Бүгүн Саха цииркэтигэр сылга биирдэ ыытыллар дьоро күн буолла – Ил Дархан үгэскэ кубулуйбут Харыйата. Быйылгы тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 700-чэкэ оҕо кэлбит.
Оҕолор номнуо оннуларын булан олорбуттар. Суруналыыстарга анаан бэлэмнээбит солбуллубат миэстэбитигэр тахсан олоробут. Мантан барыта ытыска уурбуттуу көстөр.
Муусука тыаһыыр, ону кытта уот биирдэ ньимис гынар, бүгүҥҥү күн көрөөччүлэрэ илиилэригэр тутан олорор араас өҥүнэн оонньуур уоттара тута бырааһынньыктааҕы настарыанньаны биэрэр. Ил Дархан Харыйатыгар цииркэҕэ кэлбит дьон бары остуоруйа дойдутугар баар буола түһэбит. Быйыл Самуил Маршак “Двенадцать месяцев” остуоруйатынан туруорбуттар. Бары даҕаны кинигэтин аахпыт, остуоруйатын көрбүт буолуохтааххыт. Ол эрээри, цииркэҕэ көрөр таһыччы эбит, быыһыгар саҥаттан-саҥа, сонун цирковой нүөмэрдэр киирэн остуоруйа дойдутун өссө сытыырхаталлар. Хаһан эмэ скакалканы ойор аты көрбүккүт дуо? Бу барыта бүгүн цииркэҕэ буолла.
Ил Дархан Айсен Николаев мустубут дьону, оҕолору кэлэн иһэр Саҥа сылынан, Ороһооспонон эҕэрдэлээтэ:
— Дьоллоох, амарах, киэҥ-билиилээх, сотору биһиги өрөспүүбүлүкэбитин салайыахтаах, үлэлиэхтээх, дойдубутун суон сураҕырдыахтаах оҕолору көрөрбүттэн үөрэбин. Эһигинэн киэн туттабын. Эһиги араас хайысханан үрдүк түмүгү көрдөрөҕүт.
Аныгы эдэр көлүөнэ дойду дьиҥнээх патриота буола үүнэн эрэр. Бүгүн, дойдубут көҥүл, эйэ иһин охсуһар кэмигэр, эһиги инникигэ дьулуһуугут, көмүскүүр санааҕыт олус суолталаах. Бу патриотическай тыыны өрүү тута сылдьар, сайыннарар ирдэнэр. Бэҕэһээ Кириэмилгэ Бэрэсидьиэн В.В.Путин 2025 сылы Аҕа дойдуну көмүскээччи сылынан мээнэҕэ биллэрбэтэ. Ол иннинэ мин СӨ Ийэ сылын биллэрбитим.
Бу байыаннай дьыаланы, бу эрэ хайысханы кытта ситиминээх дии санаамаҥ. Биһиги дойдубутун өрүү көмүскүүбүт – эһиги үчүгэйдик үөрэнэн, үтүө түмүктэри ситиһэн. Бу барыта Саха сирин, Арассыыйаны бөҕөргөтөр. Уустуктары аахсыбакка туран өрөспүүбүлүкэ сайдар, эһиэхэ өрүү көмөлөһүөҕэ. Тоҕо диэтэххэ, билэбит, биһиги кэскилбит – эһиги!” – диэн эттэ.
Үгэс быһыытынан 2024 сыл түмүгүнэн араас эйгэҕэ уһулуччу ситиһиилээх, бастыҥ көрдөрүүлээх 10 стипендиаты чиэстээтилэр. Кинилэр кимнээхтэрий?
Ил Дархан Харыйатын бары 700 кыттыылааҕар биир кэмнээх истипиэндьийэ туттардылар. Оҕолор уопсай тэрээһинтэн сүргэлэрэ көтөҕүллүбүтэ тута харахха быраҕыллар. Стипендиаттар ааттарыттан Алдан улууһун Хатыыстыыр оскуолатын үөрэнээччитэ Ганна Степанова харда тылы эттэ.
Уус Маайа улууһун Эдьээн орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, 9-с кылааһы кыһыл аттестатынан түмүктээбит, биология, мэдиссиинэ хайысхатынан билим кэмпириэнсийэтин эрэгийиэннээҕи түһүмэҕэр, олимпиадаларга өрүү ситиһиилээхтик кыттар Ида Попова: “Уус Маайаттан барыта аҕыс оҕо буолан кэллибит. Ил Дархан Харыйатыгар кэлбиппиттээн олус үөрэ сылдьабын. Бырагыраамата киэҥ буолан оҕо бэйэтэ талан сылдьар кыахтаах. Оскуолам кэнниттэн стоматолог буолар баҕа санаалаахпын” – диэн үөрүүтүн, былаанын үллэстэр.
Уус Алдан улууһун Тулуна орто оскуолатын биологияҕа учуутала, быйыл үөрэҕин бүтэрэн төрөөбүт улууһугар учууталлар кэккэлэрин хаҥатан үлэлээн эрэр Марина Жиркова: “ Уус Алдан улууһун дэлэгээссийэтигэр – 38 оҕо, икки салайааччы. Улуус саамай көхтөөх, туйгун үөрэнээччилэрэ, олимпиадаларга, араас куонкурустарга кыттыылаах, ситиһиилээх оҕолор талыллан кэллилэр. Сүрүн бырагыраамата киэҥ, оҕо туох интэриэстээҕинэн сырытта, олус сэргэх, биһирээтилэр. Ону таһынан, иллэҥ кэмҥэ туспа бырагыраама оҥорбуппут. Холобура, бэҕэһээ киэһэ түспүт сирбитигэр педагогическай баһаатайдар кэлэн оҕолору түмэр ис хоһоонноох “Доҕордоһуу киэһэтин” тэрийбиттэрэ. Бүгүн маасабай катокка барыахтаахпыт. Салгыы Саҥа дьыллааҕы экскурсия былааннаммыта”, — диэн кэпсиир.
Дьокуускайга итирик кыыс харах балыыһатыгар айдаан таһаарбыт. Санаттахха, суһал офтальмологическай көмө киинигэр 30 саастаах кыыс…
Баһылай Манчаары аатынан "Модун" успуорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр Федор Дегтярев аатынан СӨ мас-рестлиҥҥэ абсолютнай чөмпүйэнээт…
Урбаанньыттары уонна бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччы дьону түмэр "Биисинэс-Экспо” быыстапка сылтан сыл аайы ыытар үлэтэ киэҥ…
Бүгүн, ахсынньы 21 күнүгэр, Саха сирин бриллиантовай циркэтигэр 20-с төгүлүн өрөспүүбүлүкэҕэ баһылык харыйата буолла. Айсен…
Ньурба улууһугар Күндээдэ биир улахан, көхтөөх нэһилиэк. Манна 700-тэн тахса киһи олорор. Федеральнай суол Бүлүү…
Бүддьүөт секторыгар салайааччылары (управленецтары) салгыы сарбыйыы туһунан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин кэмигэр иһитиннэрдэ.…