Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэн 30 сылынын эҕэрдэлээтэ
Бүгүн биһиэхэ барыбытыгар, Саха сирин бүттүүнүгэр бэлиэ күн. Отут сыл аннараа өттүгэр икки балааталаах парламент тэриллэн, Арассыыйа Федерациятын састаабыгар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын бөҕөргөтүүгэ биир сүрүн түһүмэҕинэн буолбута.
Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтин быһаарыытынан уонна Саха сирин Бэрэсидьиэнин М.Е.Николаев Ыйааҕынан тэриллибит сокуону оҥорор саҥа уорган дириҥ историческай силистээх-мутуктаах, норуот бэрэстэбиитэлистибэтин утумун уонна үгэстэрин тутуһар, салгыыр аналлаах.
Ил Түмэн Арассыыйа биир тутаах эрэгийиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ инники сайдыытын хаамыытын быһаарар бэлитиичэскэй тиһигин сорҕотунан буолар. Хас биирдии дьокутаат элбэх омук олорор өрөспүүбүлүкэтин олоҕун-дьаһаҕын уратыларын учуоттаан, быраап баазатын оҥорууга бэйэлэрин тугунан да сыаналаммат кылааттарын киллэрэллэр.
Арассыыйа парламентаризмын бөҕөргөтүүгэ саха парламенын социальнай эйгэҕэ, дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр, төрүт олохтоох хотугу норуоттары өйөөһүҥҥэ, экологияҕа итиэннэ Арктика зонатын сайыннарыыга көҕүлээһиннэрэ федеральнай сокуоннары оҥорууга тирэх буолбуттара.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыгар, миэхэ, Саха сирин олохтоохторун, Ийэ дойдубут интэриэстэрин туһугар ардыгар олус судургута суох быһаарыылары ылынарбар парламент тирэҕинэн буолар. Ити ордук билигин Ийэ дойдубут кырдьык, көҥүл уонна инники кэскил иһин охсуһуутугар былаас бары салааларын итиэннэ бүттүүн норуот сомоҕолоһуулара кыайыыга суолтата олус улахан.
Биһиги уопсай үлэбит-хамнаспыт Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дойдуну сайыннарыыга туруорар стратегическай соруктарын олоххо киллэриигэ туһуланар. Онон өрөспүүбүлүкэ иннигэр экэниэмикэни өрө көтөҕүүгэ, киһи хапытаалын сайыннарыыга, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын тупсарыыга дьоһун соруктар тураллар. Ону быһаарарга Ил Түмэн сабыдыала улахан, федеральнай таһымнаах сокуоннары оҥорорго кыттыыта көдьүүстээх буолуоҕа. Норуот дьокутааттарын куорпуһун уопута кэлэр да өттүгэр өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар парламент таһаарыылаах үлэтин мэктиэлиэҕэ.
Мин икки ыҥырыыга норуот дьокутаата этим, ол бэлиитик быһыытынан ситэрбэр-хоторбор, биир дойдулаахтарым иннилэригэр үрдүк эппиэтинэһи сүгэрбин өйдөппүтэ. Сомоҕолоһуу санаатын иҥэрбиттэригэр, түмсүүлээх буоллахха туруоруллубут сорук ситиһиллэрин, уустук боппуруос быһаарылларын өйдөппүттэрин иһин, дьокутааттаабыт кэммэр бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрбэр истиҥник махтанабын. Мин санаабар парламентаризм ис дьиҥэ, суолтата итиннэ сытар.
Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) кэлэр даҕаны өттүгэр гражданскай уопсастыба сирдьитэ, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун өйдөрүн-санааларын тиэрдээччи буолуоҕа диэн эрэнэбин.
Бүгүн, 2024 сыл кулун тутар маҥнайгы күнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕа (Ил Түмэн) отут сыллаах кэрдиис кэмин түмүктүүр уонна инники сайдыытын торумнуур улахан суолталаах күн.
Бары кэллиэгэлэрбэр, дьокутааттарга, өрөспүүбүлүкэ сокуону оҥорор былааһын бэтэрээннэригэр ситиһиилэри, өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарын, нэһилиэнньэ олоҕо-дьаһаҕа бигэ туруктаах буоларын туһугар былааннаммыт соруктар туолалларыгар баҕарабын!
Айсен Николаев,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана,
II уонна III ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: