Икки нэдиэлэ икки хонук курдук ааста

Share

Өймөкөөн улууһун Томтор нэһилиэгэр кыраайы үөрэтэр түмэл аҕам саастаах дьоҥҥо анаммыт  «Дойдум дьоно» бырайыагын олоххо киллэрэн, от ыйын бастакы аҥаарын үлэ бэтэрээннэрэ олус көхтөөхтүк атаардылар.

Нэһилиэк актыбыыс-уопсастыбанньыга Дария Тихомирова иһитиннэрбитинэн, Өймөкөөн аатырбыт суруйааччыта, саха литературнай кириитигэ  Николай Заболоцкай-Чысхаан аатынан түмэл салайааччыта Айталина Иванова бииргэ үлэлиир хамандатын кытта 14 күҥҥэ аҕам саастаах дьоҥҥо тэрийбит сайыҥҥы лааҕырын дириҥ ис хоһоонноох күннэрэ  олох биллибэккэ ааһан хаалбыттарын, үгүстэр соһуйа ылынныллар. Ол эрээри,  туох барыта түмүктэнэр күннээх буоллаҕа.

Былааннаммыт сорук хас биирдии бу лааҕырга сылдьыбыт дьоҥҥо дууһаларыгар- сүрэхтэригэр умнуллубаттык иҥэн хаалла. Хас биирдии тэрээһин социальнай ситимнэринэн сырдатыллан, бу күннэргэ улуус олохтоохторо бу лааҕыр кыынньар олоҕунан олордулар. Салгыы бу үлэ  салҕанарыгар баҕаран туран, хас биирдии үлэ бэтэрээнэ бэйэлэрин урут үлэлии сылдьыбыт кэмнэрин туһунан ахтыы суруйан, анаан хаартыскалаан, биир паапкаҕа тиһэн, түмэл дириэктэригэр Айталина Ивановаҕа туттарда. Онон сопхуос саҕанаааҕы кэм бэйэтэ устуоруйа быһыытынан түмүллэн, мусуой биир сыаналаах эспэнээтин быһыытынан үйэтитилиннэҕэ ити. Хас биирдии көлүөнэ бэйэтэ ураты суоллаах-иистээх буоллаҕа. Махталлаах сэбиэскэй кэм оҕолоро — октябренок, пионер, хомсомуол, хомуньуус-баартыйа иитиитин ааспыттарын ахтан-санаан ааспыттара чахчы. Сыччах уонтан тахса хонук иһигэр үлэ бэтэрээннэрэ  кырдьаҕас Өймөкөөн нэһилиэгин бэлиэ сирдэринэн сылдьан баран, аны тапталлаах Томтордорун ытык сирдэрин көрдүлэр-иһиттилэр. Хайа хаспаҕар киирэн, Чысхаан резиденциятыгар тэриллибит муус мусуойга, онтон Хороту туристическай баазаҕа сырыттылар, Эбэ хайатыгар тахсан, эмтээх оту хомуйдулар. Маныаха сыыдам айаны-сырыыны олохтоох суоппардар Артур Сивцев, Иннокентий Посельскай, Геннадий Дягилев, Павел Антонов хаачыйдылар. Күн аайы эти-хааны эрчийэн, сэрээккэ, үҥкүү арааһын бэлэмнээтэ хореграф Елена Иванова. Онон кырдьар саас ханна эрэ умнууга хаалла, торуоска туора ууруллунна.

Олохтоох бибилэтиэкэҕэ РФ үтүөлээх учуутала, кыраайы үөрэтээччи Мария Боярова саха улуу бөлөһүөгэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөнү кытта ыкса сибээһин уонна быйыл Үрэх төрдүгэр Эйэ ыһыаҕын ыспыта 100 сылыгар аналлаах бэсиэдэтин бары олус сэргии иһиттилэр.

Аҕам саастаах дьон быһыытынан доруобуйаларын туругун эмиэ бэрэбиэркэлэттилэр. Ол курдук, эмчиттэр лааҕырга анаан кэлэн, кардиограммаҕа уһулбуттар, хаан баттааһынын кээмэйдээбиттэр. Мэдиссиинэ үлэһиттэрэ оҥорбут түмүктэриттэн үлэ бэтэрээннэрэ ис-истэриттэн үөрэн, сөҕүү-махтайыы буолбуттарын кэпсээтилэр. Өрүү олох үөһүгэр бэйэлэрин үөлээннээхтэрин кытта алтыспыт ытык дьон “бары бииргэ алтыһан, кэрэни кэрэхсии сырыттахха,  доруобуйа да тупсар, сырдыкка тардыһар санаа баһыйар  эбит” диэн кэпсэл оҥоһуннулар. Томтор ытык кырдьаҕастарыгар түмэл үлэһиттэрэ кинилэргэ хас биирдиилэригэр бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар махтаан туран, лааҕыр чаҕылхай күннээх кэмин санатар бэлиэ хаартыскаларын бииргэ түмэн бэлэх ууннулар. Маны таһынан, “ытык Эбэ хайатыгар үүммүт таҥара харыстабылын отунан (богородица) ыраастанан, сырдыгынан сыдьаайан, чэгиэн сылдьыҥ” диэн алгыс тылларын этэн туран, ыраастанар эмтээх оту бэлэхтээтилэр. Оттон ытык дьон  Лиана Ядрееваҕа барытыгар тэҥҥэ ылсан үлэлэһэн, ол быыһыгар,  күннэтэ минньигэс ас арааһын астаан күндүлээбитигэр, Елена Ивановаҕа 87 саастаах ытык эбээ Христина Ивановаҕа  тиийэ барыларын тэҥҥэ тэтими өрө тутан  дьарыктаабытыгар,

Раиса Березкинаҕа, култуура үлэһитэ диэх курдук, бары тэрээһиннэри ураты ис хоһоонноох гына тэрийсибитигэр, Александр Сивцевкэ  кэнсиэртэргэ араас нүөмэр муусукатын доҕуһуолун танан туруорарга үлэлэспитигэр истиҥ махталларын тиэртилэр. Бу дьон сонун сүүрээн олоххо киириитигэр уонна атаҕар турарыгар күүс-көмө буоллулар.

«Дойдум дьоно» бырайыак сайыҥҥы икки нэдиэлээх үлэтэ итинэн түмүктэммэт. Аны күһүҥҥү, кыһыҥҥы уонна сааскы түһүмэхтэр былааҥҥа бааллар. Онон кыраайы үөрэтэр түмэл бэлиэ күннэргэ эбэтэр ыалдьыт кэллэҕинэ эрэ үлэлиир тэрилтэ буолбатах. Аана куруутун аһаҕас, бииртэн биир кэрэхсэбиллээх тэрээһин тахсан иһэр.

Махтал тыл бастыҥа ананна түмэл салайааччыта Айталина Ивановаҕа. Бу маннык ураты тэрээһиннэри атын да улуустар мусуойдара холобур ылан,  аҕам саастаахтар олохторун киэргэтэллэригэр, ис хоһоонун байыталларыгар баҕарабыт.

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

«Вместе с Айсеном Николаевым» биэрии саҥа таһаарыытын көрүҥ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр,  19:00 чаастан  "Россия 24" телеханаалга  «ВМЕСТЕ с Айсеном Николаевым» биэриини көрүҥ.…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Бугул»: «Олох онно барыбытыгар – биир»

Соторутааҕыта буолан ааспыт фашизмы утарыы пуорумугар байыаннай дьайыыттан 25 бастыҥ байыас инники кирбииттэн кэлэн кыттыбыта.…

2 часа ago
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: быһаҕынан анньыллыы, наркотигынан эргинии…

Ааспыт сууккаҕа буруйу оҥоруу 6 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар киирдэ. Уус Алдан улууһугар 1977…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйаҕа Ийэ күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Ил Дархан Айсен Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэтин аатыттан Ийэ күнүнэн  эҕэрдэлээтэ. -…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн хаар түһүөҕэ

Бүгүн, сэтинньи 24 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ арҕаа, соҕуруу өттүгэр  хаардыаҕа, сорох сиринэн сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

15 часов ago