Ил Дархан 50 “Сокол” квадроциклы биэрэргэ дьаһайда

Ил Дархан 50 “Сокол” квадроциклы биэрэргэ дьаһайда

14.04.2023, 19:04
Хаартыска: СӨ бырабыыталыстыбатын, Ил Дархан пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Бу туһунан Саха сирин Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ, Биир кэлим сүрүннүүр киин салайааччыта Андрей Федотов брифинг кэмигэр иһитиннэрдэ.

Бу биһиги оҥорон таһаарааччыларбыт байыастар туохха наадыйалларын билэн, оҥоро охсоллорун холобура буолар. Ил Дархан соторутааҕыта байыаннай дьайыы буола турар сиригэр бара сылдьан, “Боотур” этэрээккэ 4 квадроциклы биэрбитэ. Билигин бу тиэхиньикэ бойобуой сүрэхтэниитин бара сылдьар. Түргэн, бадараантан иҥнибэт, сымса диэн байыастар хайҕаатылар. Онон Айсен Николаев 50 квадроциклы оҥорорго сакаас биэрдэ. Бу “Хоту тент” хампаанньа антах биһирэммит, тарҕаммыт бородууксуйатыгар эбии буолуоҕа, — диэн Андрей Федотов бэлиэтээтэ.

Биир кэлим сүрүннүүр киин кэнники кэмҥэ байыастар сөмөлүөтүнэн көтөн кэлэр билиэттэрин булан биэрэр үлэни толорбут.

— Хас биирдии байыас уоппускаҕа кэлэригэр хас биирдии күнэ күндү. Онон  Тырааныспар министиэристибэтин кытта «Якутия»», «АЛРОСА», «Полярные авиалинии»хампаанньаларыгар сүбэ мунньах тэрийбиппит. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтара уоппускаҕа, эмтэнэ кэлэллэригэр-баралларыгар билиэккэ квота киллэрдибит, — диэн кини эттэ.

Киин 2023 сылга Ростов-на-Дону куоракка баар 1602-с байыаннай госпиталы уонна Бурденко аатынан кылаабынай байыаннай госпиталы кытта бииргэ үлэлииргэ сөбүлэһии түһэрсибит.

Сотору кэминэн Санкт-Петербурга С.Киров аатынан Байыаннай-мэдиссиинискэй академияны кытта сөбүлэһии түһэрсиэхтээхтэр. Бу Биир кэлим сүрүннүүр киин уонна балыыһалар үлэһиттэрэ биир сүрүннээхтик үлэлииллэрин, биһиги уолаттарбытыгар көмө бары өттүнэн оҥоһулларыгар, волонтердар, психологтар көмөлөрүн сүрүннүүргэ, ас, эмп таһарга, о.д.а. туһалаах.

СӨ бырабыыталыстыбатын, Ил Дархан пресс-сулууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 декабря
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 69% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: