Иккиттэн элбэх оҕолоох ыаллар учаастактарын атыытыттан киллэриммит дохуоттарыгар аны нолуок төлүөхтэрэ суоҕа. Нолуок кодексатыгар туһааннаах уларытыылары киллэрии туһунан сокуон барылын бэҕэһээ Судаарыстыбаннай Дуума бастакы ааҕыынан ылынна.
Судаарыстыбаннай Дуума бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин иһитиннэрбитинэн, бу уларыйыы былырыын киирбит саҥа хайысха салгыытынан буолар.
— Былырыын иккиттэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэлэрин-уоттарын атыылаан, онтон киллэриммит харчыларынан тута олорор усулуобуйаларын тупсарыммыт буоллахтарына нолуок төлөөбөт систиэмэлэрэ киирбитэ. Аны билигин Нолуок кодексатынан бу уларыйыыларга сир-уот эмиэ эбиллэн биэрдэ. Онон дьиэ кэргэн учаастагын, учаастак иһигэр тутуллубут эбийиэктэрин атыылаан, олорор усулуобуйатын тупсарыннаҕына нолуоктан эмиэ босхолонор кыахтанна, — диэн бэлиэтиир Вячеслав Викторович.
Манна даҕатан Вячеслав Володин дьиэ кэргэҥҥэ көмө быһыытынан үгүс сокуон тахсыбытын бэлиэтиир.
— Кэлиҥҥи сылларга дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолуутугар көмө-тирэх буолар сокуоннар тиһигин быспакка тахсаллар. Холобур, Ийэ хапытаалын билигин дьиэ кэргэн бастакы оҕотугар эмиэ ылар буолла, оҕо төрүөн инниттэн саҕалаан уон сэттэ сааһыгар диэри биир кэлим төлөбүр олохтонно. Доруобуйаларынан хааччахтаах түөрт саастарын туолбут оҕолордоох төрөппүттэр балыыһаҕа оҕолорун кытары сыталларыгар туспа орон уонна аһылык көрүллэр буолла. Бу иннинэ оҕоҕо эрэ төлөнөр этэ. Ону сэргэ бииргэ төрөөбүт оҕолор, олорор сирдэрин уларыттахтарына даҕаны, сокуонунан биир оскуолаҕа барар бырааптаннылар. Ол эбэтэр бастакы кылааска киириэхтээх оҕо, ханна олороруттан тутулуга суох, эдьиийэ эбэтэр убайа үөрэнэр оскуолатыгар барыан сөп, — диэн этэр кини.
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…
«Рослесхоз» официальнай саайтыгар ойуур култуураларын олордуутун сезонун түмүгэ таҕыста. Саха сирэ дойду бары эрэгийиэннэрин ортотугар…