Икки саастаах оҕо суорума суолламмытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ
Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн кыра оҕо балыыһаҕа киирэн өлбүтүн туһунан иһитиннэрии тарҕанан, үгүс киһи айманна.
Туһааннаах түбэлтэнэн РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин СӨ управлениетын Дьокуускай куораттааҕы отдела РФ Холуобунай кодексын 109 ыст. 2 чааһынан (причинение смерти по неосторожности вследствие ненадлежащего исполнения лицом своих профессиональных обязанностей) 2 саастаах оҕо суорума суолламмытынан холуобунай дьыала тэрийдэ.Бу туһунан СӨ Силиэстийэлиир управлениета иһитиннэрдэ.
Холуобунай дьыала матырыйаалларыгар сурулларынан, олунньу 29 күнүгэр учаастактааҕы педиатр-быраас туһаайыытынан кыра кыысчаан инфекционнай балыыһаҕа киирбит. Ол кэннэ оҕо реанимациҕа киирэн баран тыына быстыбыт.
Оҕо өлбүт төрүөтэ — гастроэнтерит ыарыы диэн быһаарыллыбыт.
Билигин холуобунай дьыаланан мэдиссиинискэй докумуоннар үөрэтиллэллэр, дуоппуруостааһын ыытыллар диэн Силиэстийэлиир управление иһитиннэрдэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: