Икки пуонда холбостоҕуна, туох уларыйыай?

Икки пуонда холбостоҕуна, туох уларыйыай?

28.11.2022, 12:00
Бөлөххө киир:

2023 сыл тохсунньутуттан Биэнсийэ пуондата уонна Социальнай страховкалааһын пуондата холбоһоллор. Бу тэрилтэ аата Арассыыйа Социальнай пуондата диэн уларыйар. Холбоһуу сыала-соруга – социальнай көмөнү биэрии хаамыытын чэпчэтии уонна үбү-харчыны кэмчилээһин.

Холбоһуу туһунан боппуруоһу, дьиҥинэн, 2018 сылтан көтөҕөллөр. Быйыл тохсунньу ыйга Үлэ министиэристибэтэ пуондалары холбооһун тиһиктээх үлэтин туһунан этиилэри уопсастыбаннай ырытыһыыга таһаарбыта. Ыам ыйын 20 күнүгэр РФ Бырабыыталыстыбата тустаах сокуон барылын оҥорбута.

Билигин араас түгэҥҥэ тус-туспа пуондаҕа тиийиэххэ наада – инбэлиит киһи биэнсийэтин ыларыгар Биэнсийэ пуондатыгар, көмө тиэхиньикэни, кэлээскини ыларыгар Социальнай страховка пуондатыгар сайаапка суруйар. Оттон оҕо төрөөтөҕүнэ, Ийэ хапытаалын ыларга — Биэнсийэ пуондатыгар, босуобуйа ыларга — Социальнай страховка пуондатыгар тиийиэххэ наада. Хоту сиргэ олорор биэнсийэлээх сынньана барарыгар айанын ороскуотун Биэнсийэ пуондата төлүүр, оттон эмтэнэ барар ороскуотун Социальнай страховка пуондата толуйар. Онтон билигин барытын биир тэрилтэттэн ылар буолар.

“Биэнсийэ пуондата сабыллар, алҕас таҕыстаҕына, ханна баран аахсабыт?” диэн үгүс ыйытыы киирэр. Ол эрээри бу холбоспут тэрилтэҕэ килийиэннэр сулууспалара диэн баар буолаллар. Манна кэлэн ханнык баҕарар боппуруоһу быһаартарыахха сөп. Бу ордук сааһырбыт дьоҥҥо табыгастаах. Оттон сорох ыспыраапкалары “Госуслуги” портал нөҥүө ылыахха, боппуруоһу түргэнник быһаартарыахха сөп. Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) эмиэ тиийиэххэ сөп.

Билигин бу икки пуонда бэйэ-бэйэлэригэр олус элбэх сибидиэнньэни ыытыһаллар. Холбоһуу кэннэ, информацияны ылыы, тиэрдии, өҥөнү оҥоруу судургутуйуо, түргэтиэ. Биир тэрилтэни салайарга да чэпчэки, үп-харчы да кэмчилэнэр.

Оттон бу икки пуонда үлэһиттэрэ Социальнай пуондаҕа хаалаллар, уурайбаттар. Өскөтүн, холбоһуу түмүгэр, дьиэ-уот босхолонор буоллаҕына, атын социальнай тэрилтэлэргэ биэриэхтэрин сөп. РФ Биэнсийэ пуондатын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин э.т. Сергей Чирков этэринэн, кэлэр сылга дойду үрдүнэн куортамҥа сылдьыбыт 500-чэкэ дьиэ (хос) босхолонон, 200 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ үп кэмчилэниэҕэ.

Холбоспут пуонда бүддьүөтэ 13,5 триллион солкуобайтан тахса суумалаах. Бу манна биэнсийэ, хат дьахталларга төлөбүрдэр, Ийэ хапытаала, үлэлии сылдьан эчэйиигэ төлөбүрдэр, о.д.а. киирэ сылдьаллар.

Биир тарыып

2023 сылтан үлэни биэрээччилэр социальнай страховкалааһыҥҥа усунуостарын төлүүллэригэр биир тарыып олохтонор. Ол түмүгэр, урбаанньыттар, тэрилтэлэр бииргэ үлэлэһиилэрэ эмиэ судургутуйар. Үс сиргэ отчуот ыытар оннугар, биирдэ эрэ ыыталлар.

Сорох төлөбүрдэр, холобур, “больничнай” лиис суумата үрдүөҕэ. Ону тэҥэ, “ГПХ” (гражданскай-быраап дуогабарынан) үлэлиир дьоҥҥо эмиэ “больничнайдара” төлөнөр буолар. Холобур, “ГПХ” дуогабарынан үлэлиир дьахталлар дэкириэт уоппускатын төлөбүрүн ылар кыахтаналлар.

Кэлэр сылтан страховой усунуостары ааҕарга биир база олохтонуо уонна биир тарыып 30%-ҥа тэҥнэһиэ (22% + 5,1% + 2,9%). Ол эбэтэр, үлэни биэрээччи үлэһит хамнаһыттан 30%-нын Социальнай пуондаҕа биирдэ эрэ ыытар. Бу усунуостан киирэр үп маннык үллэриллэр: 72,8% — биэнсийэ страховкатыгар, 18,3% — мэдиссиинэ страховкатыгар, 8,9% — булгуччулаах социальнай страховкаҕа.

Хат дьахталларга төлөбүр улаатар

Барыллааһын быһыытынан, 2025 сылга “больничнай” лиис төлөбүрэ уонна хат дьахталларга төлөбүр суумата балтараа төгүл үрдүөхтээх. Билигин 8 сылтан элбэх ыстаастаах үлэһит “больничнай” төлөбүрүн муҥутуур суумата ыйга 78 207 солкуобайга тэҥнэһэр. Өскөтүн үлэһит хамнаһа мантан үрдүк да буоллаҕына, “больничнай” төлөбүрүгэр бу сууматтан элбэҕи ылбат.

Үлэ министиэристибэтэ ааҕыытынан, биир кэлим тарыып киирбитин кэннэ, 2025 сылга 8 сылтан элбэх ыстаастаах үлэһиккэ “больничнай” төлөбүрүн муҥутуур суумата ыйга 143,5 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэн сөп. Онон үрдүк хамнастаах дьон “больничнай” төлөбүрдэригэр эмиэ улахан сууманы ылар буолаллар.

Оттон хат буолууга уонна төрөөһүҥҥэ босуобуйа (БИР) муҥутуур суумата билигин 140 күҥҥэ 360,164 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр. Биир тарыып киирбитин кэннэ, 2025 сылга 660,9 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Бу үрдүк хамнастаах дьахталларга ордук тоҕоостоох.

Оҕону балтараа сааһыгар диэри көрөн олоруу ыйдааҕы босуобуйатын муҥутуур кээмэйэ эмиэ үрдээн, 2025 сылга 57,4 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Биир тарыып киирбэтэҕэ буоллар, бу суума 37,9 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһиэ этэ.

 

Өҥө “биир түннүк” бириинсибинэн оҥоһуллуо

Георгий Степанов, Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын управляющайа:

— Бу икки пуонда холбоһуута гражданнар, судаарыстыба уонна биисинэс алтыһыыларын судургутутууга быһаччы хардыы буолар. Сүрүн сыал — өйөбүл миэрэлэрэ тустаах дьоҥҥо түргэнник уонна чэпчэкитик тиийэллэрин ситиһии.

Холбоһуктаах пуонда килийиэннэрин сулууспалара судаарыстыбаннай өҥөнү “биир түннүк” бириинсибинэн толору оҥоруохтара. Оттон икки пуонда үлэһиттэрэ – улахан уопуту мунньуммут исписэлиистэр үлэлэрин миэстэлэригэр хаалаллар. Ону тэҥэ, гражданнары “приемнуур” туочукалар, килийиэннэр сулууспалара, босуобуйалар, биэнсийэлэр бэриллэр болдьохторо эмиэ оннунан хаалаллар. Биэнсийэлээхтэр, оҕолоох дьиэ кэргэттэр, инбэлииттэр, биһиги килийиэннэрбит бары – ханна табыгастааҕынан, холбоспут пуонда чугастааҕы офиһыгар, эбэтэр, Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ (МФЦ) баран, боппуруостарын быһаартарыахтарын сөп.

Бу сылга страховой биэнсийэ иккитэ индексацияламмыта. Бастаан сыл аайы буоларын курдук, тохсунньуга 8,6% үрдээбитэ. Онтон муус устар ыйга бары социальнай биэнсийэлэр 8,4% үрдээбиттэрэ. Быйылгы ыарахан балаһыанньанан, дойду салалтата страховой да, социальнай да биэнсийэлэргэ иккистээн индексация оҥорор туһунан быһаарыы ылыммыта. Бэс ыйыгар бары биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ 10%-нан эбиллибитэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ билигин 273 тыһыынча биэнсийэлээх олорор. Алтынньы ыйдааҕы туругунан, кырдьар сааһынан страховой биэнсийэ ортотунан 25 895 солкуобайга тэҥнэстэ. Оттон страховой биэнсийэни ылар үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ – ортотунан 28 909 солкуобай. Үлэлээбэт дьоҥҥо биэнсийэлэрэ соҕотох дохуоттара буолар, ол иһин биэнсийэлэрэ 3 тыһыынча солкуобайынан үрдүк.

Ону тэҥэ, бэс ыйын 1 күнүттэн үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ үрдээбитинэн, оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ босуобуйалар кээмэйдэрэ эмиэ үрдээбиттэрэ. Быйыл тохсунньу ыйтан социальнай көмүскэл уорганнарыттан социальнай көмөнү биэрии боломуочуйата Биэнсийэ пуондатыгар бэриллибитэ. Онон туох баар босуобуйалары кэмигэр биэрэ олоробут. Ыам ыйын 1 күнүттэн саҕалаан, 94 тыһыынчаттан тахса сайабылыанньаны ылан, бэрэбиэркэлээбиппит. Алтынньы 31 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 50 тыһыынчаттан тахса оҕо босуобуйаны ылар. Босуобуйа орто кээмэйэ – 17 341 солкуобай.

2023 сыл тохсунньутуттан Арассыыйаҕа кыра дохуоттаах ыалларга универсальнай босуобуйа бэриллиэхтээх. Бу саҥа босуобуйаларга сайабылыанньалар киирэллэригэр бэлэммит.

Хаартыска — интэриниэт ситимиттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
6 ноября
  • -23°C
  • Ощущается: -23°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: