Ил Дархан Айсен Николаев Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин кытары көрүстэ

Share

Ил Дархан Айсен Николаев Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин Бэрэсидьиэнин Александр Григорьевич Лукашенконы кытта көрсөн кэпсэппитин, көрсүһүүгэ кинилэр бииргэ үлэлээһин кэскилин, сайдыытын туһунан дьүүллэспиттэрин бэйэтин Telegram-каналыгар суруйар.

Айсен Николаев бииргэ үлэлээһин үгэс курдук элбэх хайысханы хабарын, ол иһигэр, атыы-эргиэн, бырамыысыланнас, тыа хаһаайыстыбата, успуорт уонна үөрэх хайысхалара киирэллэрин бэлиэтиир. Кини табаары эргитии Саха сирин уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыгар биллэ улааппытын, түөрт сылга 8,2 төгүл буолбутун ыйар.

Көрсүһүүгэ кэскиллээх хайысхалары дьүүллэспиттэр уонна былааны кэҥэтэри көрбүттэр. Бастакынан, атыы-эргиэн кээмэйин улаатыннарыы, чуолаан, аһы-үөлү уонна улахан тиэхиньикэлэрин быһаччы хааччыйыы туһунан буолара бэлиэтэнэр. Маныаха А.Лукашенко Саха сирэ сэргиир, наадыйар табаарын кинилэр улаатыннарарга бэлэмнэрин эппит. Маны таһынан атын эйгэлэргэ бииргэ үлэлээһини кэҥэтиини дьүүллэспиттэр.

Ил Дархан А.Г.Лукашенкоҕа эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиҥҥэ уонна холбоһуктаах бырайыактары олоххо киллэриини өйүүрүгэр, болҕомтотун уурарыгар махтаммыт.

«Биһиги көрсүһүүбүт Саха сирин уонна Беларусь Өрөспүүбүлүкэтин икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны бөҕөргөтөргө саҥа түһүмэҕинэн буолуоҕар эрэнэбин»,  — диэн бэлиэтиир Ил Дархан.

t.me/aisen_nikolaev

What’s your Reaction?
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

7 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

8 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Быйыл 6 муоста тутулунна

2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…

10 часов ago