Икки нэдиэлэ иһигэр табаары төннөрүөххэ сөп
Дьокуускай куораппыт килэспит-халаспыт эргиэн дьиэлэринэн толору. Онно эбии орто баайыы маҕаһыыннары, ырыынактары эбэн кэбис. Быстах алыпка ылларан, таҥас буоллун, мал буоллун, атыылаһан кэбиспитиҥ баар буолааччы. Сорох ылбыт саатыгар кэппэхтии, тутта түһүө, сорохтор дьиэлэригэр илдьэн иһэн, хайыы үйэ абааһы көрөллөр. Дьэ итинник түгэҥҥэ тугу төннөрүөххэ сөбүй, тугу төннөрөр кыаллыбатый?
Табаары төннөрүү
Бэйэҕэр эрэ буолбакка, оҕоҕор-аймаххар ылбыт таҥаһыҥ, табаарыҥ кээмэйэ сөп түбэһимиэн эбэтэр сириллэн хаалыан сөп. Маннык түгэҥҥэ “Туһанааччы быраабын көмүскэлин туһунан” сокуон үлэлиир. Бу 1992 сыл олунньу 7 күнүгэр ылыллыбыт 2300-1 №-дээх РФ Сокуонун быһыытынан икки нэдиэлэ иһигэр ылбыт таҥаскын, табааргын төннөрүөххүн эбэтэр сөптөөх кээмэйдээх, быһыылаах, фасоннаах, өҥнөөх табаарга атастаһар бырааптааххын. Ол эрээри уһаппат ордук. Сокуонунан этиллибит болдьох өрөбүл күҥҥэ түбэһэр буоллаҕына, сарсыныгар үлэ күнүгэр төннөрүөххэ сөп. Манна сүрүнэ диэн, чеккин уонна атыыласпыт каартаҕын илдьэ кэлиэххин наада.
Олохпут хаамыыта уларыйан истэҕин аайы, бииртэн-биир сокуон тахсан иһэр. Бу ордук интэриниэт-маҕаһыын табаардарыгар сыһыаннаах. 2007 сыл балаҕан ыйын 27 күнүнээҕи 512 №-дээх РФ Бырабыыталыстыбатын Уурааҕа бигэргэппит “Дистанционнай көрүҥүнэн табаары атыылааһын быраабылатын” 21 пуунунан, туһанааччы атыыласпыт табаарыҥ ыла да илигиттэн хаһан баҕарар акаастыан сөп, оттон ылбыт буоллаҕына – сэттэ күн иһинэн.
Туох да төрүөтэ суох төннөрүөххэ сөп дуо?
Арассыыйа сокуонунан 14 хонук иһигэр төннөрүүгэ көҥүллэнэр табаары туох да төрүөтэ суох төннөрүөххэ сөп. Туох баар этикеткэтэ, бииркэтэ, дьаралыга барыта миэстэтигэр баар, атыылаһыллыбыт көрүҥүнэн сылдьар буолуохтаах. Оттон дьиэктээх буоллаҕына, ону ыйаҕын.
Ханнык түгэҥҥэ төннөрөрү аккаастыахтарын сөбүй?
“Туһанааччы быраабын көмүскэлин туһунан” сокуонунан атыыласпыт малыҥ төннөрүллүбэт уонна атастаһыллыбат табаардарга киирсэр буоллаҕына, төннөрөрүҥ бобуллар.
14 хонуктан уһаабыт буоллаҕына (атыыласпыт күнэ киирбэт); түөкүннээһиҥҥэ күтүрүү санаатаҕына, ол эбэтэр табаары тутубуттар, кэппиттэр диэтэҕинэ; атыылаһааччы бэйэтэ табаары алдьаппыт буоллаҕына.
Табаары хайдах төннөрөн, харчыбын ылабын?
Атыыласпыт харчыгын төннөрөөрү гынаргын, атыылааччы төннөрүөн баҕарбат буоллаҕына, претензия суруйаҕыт уонна сууманы барытын төннөрөллөрүн модьуйаҕыт. Бу модьуйуу 10 хонук иһигэр туолуохтаах. Харчыны төннөрдөхтөрүнэ, табаары биирдэ маҕаһыыҥҥа биэрэҕин. Харчыны төннөрбөтөхтөрүнэ, Роспотребнадзорга уонна суукка үҥсэҕин, үҥсүү кинигэтигэр суруйаҕын.
Дьиэҕэ-уокка туттуллар ханнык тиэхиньикэни төннөрөр уустугуй?
2021 сыл сэтинньи 10 күнүнээҕи 924 №-дээх РФ Бырабыыталыстыбатын Уурааҕынан төннөрүллүбэт тиэхиньиичэскэй уустук табаардар испииһэктэригэр холодильник, духуопка, таҥас сууйар массыына, тэлэбиисэр, оонньуур приставка, о.д.а. киирэллэр, диэн этиллэр.
Ол гынан баран, холобур, холодильнигы 14 суукка иһигэр төннөрүөххэ сөп, өскөтө чахчы дьиэктээх эбэтэр интэриниэт-маҕаһыын нөҥүө атыылаһыллыбыт буоллаҕына. Оттон аанньа тоҥорбот, наһаа улаханнык тыаһыыр, о.д.а. буоллаҕына, эспэртиисэҕэ ыытыллар.
Төннөрүллүбэт табаары хайа түгэҥҥэ төннөрүөххэ сөбүй?
Интэриниэт-маҕаһыынтан атыыласпыт буоллаххына, ылар пууҥҥа кэлэн аккаастыаххын наада.
Куорат маҕаһыыннарыгар
Биһиги куораппыт маҕаһыыннарын кэрийэ сылдьан ыйыталастахха, атыылааччылар табаары төннөрүү чааһыгар атыылаһааччыны кытта уопсай тылы буларга кыһаллаллар. Тас таҥаһы 14 хонук иһигэр төннөрөллөр, төһөнөн түргэнник да соччонон атыылааччыга үчүгэй. Сүрүнэ, атыыласпыт каартаҕын илдьэ кэлиэххин наада итиэннэ кэтиллибэтэх буолуохтаах.
Ис таҥаһы, биллэн турар, ылартан аккаастаналлар. Онон төннөрбөккүн билэн туран, бэйэҥ размергынан төһө баҕарар кэмнэнэн, кээмэйдэнэн ыларыҥ наада. Арай “Столичнай” ырыынак атыылааччыта төннөрүөххүтүн сөп диэтэ.
Сорох косметика маҕаһыыннарыгар табаары атыыласпыт күҥҥэр төннөрөр буоллаххына, төттөрү ылаллар. Онно табаар куар-кода баарын, туга да алдьамматаҕын, тыытыллыбатаҕын ирдииллэр. Арай атыыласпыт косметикаҕыттан аллергиялыыр уонна ону бигэргэтэр мэдиссиинискэй көрдөрүүлээх буоллаххына, холобур кириэмтэн эбэтэр духи сытыттан, 14 хонук иһигэр администратор быһаарыытынан төннөрүөхтэрин сөп.
Ювелирнай маҕаһыыннар көрүүлэрэ эмиэ араас. Сорохтор төннөрөртөн этириэс аккаастаналлар, сорохтор СБП эбэтэр куар-код нөҥүө атыыласпыт буоллаххытына, 14 хонук иһигэр онлайн-сакаас быһыытынан төннөрүөххэ сөп дииллэр. Биллэн турар, табаар маҕаһыынтан ылыллыбыт көрүҥүнэн сылдьар буолуохтаах.
Оттон олох-дьаһах тиэхиньикэтин маҕаһыыныгар собуот дьиэгэ баар буоллаҕына, мэктиэлээх болдьох иһигэр төннөрөбүт, оттон бэйэҥ алдьаппыт буоллаххына суох, мөккүөрдээх түгэҥҥэ эспэртиисэҕэ ыытабыт диэн хардардылар.
Иһиккэ-хомуоска эмиэ улахан утарсыы суох, 14 хонук иһинэн табаар төннөрүллэр, арай алдьаныылаах буоллаҕына эспэртиисэҕэ барар.
Ханнык табаардар төннөрүллүбэттэрий?
- Ас-үөл хаачыстыбата үчүгэй, тас хаата алдьамматах да буоллаҕына, атыылааччы Сокуон быһыытынан аһы төннөрбөт уонна уларыппат. Оттон буорту буолбут ас сыанатын сонно төннөрүөхтээх.
- Эмп-томп, мэдиссиинискэй табаардар, ачыкы линзалара, кыһыл оҕо маллара, косметика, парфюмерия, тус гигиена маллара (тиис суунар суокка, тараах, бигуди, парик о.д.а.);
- Кыһыл көмүс, үрүҥ көмүс, платина оҥоһуктар;
- Чулку-наскы, ис таҥас, утуйар таҥас;
- Төһө уһуну ыларгынан сыаналара быһыллар табаардар: текстиль, лиэнтэ, тесьма, куруһуба. Сунуурдар, хаабыллар, боруобаттар, линолеум, пленка, көбүөр сабыылар, о.д.а.;
- Дьиэҕэ-уокка туттуллар химия табаардара, пестицидтэр, агрохимикаттар;
- Миэбэл;
- Полимернай матырыйаалтан оҥоһуллубут итиэннэ аска-үөлгэ туттуллар иһиттэр, оҥоһуктар (аһыыр уонна аһы буһарар иһиттэр, аһы уктар иһиттэр, суулуур матырыйааллар);
- 1 сылтан кырата суох мэктиэлээх болдьохтоох тиэхиньикэ: автомобиллар, мотовелотабаардар, олор бирисиэптэрэ, массыына нүөмэрдээх агрегаттара, шассилара, кузовтара, тыа хаһаайыстыбатыгар туттуллар дьоҕус тэриллэр, дьаарбайар тыылар, атын да устар тэриллэр;
- Саа-сэп, олор чаастара, ботуруоннара;
- Кыыллар уонна үүнээйилэр;
- Кинигэлэр, брошюралар, альбомнар, картографическай уонна нуоталаах таһаарыылар, халандаардар, буклеттар, о.д.а.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: