Татарстаҥҥа уонна Саха сиригэр икки улахан успуорт оонньуулара
Успуорт чулуулартан чулуулары, чаҕылхайтан чаҕылхайдары таһаарарын таһынан, хайа да кэмҥэ, хайа да дойдуга норуоту сомоҕолуур, судаарыстыбалар доҕордоһууларыгар далаһа буолар аналлаах. Быйыл бэс ыйыгар дойдубутугар успуорт эйгэтигэр аан дойду таһымнаах икки улахан тэрээһин буолан ааспытын бэлиэтиирбит наада. Бэс ыйын 11-24 күннэригэр Татарстаҥҥа БРИКС оонньуулара үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылыннылар. Уонна биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр “Азиябыт оҕолоро” түмүктэнэн эрэллэр. Бу икки күрэхтэһиилэр, туох да диэбит иһин, аан дойду успуордугар уонна дойдубут билиҥҥи устуоруйатыгар биир дьоһун миэстэни ылыан ыллылар.
БРИКС оонньуулара
Түмсүү туһунан кыратык кэпсээн ыллахха, билигин манна уон судаарыстыба киирэр: Арассыыйа, Бразилия, Индия, Кытай, Соҕуруу Африка, Саудовскай Аравия, Араб Холбоһуктаах Эмираттара, Иран, Эфиопия уонна Египет. Түмсүү 2006 сылтан тэриллэн үлэлиир. Сүрүн сыала-соруга диэн атыыны-тутууну, дойдулар экэниэмикэлэрин сайыннарыыга үлэлэһии этэ. Билигин өссө судаарыстыбаларга куттал суох буолуутун хааччыйыы боппуруоһун туруораллар.
Бу түмсүү 2009 сылтан саҕалаан экэниэмикэ, бэлиитикэ, атыы-тутуу, инвестиция боппуруостарыгар улахан сугулааны тэрийэн ыытар. Онтон 2017 сылтан норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай күрэхтэһиилэри тэрийэр буолбута. Бастакы Оонньуу Кытайга ыытыллыбыта. Кэлин Индияҕа уонна Соҕуруу Африкаҕа буолуталаабыттара. Өскөтүн бастакы түөрт оонньууларга БРИКС түмсүү чилиэннэрэ эрэ күрэхтэспит уонна үстүү-биэстии эрэ көрүҥҥэ киирсибит буоллахтарына, быйылгы Оонньуу БРИКС түмсүү таһымын хас да төгүл үрдэтэн таһаарда.
Оонньуулар быйыл бэһис төгүлүн ыытылыннылар. Барыта 82 дойдуттан 5600-тэн тахса спортсмен 27 көрүҥҥэ күрэхтэстэ. Саамай элбэх киһилээх хамаанданы Арассыыйаттан атын Белоруссия, Узбекистан, Кытай уонна Бразилия аҕалбыттар. Бу Оонньуулары сорох эспиэрдэр сайыҥҥы Олимпиадаҕа холоон суруйбуттар этэ. Кырдьык, БРИКС оонньуута саҥа ыытыллар диэтэххэ, таһымын ылыан ылла.
Манна даҕатан эттэххэ, балаҕан ыйыгар Москваҕа уонна Екатеринбург куоракка Доҕордоһуу күрэхтэһиитэ диэн эмиэ норуоттар икки ардыларынааҕы улахан күрэхтэһии буолаары турар. Манна 33 көрүҥҥэ спортсменнар күөн көрсүөхтээхтэр. Бу оонньуулар биир уратылара диэн тэрээһин кэмигэр салайааччылар, министиэристибэлэр икки ардыларыгар кэпсэтиилэр, кулуардар буолан ааһаллар. Бу, биллэн турар, судаарыстыбалар атах тэпсэн олорон кэпсэтиилэригэр, доҕордоһууларыгар улахан кылааты киллэрэр.
– Күрэхтэһии таһыма Олимпиадаттан итэҕэһэ суохтук ааста дии саныыбын. Бу маннык күрэхтэһиилэри ыытыы – эрэгийиэҥҥэ да, дойдуга да улахан тэрээһин. Бииринэн, чаҕылхай, чулуу спортсменнарбыт үүнэн тахсаллар, иккиһинэн, материальнай-тиэхиньиичэскэй баазабыт хаҥыыр, үсүһүнэн, чөл олоҕу тутуһууга төһүү буолар, төрдүһүнэн, норуоттар доҕордоһууларыгар далаһа уурар, биһиги эрэгийиэммитин, дойдубутун атын дойдулар билэллэр, – диэн иһитиннэрэр Татарстан салайааччыта Рустам Минниханов Оонньуулар түмүктэрин таһаарарыгар.
Рустам Нургалиевич этэрэ сөп. Тоҕо диэтэргин, ханна улахан күрэхтэһии, тэрээһин буолар да, ол туһунан үгүс дойду бэчээтэ киэҥ араҥаҕа суруйар, иһитиннэрэр. Күрэхтэһии нөҥүө норуот култуурата, духуобунай баайа, үгэһэ эмиэ тиийэр. Холобур, БРИКС оонньууларын, “Азия оҕолорун” кыттыылаахтара Сабантуйга, Туймаада ыһыаҕар сылдьыбыттара ураты суолталаах эбээт.
“Азия оҕолоро”
Билэргит курдук, бастакы “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы оонньуулар 1996 сыллаахха Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев көҕүлээһининэн Олимпиада төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө ыытыллыбыта. Сүрүн сыалынан Азия, Тиихэй акыйаан эрэгийиэннэрин түмүү этэ. Бастакы Оонньууларга аҕыс көрүҥҥэ күрэхтэспиттэрэ. Манна Казахстан, Кыргызстан, Монголия, Кытай, Корея Өрөспүүбүлүкэтэ, Таиланд, Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн Бурятия хамаандалара кэлбиттэрэ.
“Азия оҕолоро” Дьокуускайга бүтэһигин 2016 сыллаахха буолбута. Быйыл норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар ахсыс төгүлүн ыытылыннылар. Манна барыта 24 дойдуттан үс тыһыынчаттан тахса спортсмен кыттыыны ылла.
90-с сыллартан Оонньууларга көтүппэккэ сылдьар уонна Саха сирин куруутун өйүүр хамаандалартан мин Казахстаны ааттыам этэ. Хас сырыы ахсын казахтар хамаандаларын хаҥатан иһэллэр. Холобур, быйыл 300 киһилээх дэлэгээссийэнэн кытыннылар. “Биһиги хамаандабыт “Азия оҕолоругар” көтүппэккэ кыттар. Быйыл 24 көрүҥ баарыттан 19-гар кыттабыт. Казахстан уонна Саха сирэ доҕордуу өрөспүүбүлүкэлэр. Быйыл Казахстаҥҥа Саха сирин күннэрэ ыытыллыбыттара”, – диэн иһитиннэрэр Казахстан успуордун министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Дияс Укмет.
Кырдьык, 90-с сыллардаахха дойду үрдүнэн улахан кириисис бүрүүкээн турдаҕына, “Азия оҕолоро” сөҕүмэр оонньуулар этилэрэ. Михаил Ефимович оччолорго эппитэ баар: “Киһи аймах аҥаардас килиэбинэн эрэ олороро тутах. Киһи сайдарыгар саҥа саҕахтар, идеаллар наадалар. Ону биһиги күннээҕи түбүккэ үтүрүттэрбэккэбит эрэ хайдах дьоҥҥо-норуокка тиэрдэбитий? Ол иһин билигин, кириисис кэмигэр, кэнчээри ыччаппыт, кинилэр кэнэҕэскилэрин туһунан саныырбыт сөп. Кинилэр хайдах олоххо олоруохтарай, инникилэрин хайдах тутан барыахтарай? Бу туһунан үгүһү толкуйдаан баран, баҕа санаабын олоххо киллэрбитим”.
Дьэ, хайдахтаах курдук өтө көрүүнүй? Билигин бу туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин этэр.
– Саха сиригэр ыытыллар “Азия оҕолоро” хайа да өттүнэн куруутун үрдүк таһымнаахтык баралларын бэлиэтиэм этэ. Бу Оонньуулар Арассыыйаҕа, аан дойдуга оҕо аймах успуордун сайыннарыыга, норуоттар доҕордоһууларыгар киллэрэр кылаата сүҥкэн улахан, – диэн иһитиннэрбитэ Владимир Владимирович “Азия оҕолорун” кыттыылаахтарын эҕэрдэлиир суругар.
Манна сыһыаран эттэххэ, Владимир Путин, оччолорго Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлинэн олорон, иккис “Азия оҕолорун” 2000 сылга ыытарга диэн дьаһалга илии баттаабыта. Бу кэмтэн ыла Оонньуулар туспа былаахтанан, эмблемэлэнэн аан дойду барыта билэр улахан тэрээһинэ буола үүммүтэ, оҕо аймах успуордун сайыннарыыга биир дьоһун миэстэни ылбыта.
– “Азия оҕолоро” – бу биһиги духуобунай култуурабыт символа. Бастакы бэрэсидьиэммит Михаил Николаев инникини өтө көрөн, оҕо успуордун сайыннарыыга киллэрбит улахан кылаата. Билигин бу Оонньуулар аан дойду үрдүнэн оҕо успуордун күрэхтэһиилэриттэн саамай улаханнара. Биһиги итэҕэйэбит, успуорт ситимниир, сомоҕолуур, эйэлэһиннэрэр сүдү күүһүн “Азия оҕолоро” хас биирдии норуокка тиэрдиэхтэрин, – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитэ сөп. Тоҕо диэтэргин, БРИКС оонньуулара да, “Азия оҕолоро” да тиэрдэр санаалара биир: успуорт ситимниир, сомоҕолуур күүһэ сүҥкэн. Икки национальнай өрөспүүбүлүкэлэр бу тэрээһиннэринэн аан дойдуга ити күүһү арыйан көрдөрдүлэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: