Ил Дархан: “2018 сылтан 171 үөрэх саҥа эбийиэгэ тутуллубут”

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ олох бары эйгэтин сэргэ үөрэх боппуруоһугар киэҥник тохтоон ааста. Билигин хайдахтаах даҕаны устук кэм буолбутун иһин, биһиги үлэбит өрөспүүбүлүкэ, дойду, оҕолорбут туһугар туһаайыллыахтаах диэн эттэ.

“Национальнай бырайыактар, Уһук Илини сайыннарыы бырагырааматын көмөтүнэн үөрэх инфраструктуратын сайыннарыыга киэҥ хардыыны оҥордубут. 2018 сылтан 171 үөрэх саҥа эбийиэгэ тутулунна. Итинтэн 75 оскуола дьиэтэ, 81 уһуйаан. Маннык баһырхай тутуу Саха сирин устуоруйатыгар өссө бара илик.

Ааһан эрэр сыл түмүгүнэн 4200 миэстэлээх 15 оскуола, 315 миэстэлээх 4 уһуйаан, 4 оскуола спортивнай саалата үлэҕэ киириэҕэ. Дьокуускайга тэҥинэн 5 оскуола дьиэтэ аһыллар” – диэн эттэ. Саҥа дьыл иннинэ эрэ ДСК түөлбэтигэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев аата иҥэриллибит өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан оскуола  тутуута бүтүөҕүн эттэ. Эһиил өссө 13 оскуола, ол иһигэр куорат саҥа түөлбэтигэр Звезднайга оскуола үлэҕэ киириэҕин иһитиннэрдэ.

Ил Дархан үөрэх хаачыстыбатыгар эмиэ тохтоон ааста. “Үөрэх түмүгэ тупсуутун уруккулуу салайыы үлэтэ атахтыыр. Туһааннаах соругу хаһыс даҕаны сылын туруорабын, ол иһигэр, бастатан туран, улахан куораттарга үөрэх территориальнай комплекстарын тэрийиинэн. Ол эрээри, быһаарыы суох. СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Үөрэх уонна билим министиэристибэтигэр улуус баһылыктарын кытта үөрэх тэрилтэлэрин салайааччыларыгар көдьүүстээх сүрүн көрдөрүүлэр систиэмэтин киллэриини түргэтэтэргэ сорудахтыыбын” – диэтэ. Хас биирдии үөрэх тэрилтэтигэр материальнай өттүнэн көҕүлээһин үлэлэрин түмүгүттэн, дьон үөрэх өҥөтүн хаачыстыбатын таһымын төһө ылынарыттан, биһириириттэн тутулуктаах буолуохтаах диэн эттэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бэрэсидьиэҥҥэ ыйытыыны хайдах биэриэххэ?

Ахсынньы 19 күнүгэр Москва бириэмэтинэн күнүс 12 чааска (Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 18 чааска) бэрэсидьиэн Владимир…

1 минута ago
  • Сонуннар

Николай Парников: “Дьиэбит сылаас, итии уубут баар, уоппут быстыбакка кэлиэн баҕарабыт”

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бүгүн пресс-кэмпириэнсийэ иитинэн ааһан эрэр сыл түмүгүн таһаарыаҕа. СӨ ОДьКХ уонна…

16 минут ago
  • Сонуннар

Альберт Семенов: «Киин куорат олохтоохторун үгүстэрин таарыйар кыһалҕалара этилиннэ»

Альберт Семенов, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлэ: -- Быйылгы туһаайан этиитигэр Ил Дархаммыт Айсен Николаев кэлэр…

28 минут ago
  • Сонуннар

Владимир Сивцев: «Кэлэр 2025 сылтан муоста тутуутун үлэтэ күүстээхтик саҕаланыаҕа»

Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитигэр сүрүн хайысхалартан биирдэстэринэн суол инфраструктуратын сайдыыта буолар.…

30 минут ago
  • Сонуннар

Сахамин Афанасьев: «Ил Дархан көҕүлээһиннэрэ — инникигэ чопчу быһаарыылар»

РФ сенатора Сахамин Афанасьев Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин сүрүн түгэннэриттэн санаатын…

34 минуты ago
  • Сонуннар

Айхал Габышев: «Тутааччылар түмсүүлэрин үтүө суобастаах үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар салҕаныаҕа диэн эрэнэбин»

Ил Дархан Айсен Николаев туһаайан этиитин туһунан Саха сирин Аҕаларын түмсүүтүн салайааччыта, Саха сирин тутааччыларын…

36 минут ago