Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ буолуоҕа

Share

Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиилээх тахсыаҕа. Бу докумуон үгэс быһыытынан эрэгийиэн кэлэр сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ дьонун олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туһаайыллар инники турар сүрүн соруктарын быһаарар ис хоһоонноох. «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков бу туһунан санаатын эттэ. 

— Ураты болҕомто тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар миэрэлэргэ ууруллуоҕа. Саҥа экэнэмиичэскэй усулуобуйаҕа олоҕуран, ордук болҕомто пиэрмэрдэргэ уонна аныгы технологиялары киллэриигэ туһаайыллыаҕа.  Табаны иитиини уонна үүт-эт аһылыгы оҥорууну киллэрэн туран, сүөһүнү иитиини сайыннарыы сүрүн хайысха быһыытынан хаалыаҕа.

Доруобуйа харыстабыла суолталаах хайысханан хаалыаҕа. Биир ситиһиилээх быһаарыынан быраастар мобильнай биригээдэлэрин тэрийии буолар. Ил Дархан көҕүлээбит бу этиитин нэһилиэнньэ биһирээтэ. Өрөспүүбүлүкэ саамай ыраах сытар улуустарыгар мэдиссиинэ өҥөтө тиийбэт кыһалҕатын быһаарар саамай көдьүүстээх ньыма буолла.

Туһаайан этиигэ суолталаах миэстэни Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылын бэлиэтээһин ылыаҕа.  Улахан болҕомто социальнай уонна мэдиссиинискэй хааччыйыыны киллэрэн туран бэтэрээннэри уонна тыыл бэтэрээннэрин өйөөһүҥҥэ ууруллуоҕа.

“Тооку” оҕо ханаалын туспа бэлиэтиир ирдэнэр. Ааспыт сырыыга Ил Дархан суукканы эргиччи үлэлиир оҕо ханаалын туһунан сорук туруорбута. Этиллибит соругу толордубут — бэс ыйын 1 күнүттэн “Тооку” ханаал үлэтин саҕалаабыта. Тустаах бырайыагы оҕолор, төрөппүттэр биһирээтилэр, саха тылын уонна култууратын тарҕатыыга сүрүн үстүрүмүөн буолар.

Ити курдук Ил Дархан сыллааҕы Туһаайан этиитэ эрэгийиэн салгыы сайдыытыгар сүрүн ыйыынан буолуоҕа.

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Ольга Балабкина: «Биһиги Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ыччаты патриотическай иитиигэ бэлиитикэтин өйдүүбүт»

Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии саҕаланна. СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солуйааччы Ольга Балабкина «Путь…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Петр Шамаев: «Күрэхтэһиигэ күүс-күдэх эрэ буолбакка, өй-санаа, билии-көрүү, үөрүйэх элбэҕи быһаарыа»

Бүгүн Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии аһылынна. Күрэхтэһиигэ Арассыыйа түөрт эрэгийиэниттэн: Хабаровскай кыраайтан, Волгоградскай…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

«Путь воина» күрэхтэһии үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна

Бүгүн «Энергетик» оҕо лааҕырын баазатыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Күрэхтэһии…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Наушник уорбут эдэр киһи икки сылга көҥүлэ быһыллыан сөп

Дьокуускайдааҕы полиция 2-с №-дээх отделын дьуһуурунай чааһыгар көмпүүтэрдиир кулууп бэрэстэбиитэлэ наушник уоруллубутун туһунан иһитиннэрбит. Бу…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа кыайыыта хаһааҥҥытааҕар да итэҕэтиилээх буолла

Сорох социальнай ситимҥэ "Биир ньыгыл Арассыыйа" бэлитиичэскэй баартыйа балаҕан ыйын 14 күнүнээҕи быыбарга бэйэтигэр ылыммыт…

4 часа ago
  • Уопсастыба

Үөрэнээччи күҥҥэ хайдах аһыахтааҕый?

Оҕо ыалдьыбатын уонна уруоктар кэннилэриттэн сылайбатын туһуттан сөпкө аһыы-сии сылдьыахтаах. Үөрэнээччи күннээҕи аһылыгын рационун туһунан…

5 часов ago