Икки сүүстэн тахса байыас уонна кинилэр чугас дьонноро үлэлэннилэр
СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатын көмөтүнэн 205 байыас уонна кинилэр чугас дьонноро үлэнэн хааччылыннылар. Бу туһунан брифиҥҥэ СӨ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинин дириэктэрэ Николай Иванов иһитиннэрдэ.
Сыл саҕаланыаҕыттан 352 байыас уонна кинилэр дьонноро үлэ-хамнас туһунан ыйыталаспыттар. Мантан 54 байыас уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ үлэнэн хааччыллыбыттар. 109 оҕо сынньалаҥнарын кэмигэр үлэлээбиттэр. Алта киһи урбаанынан дьарыктаналларыгар үбүнэн-харчынан көмөнү-өйөбүлү ылбыттар. 39 киһи саҥа идэ ылар уонна квалификациятын үрдэтэр кыахтаммыт.
«Ааспыт нэдиэлэҕэ дьарыктаах буолуу сулууспатынан түөрт байыас үлэлэммит. Ол иһигэр, холобур, биир киһи Нам улууһугар «Теплоэнергия» АУо машиниһынан киирбит, Чурапчы улууһугар биир киһи бэйэ дьыалатын тэриммит«, — диэн бэлиэтиир Николай Иванов.
Маннык тэрээһиннэр улуустарга салҕаналлар. Ол курдук, алтынньы 10 күнүгэр Ленскэй улууһугар дьарыктаах буолуу киинэ «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда социальнай сүрүннээччитин кытары көмөлөөн байыастары кытары көрсүһүүнү тэрийбиттэр.
Николай Иванов байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун кииниттэн, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» пуонда филиалыттан итиэннэ 122 (эбии 7 нүөмэр) биир кэлим нүөмэргэ эрийэн исписэлиистэр сүбэлэрин-амаларын ылар кыахтаахтарын санатар.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: