Ил Дархан Айсен Николаев: «Хас биирдии нэһилиэк маастар-былааннаныахтаах»
20.03.2024, 14:23
Мария Васильева, СИА
Бөлөххө киир:
Өлөөн уонна Чокуурдаах маастар-былааннара бэлэмнэнэрин туһунан Ил Дархан Айсен Николаев “Прямой разговор” биэриигэ кэпсээтэ.
“Маастар-былааны оҥоруу бу үбүлээһини тардыы эрэ буолбатах. Бары нэһилиэнньэлээх пууннар маастар-былааннара таҥыллан, ол онон сайдыы барыахтаах. Бу үлэни биһиги саҕалаатыбыт. Тиксии уонна Найба Арктика тирэх нэһилиэнньэлээх пууннарынан ананан испииһэккэ киирдилэр. Сотору кэминэн Депутатскай уонна Уус Куйга туспа быһаарыылар тахсыахтара. Өлөөн уонна Чокуурдаах маастар-былааннара таҥыллыбыттара”, — диэн эттэ Айсен Николаев.
+1
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: