Салгыы
Ил Дархан: “2018 сылтан 171 үөрэх саҥа эбийиэгэ тутуллубут”

Ил Дархан: “2018 сылтан 171 үөрэх саҥа эбийиэгэ тутуллубут”

19.12.2024, 14:00
Хаартыска: Андрей Сорокин.
Бөлөххө киир:

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ олох бары эйгэтин сэргэ үөрэх боппуруоһугар киэҥник тохтоон ааста. Билигин хайдахтаах даҕаны устук кэм буолбутун иһин, биһиги үлэбит өрөспүүбүлүкэ, дойду, оҕолорбут туһугар туһаайыллыахтаах диэн эттэ.

“Национальнай бырайыактар, Уһук Илини сайыннарыы бырагырааматын көмөтүнэн үөрэх инфраструктуратын сайыннарыыга киэҥ хардыыны оҥордубут. 2018 сылтан 171 үөрэх саҥа эбийиэгэ тутулунна. Итинтэн 75 оскуола дьиэтэ, 81 уһуйаан. Маннык баһырхай тутуу Саха сирин устуоруйатыгар өссө бара илик.

Ааһан эрэр сыл түмүгүнэн 4200 миэстэлээх 15 оскуола, 315 миэстэлээх 4 уһуйаан, 4 оскуола спортивнай саалата үлэҕэ киириэҕэ. Дьокуускайга тэҥинэн 5 оскуола дьиэтэ аһыллар” – диэн эттэ. Саҥа дьыл иннинэ эрэ ДСК түөлбэтигэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев аата иҥэриллибит өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан оскуола  тутуута бүтүөҕүн эттэ. Эһиил өссө 13 оскуола, ол иһигэр куорат саҥа түөлбэтигэр Звезднайга оскуола үлэҕэ киириэҕин иһитиннэрдэ.

Ил Дархан үөрэх хаачыстыбатыгар эмиэ тохтоон ааста. “Үөрэх түмүгэ тупсуутун уруккулуу салайыы үлэтэ атахтыыр. Туһааннаах соругу хаһыс даҕаны сылын туруорабын, ол иһигэр, бастатан туран, улахан куораттарга үөрэх территориальнай комплекстарын тэрийиинэн. Ол эрээри, быһаарыы суох. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр улуус баһылыктарын кытта үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыгар көдьүүстээх сүрүн көрдөрүүлэр систиэмэтин киллэриини түргэтэтэргэ сорудахтыыбын” – диэтэ. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр материальнай өттүнэн көҕүлээһин үлэлэрин түмүгүттэн, дьон үөрэх өҥөтүн хаачыстыбатын таһымын төһө ылынарыттан, биһириириттэн тутулуктаах буолуохтаах диэн эттэ.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
19 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 68% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: