Ил Дархан Айсен Николаев: «Докучаевскайга 70-ча эбийиэги чөлүгэр түһэриэхпит»
Тохсунньу 31 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев тэлэбиидэнньэҕэ быһа эпииргэ тахсан, суолталаах боппуруостарга хоруйдаата. Ол курдук, ыытааччы Донецкай Өрөспүүбүлүкэтин Докучаевскайыгар көмө туһунан ыйыппытыгар, сиһилии кэпсээтэ.
— Биһиги икки сыл устата ДНӨ Кировскай куоратыгар көмөлөстүбүт. Туруоруммут соруктарбытын бүүс-бүтүннүү толордубут. Онон сүбэлэһэн баран, атын куоракка — Докучаевскайга көһөн, көмөлөһөр туһунан быһаарыы ылынныбыт. Онно да элбэх үлэ күүтэр. 70-ча эбийиэги чөлүгэр түһэрэр сорук турар.
Докучаевскай фронт дьураатыттан чугас буолан, онно алдьаныы, урусхалланыы да улахан. 50-ча олорор дьиэни өрөмүөннүөхтээхпит. ДНӨ, Докучаевскай дьаһалталарын кытта сөбүлэһии түһэрсэн, Андрей Федотов салалталаах хамаанда баран, номнуо үлэлэрин саҕалаатылар. Туруоруммут соруктары дьоһуннук толоруохпут диэн эрэллээхпин.
Кировскайга социальнай бырайыактарбыт — Ай-Ти киин, офтальмологтар биригээдэлэрэ үлэлэрин салгыахтара. Бу икки сыл устата офтальмологтар хас да тыһыынча дьону көрдүлэр, эмтээтилэр, хас да сүүс эпэрээссийэни оҥорон, дьону көрөр оҥордулар. Онон олохтоохтор махталлара муҥура суох. Ай-Ти кииҥҥэ эмиэ оҕолор аныгы идэни баһылаан, төрөппүттэр үөрүүлэрэ улахан. Докучаевскайга эмиэ маннык социальнай бырайыактар үлэлиэхтэрэ дии саныыбын, — диэн Айсен Николаев эттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: