Ил Дархан Айсен Николаев Владимир Путины төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Share

Бүгүн, алтынньы 7 күнүгэр, Владимир Путин төрөөбүт күнүн бэлиэтиир. РФ Бэрэсидьиэнин Саха сирин элбэх омуктаах норуотун аатыттан өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

Эрэгийиэн салайааччыта Владимир Путиҥҥа өрөспүүбүлүкэҕэ куруук болҕомтотун уонна өйөбүлүн иһин махталын биллэрдэ уонна бу хас биирдии Саха сирин олохтооҕор сүҥкэн суолталааҕын бэлиэтээтэ.

«Саха сирин элбэх омуктаах норуотун аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан биһиги Бэрэсидьиэммитин бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибин. Владимир Владимирович – кытаанах санаалаах уонна муударай лидер, кининэн бүтүн Арассыыйа чиэстээхтик киэн туттар. Кини бигэ туруктаах уонна муударай салайыытынан биһиги дойдубут аан дойду улуу державаларын кэккэтигэр эрэллээхтик бочуоттаах миэстэни ылар, элбэх норуоттар иһин күүс-уох уонна эрэл тирэҕэ буолан турар», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин социальнай ситимигэр таһаарбыт эҕэрдэтигэр бэлиэтээтэ.

Ил Дархан Бэрэсидьиэҥҥэ чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу уонна дойду сайдарын-чэчириирин туһугар саҥа ситиһиилэри баҕарда.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

СҮБЭҺИТ: Кирэдьиит каартатынан бырыһыан төлөөбөккө хайдах туһаныахха сөбүй?

Харчыны иэс ылан баран бырыһыан төлөөбөт буолуу — кирэдьиит каартатын сөпкө дьаһаннахха, толору кыаллар суол.…

1 минута ago
  • Сонуннар
  • Сыыппара
  • Уопсастыба

Матвиенко үлэлээбэт дьонтон ОМС-ка сылга 45 тыһ. солк. хомуйар туһунан этии киллэрдэ

Арассыыйаҕа, официальнай дааннайдарынан, мөлүйүөнүнэн үлэлээбэт эрээри үлэлиир кыахтаах гражданнар бааллар. Кинилэр мэдиссиинэнэн хааччыллыыларын иһин официальнайдык…

31 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Биэнсийэҕэ, хамнаска уонна үөрэхтээһиҥҥэ ороскуот улаатыаҕа

Кэлэр сыл бүтүүтүгэр биэнсийэ орто кээмэйэ 27 117 солкуобай буолуоҕa. Ону таһынан, тиийинэн олоруу алын…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Аллараа Халымаҕа үрүҥ эһэлэри күһүҥҥү кэтээн көрүү ыытыллар

Балаҕан ыйын 20 күнүттэн «Курдигино-Крестовая» уонна «Чайгургино» эркээйи сирдэргэ үрүҥ эһэлэри күһүҥҥү кэтээн көрүү саҕаланна.…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Мэҥэ Хаҥаласка суол быһылааныгар суоппар эчэйбит

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Аллараа Бэстээх бөһүөлэгэр алтынньы 6 күнүгэр «УАЗ Патриот» уонна «Хонда Фит» массыыналар…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 3333 баһаары сэрэтэр тэрили туруордулар

2025 сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 2774 ыалга 3333 баһаары биллэрэр тэриллэри (АДПИ) туруордулар диэн Гражданскай…

2 часа ago