Салгыы
Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтэ

Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэтэ

01.10.2024, 11:05
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Күндү Сахам сирин олохтоохторо!

Алтынньы бастакы күнүгэр аан дойду Аҕам саастаахтар күннэрин бэлиэтиир. Бу бырааһынньык ааспыт уонна билиҥҥи кэми, көлүөнэлэр утумнаһыыларын бэлиэтиир, сааһырбыт дьон өйөбүлгэ, болҕомтоҕо наадыйалларын санатар. Бу күн биһиги чугас дьоммутугар өссө төгүл таптыырбытын, сыаналыырбытын билинэбит.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр 191 тыһыынча кэриҥэ аҕам саастаах дьон олорор, кинилэр истэригэр — 100 тыһыынчаттан тахса үлэ бэтэрээнэ.

Саха сиригэр былырыын киһи үйэтин уһуна 73,55 сылга тиийэн, аан бастаан Арассыыйатааҕы көрлөрүүнү куоһарбыта. 2030 сылга киһи үйэтин уһунун 80 сылга тиэрдэргэ диэн сыал-сорук туруорулунна.

Биллэн турар, бу ситиһиллибит көрдөрүү дойдуга ыытыллар тиһиктээх бэлиитикэ түмүгэ. Бэрэсидиьэн Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла», «Демография» национальнай бырайыактар дьайыылара улахан.

Эрэгийиэн таһымыгар эмиэ элбэх көмө оҥоһуллар. Аҕам саастаахтар күннэрин көрсө, уһун үйэлээхтэри чиэстээн, 100 саастарын туолбут дьоҥҥо төлөбүр сууматын 100 тыһыынча солкуобайтан 1 мөлүйүөн солкуобайга диэри үрдэттибит. Бу биирдэ бэриллэр төлөбүрү 2025 сыл тохсунньутугар диэри хас биирдии «Үйэ саас» бочуоттаах бэлиэлээх киһи ылыаҕа.

Аҕа көлүөнэ доруобай эрэ буолбакка, көхтөөх буоларын туһугар сынньалаҥҥа эмиэ болҕомто ууруллуохтаах. Онон Дьокуускайга Көхтөөх уһун үйэлэнии киинэ аһыллыахтаах.

Социальнай хантарааҕы биэнсийэлээхтэргэ биэрэр курдук кэҥэтэри наадалааҕынан ааҕабын. Социальнай хааччыйыы ньымаларын эмиэ тупсарыахха наада. Аҕам саастаахтарга ытыктабыллаах сыһыаҥҥа иитэр курдук, үүнэр көлүөнэни кытта үлэ күүһүрүөхтээх.

Аҕам саастаах дьоҥҥо сыһыан дойду сайдыытын, уопсастыба таһымын быһаарар. Биһиги билигин тугу бас билэрбит барыта инники көлүөнэлэр уурбут акылааттарынан олук ууруллубута. Онон итини өйдүөхтээхпит уонна махтаныахтаахпыт.

Бэтэрээннэргэ, аҕам саастаах дьоҥҥо чэгиэн доруобуйаны, чэмэлкэй санааны, уһун үйэни баҕарабын. Аттыгытыгар баар чугас дьоҥҥут тапталлара, кыһамньылара куруук баар буоллун!

Ил Дархан  Айсен Николаев.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
5 октября
  • 1°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 93% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: