Ил Дархан Айсен Николаев 2023 сыллааҕы бүддьүөт былаанын кэпсэттэ

Share

Парламент эрэгийиэннээҕи сугулааныгар Ил Дархан Айсен Николаев  «Биир ньыгыл Арассыыйа» , «КПРФ», «Сиэрдээх Арассыыйа», «ЛДПР» фракция бэрэстэбиитэллэрин кытта  өрөспүүбүлүкэ 2023  сыллааҕы бүддьүөтүн уонна 2024-2025 сылларга бүддьүөт былаанын кэпсэттэ.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын сүрүн соруга — дойдубут кыайарын туһугар туруоруллубут соруктары быһаарыы буолар. Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ сыһыаннаах боппуруостар уонна байыаннай сулууспалаахтарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр эбии төлөбүрдэр тустарынан буолар», — диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.

Эрэгийиэн аҕа баһылыга өрөспүүбүлүкэҕэ быстах байыаннай хомуурга үлэлэһиигэ өйөбүллэрин улонна көмөлөрүн иһин дьокутааттарга махтанна.

Айсен Николаев бэлиэтииринэн, бүгүҥҥү күҥҥэ былаан быһыытынан аан бастакынан быстах хомуурга барбыт дьоммут экипировкаларын, туттар тэриллэрин хааччыйыы буоларын эттэ. Ону сэргэ сүрүн болҕомтону быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр уурарга наадалааҕын ыйда.  Кинилэргэ үп-харчы уонна өй-санаа өттүнэн өйөбүл наадатын эттэ. Манна түргэн быһаарыныылаах үлэ ирдэнэр. Ил Дархан бэлиэтииринэн, быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэнэ дохуоттарыттан тутулуга суох көмөнү ылыахтаахтар.

Эрэгийиэн аҕа баһылыга дьокутааттары нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр, быһаарар уонна  аҕытаассыйалыыр үлэни ыытарга сорук туруорда.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

9 часов ago