Ил Дархан Айсен Николаев байыаннай изоляторга тахсыбыт баһаар өлбүттээхтэрин дьиэ кэргэттэригэр кутурҕанын биллэрдэ

Share

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Дьокуускайга байыаннай изоляторга  тахсыбыт баһаарга суорума суолламмыт дьон дьиэ кэргэттэригэр кутурҕанын биллэрдэ. Кини баһаар саҕаланыаҕыттан бары сулууспалартан балаһыанньа туһунан сураҕы-садьыгы тута олорорун бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, умайыы туохтан тахсыбытын туһунан хас да сабаҕалааһын баар.

«Билигин байыаннай силиэстийэлиир уорганнар үлэлииллэр. Араас сабаҕалааһын баар, ол эрээри мин билигин ити туһунан эппэппин. Ити кинилэр үлэлэрэ», — диэн эппитэ.

Кини бары миэрэлэр ылыллыбыттарын, буруйдаахтар биллэн накаастабылы ылыахтарын туһунан бэлиэтээтэ. Саха сирин байыаннай комиссариатыгар иһитиннэрбиттэринэн, баһаар ахсынньы 19-20 түүнүгэр Дьокуускайга байыаннай изоляторга тахсыбыт. Изоляторга  байыаннай чааһы бэйлэрин баҕаларынан хаалларбыт байыаннайдар бааллар эбит. Баһаар түмүгэр биэс киһи өлбүт. Сэттэ киһи эмсэҕэлээбит.

Recent Posts

  • Быһылаан
  • Сонуннар

Бүлүүгэ айылҕа гааһын уоран олохтоох киһи буруйданна

Бүлүү оройуонун суутун бириигэбэринэн олохтоох киһи буруйдааҕынан ааҕылынна. Ол курдук, 39 саастаах Бөтүҥ олохтооҕо 2024…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Нуорманы таһынан куйаас күннэр туруохтара

Бу нэдиэлэҕэ Саха сиригэр нуорманы таһынан, 6-9 кыраадыс үрдүк, куйаас күннэр тураллара күүтүллэр. Бүгүн, бэнидиэнньиккэ,…

17 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дмитрий Тихонов «Мээрдэр оскуолаларын» ситиһиилээхтик түмүктээтэ

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов «Мээрдэр оскуолалара»  анал үөрэҕи ситиһиилээхтик түмүктээтэ. Бу…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр икки ойуур баһаарын бохсоллор

Суһал ыстаап чахчыларынан, бэс ыйын 9 күнүгэр Саха сиригэр икки ойуур баһаара бэлиэтэммит. 5 гектар…

23 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ньурбалар спортивнай оонньууларга бэлэмнэнэллэр

Бэс ыйын 6 күнүгэр Ньурба улууһун дьаһалтатын салалтата Саха сирин норуоттарын IX Спортивнай оонньууларыгар бэлэмнэнии…

51 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үп-харчы гороскоба: бу нэдиэлэ үп-харчы өттүнэн тугу тосхойор эбитий?

Элбэх харчы, элбэх долгуйуу. Бу нэдиэлэҕэ үп-харчы өттүнэн эһигини туох күүтэрий? Кэлии, барыы, сүүрүү-көтүү -…

59 минут ago