Дьокуускай куораппыт килэспит-халаспыт эргиэн дьиэлэринэн толору. Онно эбии орто баайыы маҕаһыыннары, ырыынактары эбэн кэбис. Быстах алыпка ылларан, таҥас буоллун, мал буоллун, атыылаһан кэбиспитиҥ баар буолааччы. Сорох ылбыт саатыгар кэппэхтии, тутта түһүө, сорохтор дьиэлэригэр илдьэн иһэн, хайыы үйэ абааһы көрөллөр. Дьэ итинник түгэҥҥэ тугу төннөрүөххэ сөбүй, тугу төннөрөр кыаллыбатый?
Бэйэҕэр эрэ буолбакка, оҕоҕор-аймаххар ылбыт таҥаһыҥ, табаарыҥ кээмэйэ сөп түбэһимиэн эбэтэр сириллэн хаалыан сөп. Маннык түгэҥҥэ “Туһанааччы быраабын көмүскэлин туһунан” сокуон үлэлиир. Бу 1992 сыл олунньу 7 күнүгэр ылыллыбыт 2300-1 №-дээх РФ Сокуонун быһыытынан икки нэдиэлэ иһигэр ылбыт таҥаскын, табааргын төннөрүөххүн эбэтэр сөптөөх кээмэйдээх, быһыылаах, фасоннаах, өҥнөөх табаарга атастаһар бырааптааххын. Ол эрээри уһаппат ордук. Сокуонунан этиллибит болдьох өрөбүл күҥҥэ түбэһэр буоллаҕына, сарсыныгар үлэ күнүгэр төннөрүөххэ сөп. Манна сүрүнэ диэн, чеккин уонна атыыласпыт каартаҕын илдьэ кэлиэххин наада.
Олохпут хаамыыта уларыйан истэҕин аайы, бииртэн-биир сокуон тахсан иһэр. Бу ордук интэриниэт-маҕаһыын табаардарыгар сыһыаннаах. 2007 сыл балаҕан ыйын 27 күнүнээҕи 512 №-дээх РФ Бырабыыталыстыбатын Уурааҕа бигэргэппит “Дистанционнай көрүҥүнэн табаары атыылааһын быраабылатын” 21 пуунунан, туһанааччы атыыласпыт табаарыҥ ыла да илигиттэн хаһан баҕарар акаастыан сөп, оттон ылбыт буоллаҕына – сэттэ күн иһинэн.
Арассыыйа сокуонунан 14 хонук иһигэр төннөрүүгэ көҥүллэнэр табаары туох да төрүөтэ суох төннөрүөххэ сөп. Туох баар этикеткэтэ, бииркэтэ, дьаралыга барыта миэстэтигэр баар, атыылаһыллыбыт көрүҥүнэн сылдьар буолуохтаах. Оттон дьиэктээх буоллаҕына, ону ыйаҕын.
“Туһанааччы быраабын көмүскэлин туһунан” сокуонунан атыыласпыт малыҥ төннөрүллүбэт уонна атастаһыллыбат табаардарга киирсэр буоллаҕына, төннөрөрүҥ бобуллар.
14 хонуктан уһаабыт буоллаҕына (атыыласпыт күнэ киирбэт); түөкүннээһиҥҥэ күтүрүү санаатаҕына, ол эбэтэр табаары тутубуттар, кэппиттэр диэтэҕинэ; атыылаһааччы бэйэтэ табаары алдьаппыт буоллаҕына.
Атыыласпыт харчыгын төннөрөөрү гынаргын, атыылааччы төннөрүөн баҕарбат буоллаҕына, претензия суруйаҕыт уонна сууманы барытын төннөрөллөрүн модьуйаҕыт. Бу модьуйуу 10 хонук иһигэр туолуохтаах. Харчыны төннөрдөхтөрүнэ, табаары биирдэ маҕаһыыҥҥа биэрэҕин. Харчыны төннөрбөтөхтөрүнэ, Роспотребнадзорга уонна суукка үҥсэҕин, үҥсүү кинигэтигэр суруйаҕын.
2021 сыл сэтинньи 10 күнүнээҕи 924 №-дээх РФ Бырабыыталыстыбатын Уурааҕынан төннөрүллүбэт тиэхиньиичэскэй уустук табаардар испииһэктэригэр холодильник, духуопка, таҥас сууйар массыына, тэлэбиисэр, оонньуур приставка, о.д.а. киирэллэр, диэн этиллэр.
Ол гынан баран, холобур, холодильнигы 14 суукка иһигэр төннөрүөххэ сөп, өскөтө чахчы дьиэктээх эбэтэр интэриниэт-маҕаһыын нөҥүө атыылаһыллыбыт буоллаҕына. Оттон аанньа тоҥорбот, наһаа улаханнык тыаһыыр, о.д.а. буоллаҕына, эспэртиисэҕэ ыытыллар.
Интэриниэт-маҕаһыынтан атыыласпыт буоллаххына, ылар пууҥҥа кэлэн аккаастыаххын наада.
Куорат маҕаһыыннарыгар
Биһиги куораппыт маҕаһыыннарын кэрийэ сылдьан ыйыталастахха, атыылааччылар табаары төннөрүү чааһыгар атыылаһааччыны кытта уопсай тылы буларга кыһаллаллар. Тас таҥаһы 14 хонук иһигэр төннөрөллөр, төһөнөн түргэнник да соччонон атыылааччыга үчүгэй. Сүрүнэ, атыыласпыт каартаҕын илдьэ кэлиэххин наада итиэннэ кэтиллибэтэх буолуохтаах.
Ис таҥаһы, биллэн турар, ылартан аккаастаналлар. Онон төннөрбөккүн билэн туран, бэйэҥ размергынан төһө баҕарар кэмнэнэн, кээмэйдэнэн ыларыҥ наада. Арай “Столичнай” ырыынак атыылааччыта төннөрүөххүтүн сөп диэтэ.
Сорох косметика маҕаһыыннарыгар табаары атыыласпыт күҥҥэр төннөрөр буоллаххына, төттөрү ылаллар. Онно табаар куар-кода баарын, туга да алдьамматаҕын, тыытыллыбатаҕын ирдииллэр. Арай атыыласпыт косметикаҕыттан аллергиялыыр уонна ону бигэргэтэр мэдиссиинискэй көрдөрүүлээх буоллаххына, холобур кириэмтэн эбэтэр духи сытыттан, 14 хонук иһигэр администратор быһаарыытынан төннөрүөхтэрин сөп.
Ювелирнай маҕаһыыннар көрүүлэрэ эмиэ араас. Сорохтор төннөрөртөн этириэс аккаастаналлар, сорохтор СБП эбэтэр куар-код нөҥүө атыыласпыт буоллаххытына, 14 хонук иһигэр онлайн-сакаас быһыытынан төннөрүөххэ сөп дииллэр. Биллэн турар, табаар маҕаһыынтан ылыллыбыт көрүҥүнэн сылдьар буолуохтаах.
Оттон олох-дьаһах тиэхиньикэтин маҕаһыыныгар собуот дьиэгэ баар буоллаҕына, мэктиэлээх болдьох иһигэр төннөрөбүт, оттон бэйэҥ алдьаппыт буоллаххына суох, мөккүөрдээх түгэҥҥэ эспэртиисэҕэ ыытабыт диэн хардардылар.
Иһиккэ-хомуоска эмиэ улахан утарсыы суох, 14 хонук иһинэн табаар төннөрүллэр, арай алдьаныылаах буоллаҕына эспэртиисэҕэ барар.
Ханнык табаардар төннөрүллүбэттэрий?
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…
Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…
Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…