Икки саастаах оҕо суорума суолламмытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Икки саастаах оҕо суорума суолламмытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ

Ааптар:
05.03.2024, 08:35
РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин Саха сиринээҕи управлениетын хаартыската.
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ социальнай ситимнэринэн кыра оҕо балыыһаҕа киирэн  өлбүтүн туһунан иһитиннэрии тарҕанан, үгүс киһи айманна.

Туһааннаах түбэлтэнэн РФ Силиэстийэлиир кэмитиэтин СӨ управлениетын Дьокуускай куораттааҕы отдела  РФ Холуобунай кодексын 109 ыст. 2 чааһынан  (причинение смерти по неосторожности вследствие ненадлежащего исполнения лицом своих профессиональных обязанностей) 2 саастаах оҕо суорума суолламмытынан холуобунай дьыала тэрийдэ.Бу туһунан СӨ Силиэстийэлиир управлениета иһитиннэрдэ.

Холуобунай дьыала матырыйаалларыгар сурулларынан, олунньу 29 күнүгэр учаастактааҕы педиатр-быраас туһаайыытынан  кыра кыысчаан  инфекционнай балыыһаҕа киирбит. Ол кэннэ  оҕо  реанимациҕа киирэн баран тыына быстыбыт.

Оҕо өлбүт төрүөтэ —  гастроэнтерит ыарыы диэн быһаарыллыбыт.
Билигин холуобунай дьыаланан мэдиссиинискэй докумуоннар үөрэтиллэллэр, дуоппуруостааһын ыытыллар диэн Силиэстийэлиир управление иһитиннэрдэ.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
1
+1
8
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: