Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Дьоруойа Игорь Юргинныын көрүстэ

Айсен Николаев РФ Дьоруойа, РФ Үөрэхтээһиҥҥэ министиэристибэтин иитии, эбии үөрэхтээһин уонна оҕо сынньалаҥын эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ департаменын салайааччы Игорь Юргины кытары оробуочай көрсүһүүтэ буолла.
Өрүттэр үүнэр көлүөнэни иитии эйгэтигэр холбоһуктаах үлэ сүрүн хайысхаларын, оҕо сынньалаҥын бырагыырамаларын сайыннарыыны уонна байыаннай бэлэмнэнии алын сүһүөх кууруһугар боруобалыыр бырайыактар кэскиллэрин дьүүллэстилэр.
Ураты болҕомтону өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар тэрээһиннэри олоххо киллэриигэ уурдулар. Атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар «Энергетик» лааҕырга Игорь Юргин кыттыылаах дьоһун суолталаах тэрээһиннэр торумнаналлар.
«Айсен Сергеевиһы кытары биһиги иитии быраактыкаларын бииргэ хайдах күүһүрдэр, оҕо сынньалаҥын сайыннарар уонна дьоһун суолталаах бырайыактары, ол иһигэр байыаннай бэлэмнэнии алын сүһүөх кууруһун, саҕалыыр тустарынан кэпсэттибит.
Биһиги дьоруойдарбыт Дмитрий Куценконы уонна Николай Соболевы манна эмиэ өйүүллэриттэн олус үөрэбин: кинилэр Саха сиригэр стажировкаланарга этии киллэрбиттэрэ, бу утумнааһын уонна итэҕэйсии холобура», -– диэтэ Игорь Юргин.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: