993 сыллаахха “Наара суохтарга” артыыстыы киирэрбэр эр киһи оруолун кыайан толорор кыахтаахпын дуу, суох дуу диэммин хас да төгүллээн холонон көрбүтүм. Оннооҕор биирдэ Уулаах Ааҥҥа дьүөгэбэр ыалдьыттыы тиийэн баран, эр киһилии таҥнан, саҥаран, дьээбэлээн дьахталлартан “кырбанан” турардаахпын ээ. Тамадалыы Хаҥаласка тиийдэхпинэ: “Уулаах ааннар абааһы дьоҥҥут, миигин эдэр эрдэхпинэ кырбаан тураҕыт”, — диэтэхпинэ соһуйаллар, кэпсээтэхпинэ күлэн быара суох олороллор. Ити түгэн кэнниттэн эр киһи оруолун толоруохпун сөп эбит диэн түмүккэ кэлбитим.
Уруккуттан кыралаан холоно, дьарыктана сылдьыбыт буолан, соччо ыарырҕаппаппын. Аҕам бэрт үчүгэй хоһооннору суруйталаабыта уонна сыанаҕа туруоруллубатах даҕаны айымньылар бааллар, инникитин ол айымньылары таһаарар былааннаахпын, дьиҥэр, дьахтардаах эр киһи куолаһынан толоруохпун баҕарабын.
— Бу Саҥа дьыллааҕы бэлэххин көрөөччүлэр чахчы биһирээтилэр, социальнай ситимнэринэн киэҥник тарҕанна. Тыла, матыыба кимиэнэй?
— Ити ырыа матыыбын бэркэ сөбүлүү истибитим, тылын ким суруйан биэриэн сөп эбитэ буолла диэн сэмээр ыйыталаһа сылдьыбытым. Былырыын саас Майа ТВ Валериятыгар: “Бу кытай ырыатын тылын тылбаастаан биэриэҥ буолаарай”, — диэн көрдөспүппэр – миэхэ номнуо баар, бэйэм суруйбутум быданнаата – диэн соһуппута. Тылын ааҕаат да тута сөбүлээбитим, судургу эрээри, саха киһитин сүрэҕин-быарын ортотунан киирэр, чахчы киһи дууһатын таарыйар тыллар, хайаан даҕаны ыллыахтаахпын диэн санааҕа кэлбитим. Ол сылдьан ыалдьан балыыһаҕа киирэн хаалбытым, бырааһынньык эрэ иннинэ тахсан, бэлэмнэнэ түһээт ыллаабытым, сэниэм суох этэ эрээри, эппит тылбын толордум.
Кытайдыы туох ис хоһооннооҕун билбит суох эрээри, саха киһитэ суруйбут тылларын толорооччу син биир чугастык, этинэн-сиининэн ылынар диэн бигэ эрэллээхпин, — диэн Светлана Георгиевна кылгастык кэпсиир.
Ырыа тылын ааптара Валерия Баишева: “Лоп курдук отут сыл анараа өттүгэр сарсыарда үлэлии баран истэхпинэ түөрт устуруокалаах тыллар бэйэлэрэ кутуллан киирбиттэрин күн бүгүҥҥэ диэри өйбөр хатаан илдьэ сылдьыбытым, ырыа иннинэ эр киһи ааҕар тылларын этэбин. Ырыа матыыбын эрдэ истээт да сөбүлээбитим. Манна даҕатан эттэххэ, төрөппүт эбэм Өлүөхүмэ Кыыллаах Арыытыттан төрүттээх, Вань Чунь Ким диэн кытай аҕалааҕын туһунан кэпсиирэ, ону сэбиэскэйдии Ваньчуркина диэн холбоон суруйбуттар. Билигин итинник араспаанньа ханна даҕаны суох. Баҕар, кытай хааным тардыбыта буолуо…
Ырыа тылбааһа табыллыбыт диэбиттэр гынан баран, мин кытайдыы билбэппин. Көннөрү матыыбын сөбүлээбитим, онно сөп түбэһиннэрэн икки сыллааҕыта, дьиҥэр, бэйэм айбыт хоһоонум. Дьиҥнээх кытайдыы ырыатын ис хоһоонуттан олох атын.
Светлана Георгиевнаны кытта уруккуттан алтыһабыт, Майа дьаһалтатыгар бииргэ үлэлээбиппит. Инникитин былааммыт элбэх, дьоммут-сэргэбит сөбүлээбит буоллахтарына өссө да киэҥ эйгэҕэ тахсар былааннаахпыт.
Биһиэхэ эмиэ олус сэргэх Саҥа дьыл буолла. Түгэнинэн туһанан уһулларга дьиэтин-уотун сыанатын көҥүллээбитигэр Харатааҕы “Айыллаан” кулуубун дириэктэрэ Василий Валерьевич Плотниковка, звукорежиссёр Прокопий Федоровка махталбытын тириэрдэбит”, — диэн санаатын үллэһиннэ. Эмиэ биир дьикти түгэн эбээт.
Ити курдук, Светлана Гоголева-Сергеева толоруутугар, кытай ырыатын матыыбыгар, Валерия Майа ТВ идиэйэтинэн уонна хоһоонун тылларыгар сахалыы тыыннаммыт ырыа Саха сирин олохтоохторугар Саҥа дьылынан сонун, ураты бэлэх буолан тилийэ көттө.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: