Саха сиринээҕи ИДьМ сулууспатын Нерюнгри оройуонун наркотигы эргиниигэ хонтуруоллуур отделын үлэһиттэрэ суһал иһитиннэриилэринэн, Алдан–Нерюнгри суол трассатыгар наркотигы сокуоннайа суох эргиниигэ чугастааҕы тас дойдулартан икки омук гражданнара уорбаланан тутулуннулар.
Тырааныспары көрүү-истии кэмигэр кэлии дьонтон, 40-ча саастаах эр киһиттэн уонна 34 саастаах дьахтартан, биллибэт сырдык өҥнөөх кристаламмыт эттиктээх 96 сууламмыт бакыаты булан былдьаабыттар. Кэлин кинилэр ыйыыларынан тыаҕа кистэммит өссө эбии 12 бакыаты булбуттар.
Силиэстийэ быһаарыытынан, уорбаланааччылар наркотигы атын эрэгийиэнтэн атыыласпыттар уонна салгыы атыылыыр сыаллаах айаннаан иһэн кыра бакыаттарга уган суулаабыттар. Ыытыллыбыт чинчийии түмүгүнэн синтетическэй мефедрон наркотик буолара быһаарыллыбыт. Холуобунай дьыала тэрилиннэ, уорбаланааччылары хаайдылар. Бу туһунан Саха сиринээҕи ИДьМ пресс-сулууспата суруйар.
Хой Өрөгөй нэдиэлэтэ үүммүт. Үлэҕэр саҥа кыах аһыллыа. Салайааччыҥ болҕомтотун ылыаҥ. Нэдиэлэ устата харчы оҥорорго…
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…