Икки оҕону ууттан быыһаабыт Наталья Дмитриева

Share

Бэҕэһээ, от ыйын 10 күнүгэр эбиэт кэнниттэн ууга былдьанан эрэр оҕолору биир биэнсийэлээх дьахтар быыһаабыт диэн сурах социальнай ситимнэринэн тарҕанна. 

Биһиги дьоруойу буллубут диэн «Үөһээ Бүлүү» хаһыат ТГ-ханаала иһитиннэрэр. Наталья Алексеевна Дмитриева Туобуйаттан төрүттээх Үөһээ Бүлүү олохтооҕо эбит. Өр сылларга Ньурба Үөдэйигэр олорон баран, 8 сыллааҕыта кэргэнинээн дойдутугар көһөн кэлбит. Кини билигин да үлэлии сылдьар. Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолатыгар ырааһы тутар, көрөр-истэр үлэлээх. Бу тэрилтэҕэ үлэлээбитэ ахсыс сылыгар барбыт.

Бэҕэһээ эрдэттэн сөтүөлүүр санаата суох эбит да буоллар, тоҕо эрэ эмискэ 15 чааһы ааһыыта сөтүөлүү киирбит. Кэргэнэ массыынанан эбэҕэ киллэрэн, биэрэккэ көрөн олорор үгэстээх эбит.

«Кэргэним ууга киирэрин хаһан да көрбөтөҕүм, төрүт сөтүөлээбэт киһи. Биэрэккэ ууттан тахсан сынньана олордохпуна, арай, оҕолор хаһыылара иһиллибитэ. Чугас эргин оҕолордоох дьахталлар олороллоро. Оҕолор хаһыытыылларын истэн эргим-ургум көрүтэлээбиттэрэ. Тула өттүбүн көрүммүтүм, ким да сүүрэн киириэх айылааҕы көрбөтөҕүм. Өйдөөн көрбүтүм, ыраах икки оҕо төбөтө ууттан сүтэ-сүтэ көстөллөрө. Мин «быыһааҥ» диэн хаһыыны чуолкай истэн баран, миигин ыҥыраллар дии санаабыт курдук ойон турдум да, тугу да толкуйдуу барбакка, сүүрэн тиийэн ыстанан кэбиспиппин бэйэм да өйдөөбөккө хаалбытым. Харбаан барбытым.

Урукку киһи буолан ыттыы эрэ сатаан харбыыбын. Төһө да ырааҕын иһин харбаабытым. Атаҕым сири билбэт буолар дириҥтэн, дьиҥэр, куттанар этим. Ол эрээри ол түгэҥҥэ куттанарбын да санаабатах эбиппин.

Харбаан тиийэн баран, илиибин биэрдэхпинэ кыайан харбыам суоҕа диэммин, кыыска «атахпыттан тутус» диэтим. Кыыһым, хата, атахпын харбаан ылан тутуста. Онтон тутуһаат да, «бырааппын» диэн хаһыытаата. «Бырааккын илиититтэн харбаан ыл» диэтим. Оннук сосуһан харбаан кэллибит. Ол иһэн санныбыттан тутус диэн, сотору атаҕыҥ сири билиэҕэ, харбыы сатаа диэн саҥара, уоскута истим.

Атахпыт кумахха тиийбитин кэннэ тахсан истэхпитинэ биир эдэр киһи сүүрэн кэлэн уолу харбаан ылбыта. Кыыс биэрэккэ хааман тахсан баран, олоро түһээт, ытаан барбыта. Мин көрдөхпүнэ, 5-6 кылаас оҕолоро курдук этэ.
Бэйэм да тыын быһаҕаһынан тыынан биэрэги булбутум. Чугас эргин олорбут дьахталлар сатаан харбаабат буолан киирбэтибит дэспиттэрэ. Бэйэм да уолуйан хаалбытым, инньэ гынан, хайдах киирэн тахсыбыппын билбэккэ да хаалбытым. Сайын аайы сиэммин киллэрэн сөтүөлэтээччибин. Ыраах барбатын курдук көрөр үгэстээхпин», — диэн хорсун кэрэ аҥаар буолуохтааҕын курдук кэпсээтэ.

Арай бу күн кини эбэҕэ киирбэтэх буоллун? Ким да бу оҕолорго сүүрэн тиийбэт дуо? Бэйэни умнан туран атын дьон олоҕун быыһыырга дьулуһар дьон диэн туһунан. Оттон икки кырачаан оҕо олохторун быыһаабыт ийэ, эбээ хорсун быһыыта үрдүкү наҕарааданы ылар аналлаах. Бу быыһаммыт оҕолор төрөппүттэрэ махтаныах эрэ тустаахтар.

Төрөппүттэр оҕолоргутун көрүүтэ-истиитэ суох ууга ыытымаҥ. Оҕо төрөппүттэрин, улахан дьону кытта эрэ сөтүөлүү барыахтаах. Улахан ууга ыраах барбаттарын курдук сэрэтэр, кэпсэтэр наада. Улахан массыыналар кумах таспыт сирдэрэ буолан улахан дьаамалар үөскээбиттэр, онон отой сэрэхтээхтик сылдьар ирдэнэр. Анал бэлиэ туруоруллубут миэстэтигэр эрэ сөтүөлүүр көҥүллэнэрин умнумаҥ.

Кристина Яковлева

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уйбаан Тистяхов: «Массыыналанан хааллым. Түүл дуу, илэ дуу диэхпин баҕарабын»

Тааттаҕа күрэс төрүт көрүҥнэригэр "Манчаары оонньууларыгар" көрөөччүлэргэ, ыалдьыттарга соһуччу үөрүүлээх бэлэхтэр туттарыллан дьон-сэргэ үөрүүтэ үрдээн…

5 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Киин куоракка сиэр-майгы нуорматыгар сөп түбэспэт арт-эбийиэги көтүрдүлэр

Дьокуускай киинигэр массыына дьиэ эркинигэр курдат саахаламмыт курдук оҥоһуллубут арт-эбийиэги көтүрдүлэр. Инсталляция Ленин проспегар турар…

9 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уһун магнитнай буурҕа Саха сирин сабардыа

Субуотаттан, от ыйын 12 күнүттэн саҕалаан, Саха сиригэр нэдиэлэ устата магнитнай буурҕа саҕаланыа. Мөлтөөһүн аныгыскы…

25 минут ago
  • Сонуннар
  • Ыйыт - хоруйдуубут

Ыйыт-хоруйдуубут: Глюкометры хайдах босхо ылыахха сөбүй?

Эһиги саахардаах диабеттаах буоллаххытына, глюкометры уонна тест-полоскалары ОМС полиһынан босхо ылыаххытын сөп. Ол туһугар бэйэҕит…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт

ВИДЕО: 1140 наартаны ойбут Өймөкөөн күрэсчитэ кимий?

А.Е.Турнин аатынан күрэс уораҕайыгар наартаны үрдүнэн ойууга уолаттар, эр дьон, бэтэрээн эр дьоннор, кыргыттар, дьахталлар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Хаппыыстаны үөнтэн-көйүүртэн көмүскүүр судургу ньыма

Сайын ортото – оҕуруот аһа ситэр-хотор кэмэ. Бу кэмҥэ үүнээйини араас үөн-көйүүр буорту гынара оҕуруотчуттар…

1 час ago