Салгыы
Иккис сийиэс ньиргийэн ааста

Иккис сийиэс ньиргийэн ааста

25.11.2022, 10:14
Бөлөххө киир:

Үс күн устата ыытыллыбыт саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи II сийиэһэ түмүктэннэ. Бэҕэһээ ыытыллыбыт түмүктүүр мунньахха СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников суолталаах, ыйааһыннаах кэккэ этиилэри оҥордо. Олортон сийиэһи үс сылга биирдэ ыытар туһунан этии киллэрэрин, үөрэх дьылын бүтүүтүн аайы тыллар туһунан отчуот ирдэниэҕин бэлиэтиэххэ сөп.

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников Тыл Сүбэтин мунньаҕын Ил Дархан Айсен Сергеевич бэйэтэ иилээн-саҕалаан ыыппытын, манан салалтаҕа, олохтоох бэйэни салайыныыга уонна үлэлии сылдьар учууталларга аар аартыгы арыйан биэрбитин иһитиннэрэн туран, итинник өйүүр салалта биһиги өрөспүүбүлүкэтигэр эрэ баарын уонна тыл туһугар туруулаһан үлэлиир салайааччылаахпытыттан үөрэбит, киэн туттабыт диэн эппитэ.

“Иккиһинэн, бу хас биирдии этиллибит этиини тиһиккэ тиһэн, былаан оҥорон тарҕатыахпыт. Бу сорудахтары толорооччулар элбэх буолуохпут, аҥаардас Бырабыыталыстыба эрэ буолбатах – учууталтан, оскуола дириэктэриттэн, үөрэх салалтатын салайааччытыттан саҕалаан, улуус баһылыгар, үөрэх министиэристибэтигэр, үрдүк үөрэх кыһаларыгар, чинчийэр институттарга тиийэ бары көмөлөөн үлэлиэхтэрэ. Тэлэбиидэнньэ, араадьыйа, кинигэ кыһата бары. Уонна хас биирдии пуун болдьохтоох, туһааннаах толорооччулаах буолуоҕа диэн бигэтик эрэннэрэбит, ол туоларын туһугар үлэлэһиэхпит.

Үсүһүнэн, саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын сийиэһин биэс сылга биирдэ буолбакка, үс сылынан ыытарга кыттааччылар элбэхтик эттигит. Ол этиини биһиги өйдүүбүт, билигин кэм тэтимэ олус түргэтээтэ, күүһүрдэ. Уон сыл анараа өттүгэр уонна билигин олохпут тэтимэ олох атын, уларыйыылар киирэ тураллар, саҥа тургутуулар кэлэ тураллар. Онно тоҕоостоохтук хоруйдуур гына сийиэспитин үс сыл буола-буола ыытарбыт сөптөөх эбит диэн ааҕабын. Ол гынан манна быһаарыы ылылынна дии санаамаҥ. Быһаарыыны Ил Дархан А.С.Николаев ылар. Сөптөөх быһаарыы ылынан биһиэхэ, эһиэхэ тиэрдиэҕэ диэн эрэнэбит.

Төрдүһүнэн, сийиэстэн ураты күннээҕи, сыллааҕы үлэбитигэр элбэх түгэн баар буолуоҕа, онно эбии этэбин — сыллата, үөрэх дьылын түмүгүнэн саха тылын уонна төрүт норуоттар тылларын туругун туһунан Үөрэх уонна билим министиэристибэтин судаарыстыбаннай дакылаатын истиэхтээхпит. Туох үлэ барбытын, ханнык улуус, оскуола көрдөрүүтэ, хас оҕо үөрэтэрин, аччаабытын, элбээбитин, хас оскуола хайдах таһымҥа, ханнык мадьыалынан үөрэтэрин туһунан дакылааты истиэхтээхпит. Ол хас биирдии учууталга, хас биирдии оскуола дириэктэригэр, үөрэх салаатыгар баар буолуохтаах уонна ол салгыы үлэлииргэ салайыахтаах. Бу курдук этиини киллэрэбин.

Ону тэҥэ, саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын учууталларын бэлэмниир биир үрдүк үөрэх кыһалаахпыт – Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет. Бу, Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын институтугар, хомойуох иһин, судаарыстыба суотугар үөрэнэр уонна бүтэрэр устудьуон ахсаана көҕүрүү турар. Биһиги судаарыстыба суотугар үөрэнэр устудьуон ахсаанын сыллата элбэтэн иһиэхтээхпит, ирдэнэр буоллаҕына 30, ирдэнэр буоллаҕына 50, ирдэнэр буоллаҕына 100, онтон даҕаны тахсаны. Ол туһугар биһиги үлэлэһиэхпит.

Түмүккэ этиэм этэ, өрөспүүбүлүкэҕэ (улуустарга, куоракка) сыллата бэрт элбэх оскуола тутуллан үлэҕэ киирэр. Бу оскуолаларга, чуолаан Дьокуускай куорат оскуолаларыгар булгуччу саха тылынан үөрэтэр уонна саха тылын биридимиэтигэр үөрэтэр кылаас баар буолуохтаах, хас биирдии саҥа киирэр оскуолаҕа. Ол туһугар үлэлиэхпит”, — диэн эттэ. Итиэннэ күн сарсын Олоҥхо күнэ бэлитэнэрин, эһиилги сыл дойду үрдүнэн Учуутал уонна сүбэтэй (наставник) сыла биллэриллэрин, онон учууталларга болҕомто күүһүрэ туруон бэлиэтээтэ.

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков сийиэс этэҥҥэ барбытын, тэрээһиннэрэ балай да табыллыбыттарын этэн туран, педагогтар күһүҥҥү уопсай сийиэстэрин кэнниттэн оҥорумаары гынан баран оҥоһуллубутун аһаҕастык этэр ирдэнэрин, саха тылыгар туспа суолта бэриллибитэ, үгэс кэһиллибэтэҕэ үчүгэйин ыйда. Итиэннэ резолюцияҕа сийиэс дэлэгээттэрин этиитин киллэриэххэ – сийиэһи үстүү сыл буола-буола тэрийиэххэ диэн санаатын биллэрдэ. “Бу билигин ылбыт соруктарбытынан чопчу үлэлээн баран, туох сатамматаҕын, кыайтарбатаҕын, эбии баарын кэтээн көрө сылдьан сотору мустуоҕуҥ. Кыһалҕа улахан, онон болҕомто эмиэ улахан буолуохтаах.

Кыһалҕабытын сүнньүнэн икки гына араардыбыт быһыылаах. ФГОС тула боппуруостарга салалта үлэлиэхтээх диэн бэҕэһээ өйдөспүппүт. Чаастары туруорсуу, үөрэх кинигэтинэн хааччыйыы эҥин өттүгэр өрөспүүбүлүкэ, үөрэх салалтата итиннэ күүскэ үлэлиэхтээх. Онтон ис кыахтар барыбыт кыһалҕабыт, ол иһигэр эһиги эмиэ. Бүгүн ис кыахтарга санаалар этиллибиттэрэ, резолюцияҕа киирбиттэрэ хайҕаллаах. Олор истэригэр бэрт суолталаах этиилэр бааллар” – диэн эттэ.

Нэһилиэктэргэ Анатолий Бурнашев “Сахат” оскуолатын курдук чааһынай оскуоланы тиийэн аһыахтара суоҕа эрээри, “Күнтэнил” уһуйаан курдук үлэни ыытары ким да боппотун бэлиэтиир. Үлэ ис хоһоонун уларытар, үөрэтэр эйгэни тэрийиигэ улахан болҕомто уурар ирдэнэрин ыйар. Манна сыһыаннаах этиилэр туһаныллыахтарын иһитиннэрдэ. Итиэннэ Ил Дархан тус бэйэтинэн сэттэ олоҥхоһукка, сэттэ оһуохай этээччигэ, сэттэ ууска ыйга отуттуу тыһыынчалаах истипиэндьийэни туттарбытын ахтан туран, “Айыы Кыһата” гимназия үөрэнээччилэрэ Мандар Уус кыһатыгар тахсан икки нэдиэлэттэн ордук уһуйуллан киирэллэрин холобурдаата. Ити оҕону кытта үлэҕэ ис кыах буоларын ыйар. Маны сэргэ, “Айар” кинигэ кыһатын, киинэни оҥорооччулар  кыаҕын толору туһаныахха наадатын этэр.

Бырамыысыланнай улуустарга, ордук бөһүөлэктэргэ сахалыы оскуолалар, кылаастар ахсааннарын көрөр наадатын ыйар.  “Икки холобуру ааспыт сийиэскэ  этэн турабын. Ол кэнниттэн туох даҕаны хамсыы илик. Усуйаанаҕа 1989 сыллаахха 42 тыһ. киһи олорор этэ, билигин 6 тыһ. эрэ тахса киһи. Оччолорго нэһилиэнньэтэ 4 тыһ. саха этэ уонна олохтоох төрүт омуктар. Олор ахсааннара аҕыйаабата, нэһилиэнньэтэ 6 тыһ. тиийэ түстэ, Депутатскайга сахалыы үөрэппэттэр – сахалыы уһуйаан да, оскуола даҕаны суох. Үөрэх министиэристибэтэ итинэн дьарыктаныахтаах, төрөппүттэри, улуус салалтатын кытта үлэлиэхтээх, ирдэнэр түгэнигэр Бырабыыталыстыбаҕа тахсыахтаах.

Баатаҕайтан уһуйаан сэбиэдиссэйэ бэркэ тыл эппитэ. Верхоянскайга 1989 сыллаахха 22 тыһ. киһи олорор этэ. Билигин 10 тыһ. иһинэн-таһынан хаалла. Баатаҕайга билигин баара-суоҕа 4 тыһ. кыайбат киһи олорор, саха нэһилиэнньэтэ киирэн олохсуйда. Түөрт уһуйааннаахпыт диэбитэ, биир даҕаны сахалыы уһуйаан суох. Уонна кэлэн оскуолаҕа киирэр оҕолорбут сахалыы билбэттэр диибит. Түөрт уһуйаантан биирин сахалыы оҥоруҥ диэн биэс сыллааҕыта этиллибитэ”, — диэн чорботон бэлиэтээтэ.

Литэрэтиирэни, эдэр суруйааччылары туһаныахха диэн норуот бэйиэтэ Н.И.Харлампьева, учуутал, бэйиэт Р.Н.Каженкин сөпкө эппиттэрин ыйар. Ол гынан баран Пушкин, Лермонтов таһымнарыгар этиллибит классиктар айымньыларын, оҕоҕо тиийимтиэни аныгы үйэ ирдэбилинэн уларытыахтаахпыт эрэ диэн солбуйар хайдах таҕаны табыллыбатын этэр.

Аны үөрэх кинигэлэрэ олус ыарахаттар диэн иһитиннэриигэ, бэрэпиэссэр Г.Г.Филиппов түөрүйэттэн халбаҥнаабакка оҥоһуллуохтааҕын сөпкө эппитин, үөрэх кинигэтэ сахалыы сатаан саҥарбат буолбут оҕо дуу, сахалыы сатаан өйдөөбөт, бутуйан саҥарар төрөппүт ирдэбилинэн дуу оҥоһуллуо суохтааҕын ыйар. “Үөрэх кинигэтэ базовай канон быһыытынан хайаан даҕаны баар буолуохтаах. Дьэ ол кэнниттэн сатаан өйдөөбөт, саҥарбат кыһалҕалаахтарга атын үөрэх кинигэлэрин, мэтиэдикэни оҥоруҥ. Тылбыт мөлтүүр дии-дии мөлтөх үөрэх кинигэлэрин оҥорон истэхпитинэ, олох даҕаны нууччалыыга эбэтэр английскайдыы тылга көһүөхпүт. Онон үөрэх кинигэлэрэ базовай уонна олохтоох ирдэбиллээх буолуохтаахтар. Биллэн турар, тылын-өһүн көрөр ирдэнэр. Ол гынан баран, биһиги онтон чугуйарбыт сатаммат”, — диэн халбаҥнаабаттык эттэ.

Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева урут саха тылын, литэрэтиирэтин, култууратын сийиэһэ диэн суоҕун, 2017 сыллаахха саҕаламмыта туһалаах эбит диэн улаханнык үөрбүтүн, салгыы үгэскэ кубулуйан ыытыллыа, хаһан эрэ 30-с сийиэс буолуо диэн эрэнэрин биллэрдэ.

“Бу күннэргэ саамай элбэхтик туруорбут боппуруостарынан ФГОС киириитигэр салгыы хайдах үлэлиирбит туһунан буолла. Үөрэҕи сайыннарар  уонна идэ таһымын үрдэтэр институт, Үөрэх уонна билим министиэристибэтэ сөптөөх туһаайыллыбыт мэтэдиическэй сүбэни (саха тылын, литэрэтиирэтин үөрэтиигэ үөрэх былаанын, бырагырааматын, үөрэтэр комплегы) сиһилии суруйан ыыталларыгар баҕа санаабын этэбин. Тоҕо диэтэххэ, оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор тэрилтэлэрэ орто үөрэхтээһин ситимигэр киирбитинэн уратылар бааллар.

Билигин чааһы чөлүгэр түһэрэргэ дьаһал баар буолла, балаҕан ыйын 15 күнүнээҕи бирикээс.

Аны кылаастары бөлөхтөргө араарыыны өр туруорустугут. Бу барыта нормативка көрүллэн, оскуолаларга тиийэн, хааччыллан, үлэҕэ хайдах киирэрэ барыбытыттан тутулуктаах.

Уһун сыллар устата туруорсубут олимпиадабыт федеральнай олимпиадалар испииһэктэригэр киирдэ. Ити кыаҕы бэйэбит испитигэр үчүгэйдик туһаныахпытын наада.

Бэҕэһээ учуутал статуһун туһунан элбэх ыйытыыны биэрбиттэрэ. Экспериментатор-учуутал, ааптарыскай бырагырааманан үлэлиир учуутал, айымньылаах бөлөхтөргө үлэлиир учуутал, о.д.а. хайысхаларынан үлэлиир учууталлары көҕүлүөххэ сөп.

Ассоциация өссө уоттаахтык-күөстээхтик үлэлиэн баҕарабын, элбэх этиилэри, туруорсуулары киллэрэн, өйдөтүү, быһаарыы үлэтин ыытыан, мэтиэдикэ өттүттэн элбэҕи оҥоруон сөп, бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдүөхтээхпит.

Бырамыысыланнай улуустар, бөһүөлэктэр элбэхтик туруорсаллар. Мииринэй, Алдан, Ленскэй улуустар, Баатаҕай, Сангаар, Зырянка, Депутатскай бөһүөлэктэр курдуктарга үлэни миэстэтигэр күүскэ ыытар, улуус үөрэҕин начаалыньыктара маннык мунньахтарга кэлэн кытталлара ирдэнэр. Итиэннэ бу курдук мунньахтарга финансистар сылдьыбат, ис хоһоону өйдөөбөт түгэннэригэр тус-туспа көрүү барыан сөп. Үөрэххэ сыһыаннаах тэрилтэлэр бары кыттыстахпытына эрэ хоннохтоох хамсаныылары оҥоруохпутун сөп”, — бэлиэтээтэ.

Мария ВАСИЛЬЕВА (СИА) хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 декабря
  • -26°C
  • Ощущается: -33°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: