Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа билимин күнүнэн эҕэрдэлээтэ

Share

Ытыктабыллаах билим үлэһиттэрэ, билим холбоһуктарын бэрэстэбиитэллэрэ!

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан идэлээх бырааһынньыккытынан – Арассыыйа билимин күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Билим уонна технология өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаахтар. Учуонайдар, инженердэр, чинчийээччилэр дьаныардаах үлэлэринэн Саха сирэ инновация, бигэтик сайдар уонна өрө тахсар быһаарыылаах территориятынан буолан эрэр.

Арассыыйаҕа Билим уонна технология уон сылын иитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ билим билиилэрин көхтөөхтүк тарҕаталлар. Саха сирэ “Билим+0” Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээл үс федеральнай былаһааккаларыттан биирдэстэринэн буолбута. «100 вопросов ученому», «Ни дня без науки», «Ученые в школы», «Наука рядом» аахсыйалар, академик В.П.Ларионов аатынан “Инникигэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ, “Инники идэҕэр хардыы” пуорум, устудьуоннар билим уопсастыбаларын Арктикатааҕы иккис кэнгириэһэ уонна куонкуруһа ыытыллыбыттара. Бу тэрээһиннэр 100 тыһ. тахса кыттааччыны түмпүттэрэ уонна олохтоохтор билими улаханнык сэҥээрэллэрин итэҕэппиттэрэ.

Эдэр учуонайдарга уонна исписэлиистэргэ Ил Дархан грана уонна эрэгийиэннээҕи көҕүлээһиннэр  биллэр көмөнөн буоллулар. Былырыын билим бырайыактарын олоххо киллэриигэ хас биирдиитэ 500-түү тыһ. солк. 10 грант көрүллүбүтэ, ону тэҥэ, 5 мөл. солк. кээмэйдээх “Эдэр учуонайдары өйүүр билим-үөрэх пуондата” грант өйөммүтэ.

Саха сирин киэн туттуута – “Север: территория устойчивого развития” билим-үөрэх аан дойдутааҕы таһымнаах киинэ. Киин, эрэгийиэн уонна дойду сайдыытыгар улахан кылаатын салгыы киллэрсэр.

Быйыл ССРС Билимин Академиятын академига, Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Саха сиригэр билими тэрийбит, чинчийии үлэтигэр, гаастаах, ньиэптээх сирдэри хостооһуҥҥа уһулуччулаах учуонай, Социалистическай Үлэ Дьоруойа Николай Васильевич Черскэй төрөөбүтэ 120 сылын туолла. Кини аатынан РНА СС хайа дьыалатын института ааттаммыта.

Өрөспүүбүлүкэ, дойду билимҥэ кыаҕын үлэҕитинэн бөҕөргөтөр дьоҥҥо бу бырааһынньыктаах күҥҥүтүгэр  улахан махталбын тиэрдэбин. Саха сирэ инновация, бигэтик сайдар эрэгийиэн холобурун көрдөрөн, күүспүтүн түмэн салгыы саҥа үрдэллэри дабайыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин.

Чинчийээччилэргэ, преподавателлэргэ, устудьуоннарга уонна билим эйгэтигэр үлэлэһэр дьоҥҥо барыларыгар доруобуйаны, таһаарыылаах үлэни, саҥа ситиһиилэри баҕарабын!

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Кистэлэҥи сэгэтэн…

Мин иннибэр суруйааччы Степан Федотов архыыбыттан хомуллан оҥоһуллубут “Эргэ чымадаан кистэлэҥэ” хомуурунньук арыллан сытар. Кинигэ…

2 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Садын – бронь бэриллибит оройуона

Саха АССР Совнаркомун быһаарыытынан хоту оройуоннартан сэриигэ ыҥырбатахтара, бронь биэрбиттэрэ. Ити оро­йуоннар булт-алт дьарыктаах этилэр.…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Мас тардыһыытыгар Саха сирин чөмпүйэнээтин финалистара быһаарылыннылар

Чурапчыга мас тардыһыытыгар Саха сирин чөмпүйэнээтин бастакы күннээҕи күрэхтэһиитэ буолан ааста. Бу Манчаары оонньууларыгар уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Үтүөкэн эмчиттэргэ сииттэлэр махтаналлар

Сииттэ нэһилиэгэр олунньу 5-7 күннэригэр ыраах Дьокуускай куораттан үтүөнү-кэрэни кэрэһэлии, санааны-оноону  сайгыы, алгыс баһын сыалыы…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Видео да араастаах…

Кэлин олохпут уларыйан, этэргэ дылы, хамсаабыппыт хаартыскаҕа хатанан, үҥкүүлээбиппит видеоҕа уһуллан иһэр буолла. Биир куһаҕана…

3 часа ago
  • Аҕа дойдуну көмүскээччи сыла
  • Сонуннар

Хатаска Аҕа дойдуну көмүскээччи сылыгар анаммыт тэрээһин буолан ааста

Хатас сэлиэнньэтигэр ийэ дойдуга бэриниилээх буолууну иитэр, дойдумсах буолууну сэргиир сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох “”Герои…

4 часа ago