ИЛ ДАРХАН АЙСЕН НИКОЛАЕВ ХОМУС КҮНҮНЭН ЭҔЭРДЭТЭ

Share

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын аатыттан уонна тус бэйэм эһигини бука барыгытын Хомус күнүнэн итиитик — истиҥник э5эрдэлиибин!

Былыр-былыргыттан саха уустара охсубут хомустара аакка-суолга аатыраллара, күндү мал буолан, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрэ.

Хомус түмэлигэр харалла сытар саха хомустара билим таһымынан чинчиллэн, каталог буолан, бэчээттэнэн тахсыыта саха норуотугар үйэлэргэ күндү бэлэх буолла. Ити сыаната биллибэт баай-дуол, саха норуотун устуоруйатын, духуобунай култууратын аан дойду хайа баҕарар муннугар кэрэһилиир аналлааҕа саарбаҕа суох.

Саха хомуска аҕата, уһулуччулаах тардыы маастара – Лука Турнин, ытыс ымыыта хомуһу үйэлэргэ өлбөт-сүппэт тыыннаабыт, аан дойду аартыктарыгар эркээйи охсубут – Хомус Уйбаан, хомуска тардыыны аныгылыы тыыннаабыт уонна ол хайысхатын төрдүгэр турбут – Бүөтүр Оҕотоойоп, Аан дойду хомуска «Паганинита» – Спиридон Шишигин, Амынньыкы уустан утумнаабыт ураты талааннаах – Федора Гоголева, Саха сирин култууратын хомуска аныгылыы тардыынан аар-саарга аатырдар – Альбина Дегтярева онтон да атыттар ааттара хомус устуоруйатын кытта быстыспат ситимнээхтэр. Кинилэр айылҕаттан талааннара хомус куттаахтары сырдыкка-кэрэҕэ угуйар, ийэ сиргэ тапталы иҥэрэр, күүрдэр, сирдиир кыахтаахтар.

Хомус хомуһуна, тылын хомоҕойо, муусукатын этигэнэ бүтүн дойдуну сомоҕолуур күүһүгэр дьон-сэргэ итэҕэйэр буолла. Ол туоһутунан «Аан дойду виртуоз хомусчута» тэрээһини тоҕустуу сылынан быыһаан, кэлэр 2031 сылга ыытыллар уурааҕын бигэргэттим. Ытыс ымыыта хомус омук култууратын, духуобунай баайын-дуолун биллибэт ситиминэн ситимниир кыахтааҕын өссө төгүл итэҕэйэбит.

Аан дойдуга саха норуотун курдук хомуһу өрө тутар, үйэлэр тухары ымыы гынан сүгүрүйэр омук суох. Ол сүгүрүйүү кутаа уотун атын омуктарга саҕар аналлаахпытынан киэн туттуох кэриҥнээхпит.
Саха хомуhа өссө даҕаны аар-саарга аатырар кыахтаах, киэҥ далааһыннаахтык сайдар саргылаах.

Туругурдун саха хомуһа! Туругурдун Хомус түмэлэ! Туругурдун Хомус күнэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                         Айсен Николаев

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

5 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago