Ил Дархан Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитэ ыытыллыаҕа
Ил Дархан Айсен Николаев бу сыл ахсынньы 19 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин иһитиннэриэҕэ.
Кини ааһан эрэр сыл сүрүн түмүктэрин таһаарыа, чугастааҕы уонна уһун болдьоххо өрөспүүбүлүкэ стратегияескай сайдыытын, парламент, бырабыыталыстыба уонна олохтоох салайыныы уорганнарын үлэлэрин сүрүн хайысхаларын быһаарыаҕа. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.
«Аныгыскы сыл биһиэхэ ураты түгэн — Улуу Кыайыы 80 сылын көрсөбүт. Ону таһынан экэниэмикэҕэ судургута суох сылга биһиги ситиһиилэрбитин сэргэ 2025 сылга былааннарбытын, быһаарыллыахтаах кыһалҕаларбытын туһанан кэпсиэм. Судаарыстыбаннай былаас федеральнай уорганнарын, биһиги оройуоннарбытын, бырабыыталыстыбабыт, парламены, норуоппутун кытта бииргэ Саха сиригэр дьон- сэргэ өссө үчүгэйдик олорорун туһугар ситиһиилээхтик быһаарсыахпыт диэн эрэнэбин. Бу биһиги сүрүн сорукпут», — диэтэ Айсен Николаев «Прямой разговор» биэрии кэмигэр. Норуот дьокутааттарын таһынан, мунньаҕы истиигэ бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, муниципальнай оройуоннар уонна куораттааҕы уокуруктар баһылыктара, тэрилтэлэр салайааччылара кыттыыны ылыахтара.
Саха сириттэн Федерация Сэбиэтин сенатордара уонна Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттара, суут былааһын уонна борокуратуура бэрэстэбиитэллэрэ, өрөспүүбүлүкэ ситэриилээх былааһын федеральнай уорганнарын салайааччылара, ону тэҥэ үгэс уопчастыбаннай диэйэтэллэр лидердэрэ кытталлара былааннанар. Тэрээһин СӨ 1 №- дээх дьиэтин саалатыгар ыытыллар. Саҕаланар сарсыарда 11:00 чаастан.«Якутия 24«, «Саха сирэ» НКИХ, «Россия 24» ханаалларынан көрдөрүөхтэрэ, «Тэтим» уонна «Радио России» араадьыйаларынан иһитиннэриэхтэрэ .
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: