Ил Дархан Айсен Николаев: «12 Ту-214 сөмөлүөтү тутууга хантараак түһэристибит»
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорум кэмигэр түһэрсиллибит хантараактар, сөбүлэһиилэр тустарынан KР.RU бэлитиичэскэй ырытааччыта Александр Гамовка кэпсээтэ.
— Айсен Сергеевич, эһиги номнуо хаһыс да сылын Петербурдааҕы экэнэмиичэскэй пуорумҥа кыттаҕыт. Бу сырыыга эһиги Саха сиригэр тугу илдьэ баран эрэҕит?
— Пуорум олус таһаарыылаахтык ааста, биһиги дьоһун суолталаах сөбүлэһиилэри түһэристибит. Ол курдук, олохтоох «Якутия» авиахампаанньаҕа анаан 12 «Туполев» сөмөлүөтү тутууга сөбүлэһии түһэрстибит. Маны таһынан Арассыыйа Сбербаанын бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Грефы кытары Дьокуускай куоракка балаҕан ыйыгар ИТ-салаа каадырдарын бэлэмниир оскуоланы аһар туһунан кэпсэттибит.
Уопсайынан экэнэмиичэскэй пуорумҥа биһиги таһаарыылаахтык, дьоһуннук үлэлээтибит. Бу барыта өрөспүүбүлүкэни сайыннарыыга туһалаах эрэ өрүттэрдээх буолуоҕа.
— Онтон дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин пуорумҥа этиитин туһунан тугу этиэ этигитий?
— Владимир Владимирович Путин этиитин мин олус сөбүлээтим, сэҥээрдим. Бэрэсидьиэн трибунаттан сувереннай Арассыыйа экэниэмикэтин судаарыстыбаттан өйөбүл туһунан эттэ. Чуолаан Ту-214 сөмөлүөтү өрөспүүбүлүкэҕэ анаан тутуу туһунан сөбүлэһии — бу авиатутааччылары кытары туһааннаах салааны бөҕөргөтүү биир көрүҥэ буолар. Дьоҕус биисинэһи сайыннарыыга элбэх сөптөөх быһаарыныылар ылыллыбыттара. Мин ону олоччу өйүүбүн. Итиэннэ социальнай көҕүлээһиннэр — бу хамнас алын кээмэйин үрдэтиини кытары сибээстээх.
Сиһилии ссылканан киирэн ааҕыҥ:
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: