Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо!
Эһигини Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Бүгүн биһиги хаһааҥҥытааҕар даҕаны Ийэ дойдуга бэриниилээх дьону, дьоруойдары иитэн таһаарыы хайдахтаах курдук суолталааҕын өйдүүбүт.
Уустук кэмҥэ Саха сирин олохтоохторо өрүү бэйэлэрин дойдуларын кытта бииргэлэр. Арассыыйа аныгы көлүөнэтин дьоно дойдуларыгар бэриниилээхтэрин көрдөрөн, Аҕа дойдуну көмүскээччи быһыытынан инники күөҥҥэ сылдьаллар. Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ биһиги аҕаларбыт уонна эһэлэрбит үтүө үгэстэрэ умнуллубаттыы иҥэн сылдьар.
Күндү Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ! Арассыыйа бүгүҥҥү көлүөнэтигэр эһиги тулхадыйбат эр санааҕыт, хорсун-хоодуот быһыыгыт холобур быһыытынан сыаналанар. Сындалҕаннаах биэс сыл устата биһиги буойуттарбыт Улуу Кыайыыга тиийэр иһин хаан тохтуулаах сэриигэ бэйэлэрин доҕотторун төһөлөөх сүтэрбиттэрэй, ол эрээри хайдахтаах да ыарахан кэмҥэ эрдээх санааларын булгуруппатахтара, өстөөхтөрүн өһөрөн испиттэрэ.
Сэрии сылларын кэнниттэн биһиги Дьоруойдарбыт үлэҕэ бэриниилэринэн, туруоруммут соруктарын ситиһэллэринэн, дьаныардарынан биһиэхэ тыыннаах холобурунан буолбуттара. Кинилэр хайдах хорсуннук сэриилэспиттэрэй да, оннук ис дууһаларын ууран үлэлээбиттэрэ. Дойду бүгүҥҥү Дьоруойдара – байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар дьоммут: кадровай байыаннайдар, хантараагынан сулууспалааччылар, бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн уонна байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллан бойобуой эпэрээссийэҕэ кыттар дьон эйэлээх олох, кэскилбит иһин туруулаһаллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит кинилэри бары өттүнэн өйүүр, дьиэ кэргэттэригэр араас көмөнү оҥорор.
Убаастабыл уонна махтал истиҥэ — Дьоруойдары иитэн таһаарбыт төрөппүттэргэ, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр уонна оҕолоругар.
Бу күн биһиги дойду уонна өрөспүүбүлүкэ устуоруйатыгар кыһыл көмүс буукубанан суруллубут дьоруойдары чиэстиибит уонна кинилэр ааттарын оскуолаларга, уулуссаларга иҥэрэбит. Кинилэр тустарынан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэпсиэхпит. Биһиги кинилэринэн хас биирдиилэринэн киэн туттабыт.
Аҕа дойду Дьоруойдарыгар үйэлэргэ умнуллубат албан аат!
Саха Өрөспүүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев.
Айсен Николаев урбаан координационнай сэбиэтин бу сыллааҕы бүтэһик мунньаҕар дьоҕус уонна орто биисинэс интэриэһин көмүскүүр…
Майа сэлиэнньэтигэр Д.Ф. Ходулов аатынан Култуура киинигэр 2024 сыл түмүгүнэн улуус култуураҕа, спортка уонна социальнай…
Байыаннай сулууспалаахтар атын категориялаах оҕолоругар социальнай өйөбүл эбии миэрэтэ көрүллэр буолла. Туһааннаах ыйаахха дойду Бэрэсидьиэнэ…
Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…
Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…
Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…