Икки үйэни, икки тутулу ситимнээн

Икки үйэни, икки тутулу ситимнээн

Ааптар:
25.02.2023, 10:00
Хаартыска И.Борисов тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

1957 сыл. Бастакы суруйууларым “Кыым” уонна “Эдэр коммунист” хаһыаттарга бэчэттэммиттэрэ. Ити сыл күһүнүн “Молодежь Якутии” хаһыат эрэдээктэрэ Прокопий Иванович Егоров “Юный корреспондент” диэн оскуоланы аһан, суруйуон баҕалаахтары икки дуу, үс ый дуу курдук дьарыктаатылар. Мин онно баҕаран туран дьарыктанным. Сахалыы суруйбуппун нууччалыы тылбаастаан бэчээттииллэр. Дьэ, итинник хаһыат үлэтигэр сыстан барбытым.

1958 сыл сайыныгар аармы­йаҕа ыҥырылынным. Арай, бииргэ үлэлиир дьонум: “Хаһыакка суруйууларгынан эйиэхэ харчы – гонорар диэн биэрэллэр, баран ылыаҥ үһү”, – диэтилэр. Оччону истибит киһи, тута эрэдээксийэҕэ ыстанным. Хассыыр быһыылаах, хаһыаттар биэдэмэстэрин көрөн баран, 100 солкуобай курдугу ааҕан, илии баттатан баран, туттаран кэбистэ. Онон үйэбэр аан бастаан гонорар ылан, суруксуттаан аһыыр диэн тугун билэн, лаппа үөрэн-көтөн тахсыбытым.

“Кыымнардыын” алтыспытым, үөрэммитим элбэх

Аармыйаттан кэлэн баран, университекка үөрэнэр кэммэр суруксуттуурбун бырахпатаҕым. Устунан “Якутский университет” хаһыат эрэдээктэрэ буолбутум. Өрөспүүбүлүкэ хаһыатыгар университет туһунан араас өрүттээх информациялары, ыстатыйалары суруйарым. Инньэ гынан, “Кыым” хаһыат үтүө үлэһит дьонунуун чугас­тык билсибитим. Биир кэмҥэ бу сүрүн хаһыакка эрэдээктэрдээбит, ол иннинэ баартыйа обкуомун бэчээккэ сиэктэрин сэбиэдиссэйэ Спиридон Ксенофонтович Дмитриев үтүө сүбэһитим, настаабынньыгым этэ. Кини университекка философия кафедратыгар үлэлээбитэ.Университет хаһыатыгар бэлитиичэскэй суолталаах ыстатыйаны бэчээттэтиэм иннинэ, киниэ­хэ көрдөрөрүм, эрэдээксийэлэтэрим. Тэлэбиидэнньэҕэ уонна араадьыйаҕа үлэлиир сылларбар “Кыым” эрэдээктэринэн үлэлээбит Николай Семенович Яковлевтыын пропаганда эрэдээксийэтигэр бииргэ үлэлээбиппит.

“Кыым” хаһыаты үс төгүл төхтүрүйэн, үйэ чиэппэриттэн ордук салайбыт киһинэн Савва Константинович Томскай буолар. Алта төгүл Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта. Кини обкомҥа бэчээт сиэктэрин сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорор Лука Гавриилович Колесовы туруорсан бастакы солбуйааччытынан анаппыта. Иккис солбуйааччы, бартыыйынай отдел сэбиэдиссэйэ Дмитрий Николаевич Николаев норуодунай хонтуруол докумуоннарыгар олоҕуран уоттаах кириитикэһит, сытыы бөрүөлээх суруксут быһыытынан биллибитэ.

Бырамыысыланнас отделын Михаил Дмитриевич Капустин салайара. Хоту оро­йуоҥҥа хаһыат эрэдээктэринэн үлэлээн баран, 1939 сыллаахтан “Эдэр бассабыык” хаһыакка үлэлээн иһэн кэлбитэ. Бартыыйынай отделга марксизм-ленинизм түөрүйэтин дириҥник сүрэҕэр иҥэриммит, онон салайтаран этэр-тыынар, суруксуттуур Семен Герасимович Сивцев үлэлиирэ. Култуура отделын Василий Васильевич Кириллин салайан ааспыта. Ол эрээри, кинини эппиэттиир сэкирэтээринэн анааннар, бу дуоһунаска бэрт уһуннук олорбута. Сахалыы, нууччалыы бэрт холкутук суруйара. Кэлин “Социалистическая Якутия” хаһыат эрэдээктэрин бастакы солбуйааччынан ананан үлэлээбитэ. Былаас уларыйбытыгар саҥа салалтаҕа олус бэриниилээхтик сулууспалаабыта, тустаах үлэтин таһынан бэ­­рэсидьиэн мунньахтарга этиилэрин, хаһыаттарга, сурунаалларга ыстатыйаларын, кинигэлэрин бэлэмнээн, чочуйан, ситэрэн-хоторон үгүс сыратын биэрбитэ.

Сэкирэтэрийээккэ Василий Алексеевич Сыромятников хомоҕой тыллаах-өстөөх суруксут бэрдэ этэ. Киниэхэ Василий Семенович Федоров-Сэмээр Баһылай көмөлөһөрө, айылҕа абылаҥын бэрт минньигэстик араастаан ойуулаан, хоһуйан суруйуу маастара этэ.

“Кыым” хаһыат аатын-суо­лун үрдэтиигэ сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлээбит киһинэн сэрии бэтэрээнэ, буойун-фото-кэрэс­пэдьиэн Еремей Никитич Порядин буолар. Сахатын сирин бары оройуоннарын кэри­йэн үлэһит дьону, олоҕу, айылҕаны, бэлиэ түгэннэри түһэрэн үйэлэргэ хаалларбытын ааҕан сиппэккин. Өрөспүүбүлүкэҕэ дойду үрдүкү салалтатыттан кэллэхтэринэ хаартыскаҕа түһэрэри киниэхэ итэҕэйэн сорудахтыыллара. Үгүстэн биир холобуру ыллахха, 1974 сыллаахха ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Николаевич Косыгин Саха сиригэр кэлбитигэр, фото-кэрэспэдьиэн Еремей Порядин бииргэ сылдьан түһэрбитэ.

Хаһыат биир чаҕылхай талааннаах үлэһитэ Василий Васильевич Ойуурускай этэ. Гражданскай сэрии кэмигэр аҕатын – оройуонугар биллэр ревкомовец Исаевы үрүҥ бандьыыттар кыыллыы сэймэктээн өлөрбүттэрэ. Василий Васильевич, төһө да аҕыйах саҥалааҕын иһин, сытыы бөрүөлээх абытай суруксут этэ. “Кыым” “Тигээйитэ” фельетон, сатира, юмор жанрдарыгар суруйуулара саха бэчээтин классиката этэ диэтэххэ, омун­нааһын буолуо суоҕа.

Эдэрситии кэскиллээх бэлиитикэтэ

“Кыым” хаһыат салгыы сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит киһинэн саха норуотун биир чаҕылхай уолун Филипп Гаврильевич Охлопковы ааҕабын. Кини баартыйа Мэҥэ Хаҥаластааҕы райкомун бастакы сэкирэтээринэн үлэлии олордоҕуна, ССКП обкомун оччотооҕу бастакы сэкирэтээрэ Г.И.Чиряев обком бюротун уурааҕынан Бэчээт сиэктэрин сэбиэдиссэ­йинэн анаппыта. Бу дуоһунаска олорон Филипп Гаврильевич өрөспүүбүлүкэ, оройуоннар хаһыаттарын каадырдарын бэлэмнээһининэн, үүннэриинэн утумнаахтык дьарыктаммыта.

Ол курдук, бастатан, “Кыым” хаһыат сааһырбыт кэлэктиибин сиһилии үөрэтэн баран, эрэдээксийэни каадырдарынан бөҕөргөтөр дьаһаллары олохтообута. Бырамыысыланнас отделын сэбиэдиссэйинэн Томпо оро­йуонуттан хаһыат эрэдээктэрэ Леонид Леонидович Владимиров кэлбитэ. Салгыы хаһыат кэлэктиибигэр Прокопий Караканов, Тамара Корякина, Иван Ксенофонтов, Милан Афанасьев, Михаил Слепцов, Николай Ылахов курдук олус суруксут эдэр дьон утуу-субуу үлэлээн барбыттара. Бу уолаттар суруйуулара дириҥ ырытыылаах, тыллара-өстөрө чахчы ылбаҕай, ылыннарыылаах буолан, дьон-сэргэ сөбүлээбитэ, биһирээбитэ, ылыммыта.

Филипп Гаврильевич Охлоп­ков “Кыым” хаһыакка эрэдээктэрдиир кэмигэр саҥа көрүүнү, сүүрээни сорунуулаахтык олохтоон барбыта. Хаһыат ис хоһоо­но лаппа тупсубута, тыла-өһө, тас көстүүтэ уларыйбыта. Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ үлэһит дьонун туһунан суруйуулар утумнаахтык бэчээттэнэр буолбуттара. Онон хаһыат ордук тыа сиригэр хас ыал аайы кэтэ­һиилээх-күүтүүлээх ыалдьытынан буолбута.

Уодаһыннаах 90-с сыллартан

Кэм-кэрдии, өй-санаа, бүтүн судаарыстыба тутула уларыйбыт, дьон-норуот олоҕо сатарыйбыт уодаһыннаах 90-с сылларга бу эдэр суруналыыстар бэйэлэрин талааннарын арыйан, бар дьоҥҥо олох саҥа кэрдиис кэмигэр хайдах тэринэн, дьаһанан олорорго үтүө сүбэһит буолбуттара, ыарахан күннэри-дьыллары этэҥҥэ туоруур таба суолу ыйан-кэрдэн биэрбиттэрэ. Саҥа үйэ саҥа “Саха сирэ” хаһыата саханы саха оҥорбут “Кыым” хаһыат оруолун толорон барбыта, эрэллээх утумнааччынан буолбута.

Саҥа былаас тэрийбит “Саха сирэ” хаһыатыгар “Кыым” хаһыат үлэһиттэрэ тутуспутунан көспүттэрэ: Дмитрий Кустуров, Иван Ксенофонтов, Тамара Корякина, Прокопий Караканов, Милан Афанасьев, Лука Колесов, Иван Парников, Егор Коркин, о.д.а. Бары саҥа хаһыакка олус чиэһинэйдик үлэлээбиттэрэ, бэйэлэрин ааттарын, чиэстэрин түһэн биэрбэтэхтэрэ. Бу үлэни сүрүннээбит киһинэн Василий Васильевич Кириллини билинэбин.

Дохсун олох долгуна үгүс үтүө доҕотторбутун олохторун огдолуппута. Бу ахтыыбар, бааллара буоллар өссө да айа-тута сылдьыах суруналыыс, хаһыатчыт доҕотторбун: Проня Караканов, Миша Слепцов, Коля Ылахов, Макар Баишев, Леня Владимиров, Гоша Коркин, Ваня Парников, Коля Герасимов, Александр Архипов, Вася Еремеев, Вася Кириллин, Филипп Охлопков сырдык ааттарын ахтан-санаан, сүгүрүйэн ааттыыбын. “Кыым” хаһыакка бэрт уһуннук МГУ суруналыыстыка бакылтыатын үөрэнэн бүтэрбит Федора Петровна Егорова үлэлээбитэ.

Уһун кэмҥэ, икки үйэни ситимнээн, икки тутулга суруналыыстыка, бэчээт эйгэтигэр араас түһүүлээх-тахсыылаах кэмнэргэ “эн-мин” дэһэн алтыһан айымньылаахтык үлэлээн ааспыт биир идэлээхтэрбин барыларын ахтан ааһар кыах суох. Кылгас одоҥ-додоҥ бэлиэтээһиммин түмүктүүбүн.

Иван Борисов,

суруналыыстыка бэтэрээнэ,

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: