Бүгүн, сэтинньи 26 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехованы кытары көрүстэ диэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Юлия Белехова бу күннэргэ Саха сиригэр кэлэн үлэлии сылдьар.
Көрсүһүү кэмигэр Аҕа дойду саллааттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын үлэтин-хамнаһын, тэрилтэ биэдэмистибэлэри уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэри кытта алтыһыытын, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин өйүүр дьаһаллар боппуруостарын дьүүллэстилэр.
«Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин эрэгийиэннээҕи да, федеральнай да таһымҥа байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйүүр саҥа дьаһаллары ылыныыга бииргэ үлэлээһин биһиги көмүскээччилэрбитигэр уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөнү улаатыннарар уонна түргэнник оҥорор кыаҕы биэрэр», — диэтэ Айсен Николаев.
Юлия Белехова байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ Саха сирэ улахан кылаатын киллэрэрин, көхтөөхтүк үлэлиирин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
«Саха сирэ байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан олус элбэҕи оҥордо. Кэмигэр көмөнү тэрийэргэ өрөспүүбүлүкэ ДНР-га уонна ЛНР-га баазалары аспыта. Элбэх дьыала эрдэлээн оҥоһуллар. Өрөспүүбүлүкэ баһылыга байыаннай дьайыы буола турар сиригэр туох буоларын барытын сиһилии билэр уонна наадалааҕы суһаллык быһаарар. Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, ол иһигэр «Аҕа дойду көмүскээччилэрэ» судаарыстыбаннай пуонда нөҥүө эмиэ, көмөнү оҥорууга улахан болҕомто ууруллар», — диэн Юлия Белехова көрсүһүү түмүгүнэн эттэ.
Аҕа дойду саллааттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта Саха сиринээҕи салаа үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрдэ.
«Манна олус үчүгэй хамаанда үлэлиир. Хамаанда дьоҥҥо көмөлөһөр. Биһиги бүгүҥҥү сорукпут – байыаннай дьайыыга Кыайыыны уһанса сылдьар саллааттарбыт дьиэ кэргэттэрин харыстааһын буолар. Саха сиригэр Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин кытары былаас уорганын бииргэ үлэлээһинин систиэмэтэ олус үчүгэйдик оҥоһуллубут», – диэтэ Юлия Белехова.
Аҕа дойду саллааттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин салайааччыта оробуочай сырыытын чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ волонтердарын, уопсастыбаннай тэрилтэлэрин актыбыыстарын кытта көрсүөҕэ, «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» Саха сирин салаатын, мэдиссиинэ тэрилтэлэрин кытары көрсүһүө уонна «Вместе к Победе» хамыыһыйа үлэтигэр кыттыыны ылыа.
Санатан эттэххэ, Аҕа дойду саллааттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн дойду 90 эрэгийиэнигэр тэриллибитэ. Аҕа дойду саллааттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтэ Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн 2023 сыл тохсунньутугар үлэтин саҕалаабыта. Тэрилтэ үлэтэ байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ туһуланар. Байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэрэ юридическай көмөнү, сууканы эргиччи психологическай өйөбүлү ылаллар.
Аҕа дойду саллааттарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччынан Марина Бахилина буолар. Кини Юлия Белехова курдук эмиэ элбэх оҕолоох ийэ. Марина Бахилина икки уола анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьаллар.
Хас биирдии идэ туһунан уратылаах, абылаҥнаах буоллаҕа. Арктикатааҕы археология түмэлин үлэһиттэрэ (дириэктэр Елена Соловьева) 2023-2024…
Сэтинньи 23 күнүгэр Суотту нэһилиэгэр Хоноҕордооҕу "Түһүлгэ" сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, өр сылларга…
ЫБММ Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрбитинэн, Уус Маайа бөһүөлэгэр Горькай уулуссаҕа баар бэкээринэ умайда. Эмсэҕэлээбиттэр тустарынан…
Бу күннэргэ социальнай ситимнэргэ Дьокуускай куоракка Строителлэр уулуссаларыгар баар маҕаһыын таһыгар кырбаммыт эр дьон баалларын…
Оскуола үөрэнээччилэрэ сиэри таһынан ноҕуруускалаахтарын, үөрэх бырагыраамата өрүү уустугуран иһэрин туһунан Судаарыстыбаннай Дуумаҕа төрөппүттэр суруктара…
Байденнаах ыраах тэбэр аракыаталары "көҥүллээбиттэригэр" хардаран тыастааҕар түргэн тэргэммит тыаһаата. Политолог Чокуур Гаврильев анаарыытын манна…