Иккиһин итирик туруктаах уруулга олорбут суоппардартан сыаналаах массыыналарын былдьаатылар
07.11.2024, 18:30
Хаартыска: Госавтоинспекция пресс-сулууспата
Бөлөххө киир:
Алдан уонна Ленскэй оройуоннарыгар иккиһин итирик туруктаах уруулга олорбут суоппардартан «Lexus IS200t» уонна «BMW 5201» сыаналаах массыыналары судаарыстыба дохуотугар былдьаатылар.
Госавтоинспекция иһитиннэрбиттэринэн, буруйданааччыларга маннык дьаһал ылыллыбыта түмүктэммэтэ. Икки суоппардар Холуобунай Кодексынан буруйданнылар. Суут сокуону кэһээччилэри 200 тыһыынча солкуобайдаах ыстараап төлүүргэ уураахтаата уонна судаарыстыба дохуотугар хамнастарыттан 5 %- нын тутарга быһаарда. Ону тэҥэ суоппардар тырааныспары ыытар бырааптара быһылынна: биир суоппарга икки сылга, иккис суоппарга үс сылга уонна алта ыйга.
Былдьаммыт массыыналар судаарыстыба дохуотугар бэриллиэхтэрэ. Бириигэбэр сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
2
+1
2
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: