Салгыы
Икки суоппар киһини түҥнэри көтөн баран куоппуттар

Икки суоппар киһини түҥнэри көтөн баран куоппуттар

16.06.2023, 15:27
Хаартыска Суолга куттал суох буолуутун иниспиэксийэтин пресс-сулууспатыттан
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ күнүс 13:00 ч. саҕана Суолга куттал суох буолуутун иниспиэксийэтин дьуһуурунай бөлөҕөр Дьокуускай куорат 1-кы №-дээх поликлиникатын тиэргэнигэр массыынаны туруорар сиргэ «Toyota Premio» мааркалаах массыына эдэр кыыһы түҥнэри көппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит.

Быһылаан түмүгэр 22 саастаах кыыс эт-хаан эчэйиитин ылан суһал көмө массыынатынан балыыһаҕа киирбит.

Эмиэ бу күн киэһэ 19:00 ч. Дьокуускай куорат Лермонтов уулуссатын 66-с №-дээх дьиэтин аттыгар эмиэ «Toyota Premio» мааркалаах массыына Лермонтов уулуссатынан айаннаан иһэн Октябрьскай уулуссатыгар уҥа туораары күөх уокка туоруур сиринэн баран испит киһини аһардыбакка, түҥнэри көтөн баран куотан хаалбыт. Эмсэҕэлээччи эт-хаан эчэйиитин ылбыт, суһал көмө массыыната травматология пуунугар илдьибит.

Бу икки быһылаанынан административнай сэлиэстийэ барар. Суолга куттал суох буолуутун иниспиэксийэтин Суһал-ирдиир тэрээһиннэринэн суол быраабылатын кэспит дьону эчэппит суоппардар суукка иһигэр булуллубуттар.

Суол быһылаана тахсыбыт миэстэтигэр эчэйбит киһини хаалларыы иһин буруйдаах РФ административнай быраабы кэһии туһунан кодексын 2 чааһын 12.27 ыстатыйатынан накаастабылы сүгүөхтээх. Дьону эчэтэн баран көмөлөспөккө, быһылаан тахсыбыт сириттэн куоппут киһи, тырааныспары биир сылтан балтараа сылга диэри ыытар бырааба быһыллыан эбэтэр уон биэс сууккаҕа хаайыллыан сөп.

Бу икки суоппар быһылаан тахсыбыт сириттэн эппиэтинэстэн куотан саһа сатаабыттар. Маннык элбэх түгэн бэлиэтэнэр. Суол быһылааныгар кыттыгастаах суоппар тута тохтуохтаах, аварийнай уотун тыктарыахтаах уонна аварийнай бэлиэтин ууруохтаах, Суолга куттал суох буолуутун иниспиэксийэтин ыҥырыахтаах, эчэйбит киһи баар буоллаҕына, суһал көмө массыынатын ыҥырыахтаах.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -40°C
  • Ощущается: -47°Влажность: 67% Скорость ветра: 3 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: