Ил Дархан Айсен Николаев Халыма оройуоннарыгар ойуур баһаарын умуруорууга күүһү улаатыннарарга соруйда

Бүгүн, от ыйын 17 күнүгэр, ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтиигэ уонна баһаартан куттал суох буолуутун хааччыйыы хамыыһыйатын мунньаҕар Айсен Николаев Халыма оройуоннарыгар ойуур баһаарын умуруорууга күүһү улаатыннарарга соруйда.
Үөһээ Халыма оройуонугар ардах суоҕуттан уонна тыалтан ойуур баһаара эбиллибит. Күн саҕаланыыта онно 12 ойуур баһаара (уот хаппыт уопсай иэнэ 38,5 тыһ. га) бэлиэтэммит. Уоту 103 киһи умуруорар.
Орто Халыма оройуонугар үс ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Итиннэ биир ойуур баһаара 90 тыһ.га иэннээх сиринэн тайаабыт. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ саамай улахан баһаар буолар. Баһаары умуруорууга 6 киһи үлэлиир.
Ил Дархан сорудаҕынан, чугастааҕы кэмҥэ бу икки оройуоҥҥа ойуур баһаарын умуруорууга эбии күүстэр ыытыллаллар.
Бүгүҥҥү иһитиннэриинэн Саха сиригэр 121 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 494 597,5 га) уонна 1 ландшафтнай (иэнэ 14 га) баһаар баара бэлиэтэнэр. Үксүлэрэ хонтуруолланар сиргэ-уокка бааллар, үксэ хайаларга. Баһаар этиҥтэн буолара ыйыллар.
Элбэх ойуур баһаара билигин даҕаны Алдан оройуонугар (37 ойуур баһаара, 65 тыһ. га) уонна Уус Маайаҕа (27 ойуур баһаара, иэнэ — 124 тыһ. га) бэлиэтэнэр. Маны сэргэ, Нерюнгри оройуонугар элбэх ойуур баһаара (23 ойуур баһаара, уот хаппыт иэнэ 96 тыһ.га) баара ыйыллар.
Уоту умуруорууга 960 киһи, ол иһигэр авиационнай баһаарынай сулууспа 606 үлэһитэ, 153 – ойуур баһаарын умуруорааччы, 116 РФ ЫБМ үлэһитэ уонна олохтоох дьонтон 85 киһи үлэлииллэр.
Атын эрэгийиэннэртэн, ону таһынан «Авиалесоохрана» ФБУ үлэһиттэрэ көмөҕө салгыы кэлэллэр. Бэс ыйын 4 күнүттэн от ыйын 16 күнүгэр диэри эрэгийиэннэртэн 408 киһи кэллэ. Ол иһигэр «Авиалесоохрана» ФБУ (191 киһи) парашютнай-десантнай баһаарынай сулууспатыттан, эрэгийиэннэр авиациянан баһаары умулларар сулууспаларыттан (217 киһи). Бэҕэһээ Архангельскайтан 50 киһи кэлбит.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: