Икки оҕолоох үрүҥ эһэ түннүгүнэн өҥөйбүт

Икки оҕолоох үрүҥ эһэ түннүгүнэн өҥөйбүт

12.10.2023, 16:20
Руслан Слепцов хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Аллараа Халыма оройуонун айылҕатын, сирин-уотун харабыллыыр судаарыстыбаннай иниспиэктэрдэр дьиэлэригэр икки оҕолоох үрүҥ эһэ түннүгүнэн өҥөйбүтүн туһунан sakhapress сайт суруйар.

Сарсыарда эрдэ ааны ким эрэ тоҥсуйбутугар иниспиэктэрдэр сэрэхэдийбиттэр. Түннүккэ чугаһаан көрбүттэрэ үрүҥ эһэ буолан биэрбит. Ол эрээри бу оҕолордоох үрүҥ эһэ соҕотох ыалдьыттар буолбатахтар эбит, дьиэ анараа өттүгэр өссө атын оҕолордоох үрүҥ эһэ сылдьара көстүбүт. Үрүҥ эһэлэр дьиэ кэргэттэрин иниспиэктэрдэр бураанынан сылдьан кыраҕыппыттар.  Ону сэргэ Мира уонна Мухтар диэн иниспиэктэрдэр эрэллээх ыттара эмиэ көмөлөспүттэр.

Орто Халыма оройуонун ООПТ старшай иниспиэктэрэ Руслан Слепцов иһитиннэрбитинэн, Курдигино-Крестовая диэн сиргэ уопсайа аҕыс үрүҥ эһэ бэлиэтэммит.

— Биир саастарыгар үрүҥ эһэлэр барыны-бары билэ-көрө сатыыллар, туохтан да куттамматтар. Ийэлэрин кытта сылдьан түннүкпүтүн уһуннук өҥөйөн көрө сатаабыттара. Олорор сирбит тулатын кэрийэн көрдүлэр, иһиттилэр, — диэтэ кини.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
1
+1
3
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
8 октября
  • -5°C
  • Ощущается: -5°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: