Быйыл Үс Хатыҥ Оһуокай түһүлгэтин оһуокайа мэлдьи буоларын курдук үрдүк таһымнаахтык ааста.
«Оһуокай» уопсастыбатын бэрэссэдээтэлэ Александр Джурович Данилов- Дьулуур Хаан салайааччылаах дьүүллүүр сүбэ икки суукканы быһа тохтобула суох өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуокайы тэрийдилэр уонна кыайыылаахтары быһаардылар.
Быйылгы оһуокай биир уратытынан сааһыттан хааччаҕа суох, биллиилээх этээччилэри сэргэ киэҥ түһүлгэҕэ кытыннылар. Дархан, үтүөлээх, аан бастаан этээччилэр түһүлгэлээн этэн, мантан 17 киһи талыллан киирэн, анал темалары сэрэбиэйинэн талан, бэлэмнэммэккэ эрэ эттилэр. Маннык тэрээһин оһуокай күрэҕэр хаһан да суоҕа. Манна этээччи тутатына хоһуйар маастарыстыбата, дьүһүйүүтэ, түһүлгэни тутуута ордук чорботон сыаналанна. Быйыл хайа да сыллааҕар элбэх этээччи араас улуустартан кэлэн кытыннылар. Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Афанасий Попов хас да үөрэнээччитэ киирэн кыттаннар, киэҥ түһүлгэни төрүттээтилэр. Хомоҕой, баай тыллаахтар, кылыгырас куоластаах этээччилэр хайа да сыллааҕар мустан, Туймаада хочотун олохтоохторун астыннардылар. Сунтаартан, Бүлүүттэн, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Амматтан, Тааттаттан, Уус Алдантан, Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан элбэх кыттааччы кэлэн күөн күрэхтэстэ. Тутатына теманан хоһуйан, этээччилэр маастарыстыбаларын сыаналаатыбыт. Бастыҥ этээччи Гран при аатын Дьокуускайтан Уйгулаах Саарын кыыһа Күбэйэ, Мэҥэ Хаҥаластан Денис Оконешников, Сунтаартан Евдокия Захарова ылан,.Дархан аатын сүктүлэр.
Билиҥҥи үйэ Сибиэрэбэ диэн Туймаада ыһыаҕар кыттыбыт хомусчут Владимир Дормидонтовы бар дьоно сыаналаата. Кини эрэллээхтик иккис миэстэни ылла, үсүһү Дьокуускайтан эдэр этээччи Мария Иванова ыллылар.
Эһиилги ыһыахха Александр Джурович кэлэр сыл, ыам ыйын 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүү күрэххэ оҕолорго бастаабыттары, Үс Хатыҥҥа оҕолорго эмиэ күрэҕи тэрийэр наадалааҕын эппитин биһирээтибит.
Үс Хатыҥ ыһыаҕар Ил Дархан А.С.Николаев Оһуокай түһүлгэтигэр кэлэн үҥкүүлэстэ, Оһуокай уопсастыба ыытар үлэтин биһириирин эттэ.
Марта Николаева
Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…
Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…
Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…
Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга бэриниилээх…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…