Салгыы
Икки уола байыаннай дьайыыга сылдьаллар

Икки уола байыаннай дьайыыга сылдьаллар

09.02.2023, 14:40
Хаартыскалаҕа Ангелина Васильева Анна түһэриитэ.
Бөлөххө киир:

Таатта улууһун Уус Таатта олохтооҕо Светлана Габышева икки уола байыаннай дьайыыга Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьаллар.

Улахан уола бастакы ыҥырыыга хантараагынан баран сулууспалыы сылдьан, бааһыран кэлэн, Москваҕа эмтэммитэ. Дьиэтигэр кэлбэтэҕэ. Бааһырбыт байыастарга 500 тыһыынча солкуобай төлөнүөхтээҕин, ылбыта. Кэргэнэ арахсыбыта да, 200 тыһыынчалаах төлөбүрү ылбыта. Биир оҕолоохтор.
Кини билигин Курильскай арыыларга сулууспалыы сылдьар. »Атаҕа ситэ оспотох, үчүгэйдик хамсаабат, хайдах буолара буолла», — диэн ийэтэ үөһэ тыынар.
Кыра уола былырыын күһүн быстах хомуурга ыҥырыллан барбыта. Уус Тааттаттан иккиэ буолан сылдьаллар эбит. Биирдэ эмэ эрийэн кэпсэтэр. Бу иллэрээ күн эрийэн »этэҥҥэ сылдьабын» диэн, ийэ сүрэҕин үөрдүбүтэ. Ийэҕэ бу икки тыл төһөлөөх күндү буолуохтарай?
— Биһиги бэйэбит эрийэ сатаабаппыт. Баҕар, үгүстүк эрийэллэрин боболлоро да буолуо. Долгуйдахпытына, ыксаатахпытына, алаадьылыыбыт, — диэн Светлана Ивановна этэр.
Ийэ уолаттара этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин тулуйбакка кэтэһэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: