Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Дьоруойун кытта бырастыыласта

Ил Дархан Айсен Николаев Арассыыйа Дьоруойун кытта бырастыыласта

10.10.2023, 15:37
Хаартыскаҕа Мария Васильева түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Муора пехотатын 155-м гвардейскай  биригээдэтин рядовойа, Арассыыйа дьоруойа Дмитрий Егоровы тиһэх суолугар атаарар тэрээһин бүгүн Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар ыытылынна. 

Донецкай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин Новомайорскай нэһилиэнньэлээх пуунун таһыгар сабырыйар ахсааннаах  утарылаһааччыны кытта киирсэ сылдьан, саха ыччата Дмитрий Егоров  Украина сэбилиниилээх күүстэрин штурмовой  бөлөҕүн сорох чааһын кырган, өстөөҕү чугуйарга күһэйбитэ.  Бу  кыргыһыыга байыас  ыарахан бааһырыыны ылан, сырдык тыына быстыбыта.

Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Николаевич Егоров чаҕылхай олоҕу олорон ааста.  Ийэ дойдуга бэриниилээх буолан, дойдутун кэскилин туһугар олоҕун толук ууран, хорсун быһыы холобурун көрдөрдө.  Мин кини биир дойдулааҕа, Саха сирин олохтооҕо буоларбынан киэн туттабын, — диэтэ бырастыылаһыы кэмигэр Ил Дархан Айсен Николаев.

Тиихэй акыйаан флотун командующайын бастакы солбуйааччы, вице-адмирал Сергей Рекиш Арассыыйа  Дьоруойун аҕатыгар Николай Алексеевич Егоровка  «Кыһыл Сулус» мэтээли туттарда.

Дмитрий Николаевич Егоров тохсунньу 27 күнүгэр 1975 сыллаахха Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгэр Егоровтар дьиэ кэргэттэригэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.  1991 сыллаахха Арыылаах орто оскуолатын бүтэрбитэ. Икки оҕолоох.

Арассыыйа Дьоруойа Дмитрий Егоров көмүс уҥуоҕун бары байыаннай чиэстээһини толорон, төрөөбүт дойдутугар харайыахтара.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
4
Бары сонуннар
Салгыы
21 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: