Икки сылы быһа түөкүттэргэ албыннаппыт
Ленскэй оройуонун полициятыгар биир эдэр киһи түөкүттэри үҥсүбүт. Кини этэринэн, икки сылы быһа түөкүттэргэ албынната сылдьыбыт эбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бу кэм устата бу киһи инвестициялаан, харчыбын элбэтэ, үгүөрүтүк үлүннэрэ сылдьабын дии саныыр эбит. Ол түмүгэр, кини уопсайа 2,2 мөлүйүөн солкуобай суумалаах үс кирэдьиити ылан, түөкүттэргэ ыыппыт. Түөкүттэр икки сылы быһа, дьэ, үчүгэйдик да албынныыр буолар эбиттэр.
Бу ааспыт сууккаҕа түөкүттэртэн эмсэҕэлээбит дьонтон икки сайабылыанньа киирбит. Иккис киһи — Дьокуускайга олорор, үлэтэ суох киһи 800 тыһыынча солкуобайын сүтэрбит.
Түөкүттэр бэйэлэрин сиэртибэлэрин биллэрии сервиһиттэн, социальнай ситимнэртэн, о.д.а. булаллар. Чэпчэки билиэти, балысхан бырыһыаннаах инвестицияны эрэннэрэллэр, «Госуслуги» порталга аккауҥҥун алдьаттылар», «баантан эн ааккар кирэдьиит ылан эрэллэр», «эн ааккар дьыала тэрилиннэ» диэн куттууллар.
Кэнники кэмҥэ Оҥоһуу өй көмөтүн хото туһанар буоллулар: киһи куолаһын, хаартыскатын, бэл, видеотун бэйэлэрэ талбыттарынан уларыталлар, саҥардаллар. Билэр киһим көрдөһөр диэн, онно киирэн биэриэххэ сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: