Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин!
Судаарыстыбабыт биир сүдү суолталаах бырааһынньыгар биһиги олохторун сулууспаҕа анаабыт биир дойдулаахтарбытыгар, төрөөбүт дойдуларын халабырдьыттартан көмүскээбит Арассыыйа судаарыстыбатын эрэллээх уолаттарыгар уонна кыргыттарыгар, ону тэҥэ бүгүн дойдубут национальнай интэриэһин туруулаһа сылдьар дьоммутугар ытыктабылбытын биллэрэбит.
Саха сирэ модун санаалаах көмүскээччилэринэн аатырар. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар алта уон икки тыһыынчаттан тахса биир дойдулаахпыт ньиэмэс-фашист халабырдьыттарын утары Ийэ дойдубут көмүскэлигэр турунан хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Сүүрбэ түөрт буойун ССРС Дьоруойун үрдүк аатын сүкпүтэ, өссө биир буойуҥҥа Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибитэ. Биһиэхэ эйэлээх халлааны бэлэхтээбит дьоммутун үйэлэр тухары умнуохпут суоҕа.
Кыайыыны ситиспит улуу көлүөнэ удьуордара бүгүн байыаннай дьайыы бара турар сиригэр өстөөҕу суоһараллар. Биһиги биир дойдулаахтарбыт Ийэ дойдубутун Украина неонацистарыттан көмүскээн, улуу Держава көҥүлүн уонна суверенитетын туруулаһан аҕаларбыт, эһээлэрбит дьыалаларын салгыыллар. Кинилэр улуу өбүгэлэрин курдук самныбат санаалара, булугас өйдөрө, сатабыллара кэрэхсэтэр.
Ааспыт сылга Саха сирин түөрт олохтооҕо Арассыыйа Дьоруойун үрдүк аатын сүктэ. «Барс-2» батальон «Боотур» этэрээтин хамандыыра Александр Колесов, ефрейтордар Алексей Неустроев уонна Филипп Евсеев аатырбыт Т-80 «Алеша» тааҥкаларынан ахсааннарынан баһыйар өстөөҕү кытта күөн көрсүһүүлэрэ Аҕа дойдубут устуоруйатыгар киирдэ. Танкистар наҕараадаларын Филипп Евсеев эһээтэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр кыргыспыт сиригэр – Курскай Дугаҕа ылбыттара дириҥ суолталаах. Ону тэҥэ, буойун иэһин толоро сылдьан дьоруойдуу охтубут биир дойдулаахпытыгар – Чуумпу акыйаан флотун муора пехотатын туспа гвардейскай биригээдэтин 155-с стрелковай батальонун стрелковай отделениетын ытааччыта Дмитрий Егоровка өлбүтүн кэнниттэн Арассыыйа Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар хорсун быһыыларын уонна эр санааларын иһин истиҥ махталбын этэбин. Бу уустук кэмҥэ Дьоруойдарбытынан уонна Арассыыйа көмүскэлигэр туруммут хоодуот буойуннарбытынан киэн туттабыт. Кырдьык туһугар хайаан да кыайыахпыт!
Афганистан бэтэрээннэригэр уонна Арассыыйа интэриэһин көмүскээн саа-саадах тутан «итии точкаларга» кыргыспыт уолаттарбытыгар – киэҥник тэнийбэтэх сэриилэр уонна байыаннай иирсээннэр кыттыылаахтарыгар барҕа махталбытын биллэрэбит. Куттал тирээтэҕинэ Ийэ дойду көмүскэлигэр турунарга бэлэм, саппааска сылдьар байыаннай сулууспалаахтарга эмиэ иһирэх эҕэрдэ! Биһиги күүспүт – сомоҕолоһууга, биир санааланыы баарын тухары – күүстээхпит!
Аҕа дойдуну көмүскээччилэрбитигэр – уруй-айхал! Эһиги баар буолаҥҥыт Арассыыйа баар! Эһиги хорсун санааҕыт или-эйэни түстээтин. Тус бэйэҕитигэр уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу, чэгиэн-чэбдик туругу уонна этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Айсен Николаев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Дархана.
Сэтинньи 1 күнүттэн Дьокуускай-Аллараа Бэстээх маршрутунан салгын олбохтоох суудуналарынан таһыы тарыыба 3000 солк. буолар. Бу…
Кыһыҥҥы ыйбытыгар үктэннибит. Былыр өбүгэлэрбит айылҕаҕа чугас буолан, күнү-дьылы кэтээн көрүүлэрэ күүстээҕэ, олоҕу кытары ситимнээҕэ.…
Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…
ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…
Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…
Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…