Икки саастаах оҕо итии ууга буһан балыыһаҕа киирдэ

Share

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу биэс түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, бу иһитиннэриилэринэн процессуальнай бэрэбиэркэлэр ыытылыннылар, холуобунай дьыалалары борокуратуура хонтуруоллуур.

Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр.

Ленскэй куоракка түөкүннээһин туһунан үҥсүү киирбит, онно доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин үлэһитин албыннаан 3,4 мөлүйүөнтэн тахса солкуобайын уорбуттар (исхиэмэтэ – “ФСБ үлэһитэ” төлөппүөннээбит). Оттон Нерюнгри куоракка массыынаны уорбуттар, уорбаланааччы быһаарыллыбыт. Дьокуускайга маркировката суох электроннай сигареталары уонна онно кутуллар убаҕастары харайан турбуттарын тохтоттулар.

Өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар итирик туруктаах сылдьан хас да төгүл массыынаны ыыппыттара уонна массыына кузовун нүөмэрин сымыйанан оҥорбуттара биллэн дьыала тэрилиннэ.

Өлөөн улууһун Өлөөн сэлиэнньэтиттэн 80 км тэйиччи сытар өрүстэн 1959 с.т. киһи өлүгэ булулунна, кини снегоходунан мууһунан айаннаан иһэн ууга түспүт.

Дьокуускай куоракка 2022 с.т. оҕо итии уулаах чаанньыгы бэйэтигэр тардынан этин-сиинин эчэтэн балыыһаҕа киирдэ.

Бу сууккаҕа суолга киһи өлүүлээх быһылаан бэлиэтэммэтэ. Суукка устата 5 суоппар итирик туруктаах сылдьан тырааныспарынан айаннааннар тутулуннулар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэннэ

Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар саха биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй…

9 часов ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Саха сирин олохтооҕо оҥочо мотуорун сакаастаары, 70 тыһ.солк. албыннаппыт

Томмот полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар 43 саастаах бульдозерист сайабылыанньа суруйбут. Кини саайт нөҥүө оҥочо мотуорун…

10 часов ago
  • Сонуннар

Кыттыгас үбүлээһин тула

Саха сирин Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата ВКС эрэсииминэн кылгас болдьохтоох былаан туһунан муниципалитеттары кытта мунньах ыытта.…

11 часов ago
  • Сонуннар

Аммалар улуус баһылыгын муҥхатын кэмигэр күрэхтэһиэхтэрэ

Амма улууһун баhылыга Степан Николаевич Кузьмин муҥхатын кэмигэр, сэтинньи 9 күнүгэр балыктыыр биригээдэлэр икки ардыларыгар…

12 часов ago
  • Бэрээдэк

Банкеттыыр саала үлэһитэ хамнаһын төлөөбөккөлөр, харчы уорбут

Бүлүү оройуоннааҕы полиция отделыгар олохтоох киһи 27 тыһ.солк. тахса харчытын уорбуттарынан сайабылыанньа суруйбут. Эмсэҕэлээччи банкеттыыр…

13 часов ago
  • Сонуннар

Өлүөхүмэ улууһун баһылыга тутуу икки эбийиэгин көрдө-иһиттэ

Күн бүгүн Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторугар социальнай суолталаах икки улахан тутуу барар турар – доруобуйа харыстабылын…

13 часов ago