Ил Дархан Айсен Николаев быһа кэпсэтиигэ таҕыста
Бүгүн, алтынньы 16 күнүгэр, күнүс Ил Дархан Айсен Николаев «Саха» ГТРК «Россия 24» ханаалыгар «Прямой разговор» биэриигэ кытынна.
Ил Дархан бастакынан тыа сирин гаастааһын туһунан кэпсээттэ. Кини быһа эпииргэ бүгүн сарсыарда Мэҥэ Хаҥалас улууһун Өлөчөй сэлиэнньэтигэр «күөх төлөнү» киллэриигэ сылдьыбытын туһунан кэпсээтэ. Бу Мэҥэ Хаҥалас улууһун гааска холбоммут 16-с нэһилиэгэ буоларын бэлиэтээтэ. Гаас өссө бу нэһилиэккэ 120 дьиэҕэ холбонуохтаах, олохтоохтор бу бэлиэ күнтэн үөрүүлээрэ үгүс диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.
Итини сэргэ Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт Петербурдааҕы аан дойдутааҕы гаас пуорумун туһунан кэпсээтэ. Бу пуорум гаас үлэһиттэригэр олус улахан суолталаах, тоҕо диэтэххэ олус элбэх боппуруос быһаарыллар. «Газпром» хампаанньа салайааччыта Алексей Миллери кытта көрсөн, ыллыктаах санааларын ылыннаран социальнай гаастааһыҥҥа эрэ буолбакка, гаастааһыны сайыннарыыга улахан былааннары тыырбыттарын туһунан кэпсээтэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: