Ил Дархан Харыйата буолан ааста
Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата. Быйылгы тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 700-чэкэ оҕо кэлбит.
Оҕолор номнуо оннуларын булан олорбуттар. Суруналыыстарга анаан бэлэмнээбит солбуллубат миэстэбитигэр тахсан олоробут. Мантан барыта ытыска уурбуттуу көстөр.
Муусука тыаһыыр, ону кытта уот биирдэ ньимис гынар, бүгүҥҥү күн көрөөччүлэрэ илиилэригэр тутан олорор араас өҥүнэн оонньуур уоттара тута бырааһынньыктааҕы настарыанньаны биэрэр. Ил Дархан Харыйатыгар цииркэҕэ кэлбит дьон бары остуоруйа дойдутугар баар буола түһэбит. Быйыл Самуил Маршак “Двенадцать месяцев” остуоруйатынан туруорбуттар. Бары даҕаны кинигэтин аахпыт, остуоруйатын көрбүт буолуохтааххыт. Ол эрээри, цииркэҕэ көрөр таһыччы эбит, быыһыгар саҥаттан-саҥа, сонун цирковой нүөмэрдэр киирэн остуоруйа дойдутун өссө сытыырхаталлар. Хаһан эмэ скакалканы ойор аты көрбүккүт дуо? Бу барыта бүгүн цииркэҕэ буолла.
Ил Дархан Айсен Николаев мустубут дьону, оҕолору кэлэн иһэр Саҥа сылынан, Ороһооспонон эҕэрдэлээтэ:
— Дьоллоох, амарах, киэҥ-билиилээх, сотору биһиги өрөспүүбүлүкэбитин салайыахтаах, үлэлиэхтээх, дойдубутун суон сураҕырдыахтаах оҕолору көрөрбүттэн үөрэбин. Эһигинэн киэн туттабын. Эһиги араас хайысханан үрдүк түмүгү көрдөрөҕүт.
Аныгы эдэр көлүөнэ дойду дьиҥнээх патриота буола үүнэн эрэр. Бүгүн, дойдубут көҥүл, эйэ иһин охсуһар кэмигэр, эһиги инникигэ дьулуһуугут, көмүскүүр санааҕыт олус суолталаах. Бу патриотическай тыыны өрүү тута сылдьар, сайыннарар ирдэнэр. Бэҕэһээ Кириэмилгэ Бэрэсидьиэн В.В.Путин 2025 сылы Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан мээнэҕэ биллэрбэтэ. Ол иннинэ мин СӨ Ийэ сылын биллэрбитим.
Бу байыаннай дьыаланы, бу эрэ хайысханы кытта ситиминээх дии санаамаҥ. Биһиги дойдубутун өрүү көмүскүүбүт – эһиги үчүгэйдик үөрэнэн, үтүө түмүктэри ситиһэн. Бу барыта Саха сирин, Арассыыйаны бөҕөргөтөр. Уустуктары аахсыбакка туран өрөспүүбүлүкэ сайдар, эһиэхэ өрүү көмөлөһүөҕэ. Тоҕо диэтэххэ, билэбит, биһиги кэскилбит – эһиги!” – диэн эттэ.
Үгэс быһыытынан 2024 сыл түмүгүнэн араас эйгэҕэ уһулуччу ситиһиилээх, бастыҥ көрдөрүүлээх 10 стипендиаты чиэстээтилэр. Кинилэр кимнээхтэрий?
- Аргунов Андрей, Дьокуускай куораттааҕы кадетскай интэринээт-оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ — Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар хас да төгүллээх кыайыылааҕа. «Национальное достояние России» (Москва, 2024) үөрэнээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы XVIII кэмпириэнсийэлэрин дипломана.
- Степанова Ганна, Алдан улууһун 20-с нүөмэрдээх Хатыыстыыр орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, үөрэх туйгуна, “Турэн-2024” норуоттар икки ардыларынааҕы төрөөбүт тыллар олимпиадаларын кыайыылааҕа.
- Яковлев Николай, Дьокуускай куорат 29-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 9-с кылааһын үөрэнээччитэ, туйгун үөрэнээччи, буулдьанан ытыыга Арассыыйаҕа биирдилээн бастыыр иһин күрэхтэһии кыайыылааҕа, Арассыыйа үөрэнээччилэрин сайыҥҥы XI спартакиадатын үрүҥ көмүс призера.
- Неморицына Саргылана, Таатта улууһун Ытык Күөл орто оскуолатын 11-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэстэр хас да төгүллээх кыайыылааҕа. Үөрэнээччилэр «СТАРТ В НАУКЕ» билимҥэ-чинчийиигэ уонна айар үлэҕэ куонкурустарын норуоттар икки ардыларынааҕы IX-XII түмүктүүр түһүмэҕин кыайыылааҕа.
- Шарков Артем, Хаҥалас улууһун Покровскай куорат 3-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 11-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, лауреат, “Национальное достояние России” кэмпириэнсийэ дастабырыанньатын уонна үрүҥ көмүс ураты бэлиэтин хаһаайына. «Война глазами прадедов» кинигэни хомуйан оҥорсубут ааптар буолар.
- Царук Виктория, Нерюнгри куорат 18-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 11-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкурустар хас төгүллээх кыайыылааҕа, Бүтүн Арассыыйатааҕы “Первые шаги в науке” билим-чинчийии, айар үлэ үөрэнээччилэргэ аналлаах XXII куонкуруһун I истиэпэннээх дипломана.
- Габышев Эдуард, Өлүөхүмэ куорат 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, Арассыыйатааҕы “Бастакылар хамсааһыннара” оҕо, ыччат хамсааһынын көхтөөх кыттааччыта, Ыччат тэрилтэлэрин патриотическай сөлүөтүн уонна “День Первых” бэстибээлин кыайыылааҕа.
- Михайленко Полина, Уус Маайа улууһун орто оскуолатын 9-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, физикаҕа норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэһин дипломана. «Пером написанные строки…» авторскай айымньылар Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэстэрин 1 истиэпэннээх дипломана.
- Соловьев Константин, Эдьигээн улууһун Эдьигээн орто оскуолатын 11-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэстэр, олимпиадалар кыайыылааҕа, призера. Математикаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы “Смарт” күрэс кыайыылааҕа.
- Морозова Миранда, Сунтаар улууһун Бүлүүчээннээҕи лиссиэй-интэринээт 11-с кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, “Зимний Харбин” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкуруһун Гран-при кыайыылааҕа, Харбин к., 2024 с., «Моделирование заседания Государственной Думы Федерального Собрания Российской Федерации» эрэгийиэннээҕи оонньуутун “Көхтөөх дьокутаат” номинациятыгар 1 миэстэлээх.
Ил Дархан Харыйатын бары 700 кыттыылааҕар биир кэмнээх истипиэндьийэ туттардылар. Оҕолор уопсай тэрээһинтэн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ тута харахха быраҕыллар. Стипендиаттар ааттарыттан Алдан улууһун Хатыыстыыр оскуолатын үөрэнээччитэ Ганна Степанова харда тылы эттэ.
Уус Маайа улууһун Эдьээн орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, 9-с кылааһы кыһыл аттестатынан түмүктээбит, биология, мэдиссиинэ хайысхатынан билим кэмпириэнсийэтин эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэр, олимпиадаларга өрүү ситиһиилээхтик кыттар Ида Попова: “Уус Маайаттан барыта аҕыс оҕо буолан кэллибит. Ил Дархан Харыйатыгар кэлбиппиттээн олус үөрэ сылдьабын. Бырагыраамата киэҥ буолан оҕо бэйэтэ талан сылдьар кыахтаах. Оскуолам кэнниттэн стоматолог буолар баҕа санаалаахпын” – диэн үөрүүтүн, былаанын үллэстэр.
Уус Алдан улууһун Тулуна орто оскуолатын биологияҕа учуутала, быйыл үөрэҕин бүтэрэн төрөөбүт улууһугар учууталлар кэккэлэрин хаҥатан үлэлээн эрэр Марина Жиркова: “ Уус Алдан улууһун дэлэгээссийэтигэр – 38 оҕо, икки салайааччы. Улуус саамай көхтөөх, туйгун үөрэнээччилэрэ, олимпиадаларга, араас куонкурустарга кыттыылаах, ситиһиилээх оҕолор талыллан кэллилэр. Сүрүн бырагыраамата киэҥ, оҕо туох интэриэстээҕинэн сырытта, олус сэргэх, биһирээтилэр. Ону таһынан, иллэҥ кэмҥэ туспа бырагыраама оҥорбуппут. Холобура, бэҕэһээ киэһэ түспүт сирбитигэр педагогическай баһаатайдар кэлэн оҕолору түмэр ис хоһоонноох “Доҕордоһуу киэһэтин” тэрийбиттэрэ. Бүгүн маасабай катокка барыахтаахпыт. Салгыы Саҥа дьыллааҕы экскурсия былааннаммыта”, — диэн кэпсиир.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: